473 582 киһи тумууттан быһыы ылла
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын чахчытынан, ахсынньы 8 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 тыһыынчаттан тахса киһи ОРВИнан ыалдьыбыта бэлиэтэнэн, көрдөрүү ааспыт нэдиэлэтээҕэр 2 % намтаабыт.
Лабораторнай чинчийиилэр сүрүннээн парагрипп, метапневмовирус, РС-вирус, аденовирус, риновирус, бокавирус уонна COVID-19 коронавирустара элбээбитин көрдөрбүттэр.
2024 сыл 49-с нэдиэлэтин (ахсынньы 2 - ахсынньы 8 күннэрэ) түмүгүнэн, 473 582 киһи тумууттан быһыы ылбыт, ол иһигэр: 189 260 оҕо, 284 322 улахан киһи.
Тумууну, ОРВИ, COVID-19 ыарыылары сэрэтэр судургу дьаһаллары санатабыт:
- илиини кичэйэн уонна чаастатык суунуу;
- ыарыы сибикилээх дьону кытта алтыһыыны тохтотуу;
- дьиэни салгылатыы;
- элбэх киһилээх сирдэртэн туттунуу;
- элбэх киһилээх сирдэргэ мааскалаах сылдьыы;
- кирдээх илиинэн сирэйи, хараҕы, муруну таҕайартан туттунуу;
- чөл олоҕу тутуһуу;
- ыарыы сибикитэ билиннэҕинэ, тутатына бырааска көрдөрүү.
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатыгар иһитиннэрэллэринэн, балаһыанньа биэдэмистибэ хонтуруолугар турар.