11.07.2023 | 12:25

35 уулусса дэхсилэннэ

35 уулусса дэхсилэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 6 күнүттэн саҕалаан атырдьах ыйыгар диэри куорат суолларыгар суол көҥүтэ барбытын дэхсилиир «дьаама өрөмүөнэ» ыытыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 35 уулуссаҕа 12 тыһ. кв м иэннээх өрөмүөн түмүктэммит.
Ол курдук, Хабаров, Быковскай, Гагарин, Богатырев, Лермонтов, Дзержинскэй, Богдан Чижик, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, Ойуунускай, Ярославскай, Федор Попов, Дежнев, Стадухин, Халтурин, Петр Алексеев, Өктөөп 50 сыла автострада, Севастопольскай, Строителлэр, Чиряев, Жорницкай, Пионерскай, Новокарьернай, Горькай, Тургенев, Петровскай, Бестужев-Марлинскай, Свердлов, Семен Данилов, Ксенофонт Уткин, Автодорожнай, Роман Дмитриев уулуссаларыгар, Сэргэлээх шоссетыгар, Бүлүү трагыгар, Хатыҥ Үрэх, Новообъездной шосселарга «дьаама» өрөмүөнэ түмүктэммит.  
Бэдэрээтчиттэр - «Якутдорстрой» АУо, «РИК Автодор» АУо, «Сэттэ» ДРСУ уонна «Дороги Саха» САУо.
Куорат хаһаайыстыбатын салайар сулууспа салайааччыта Владимир Аммосов иһитиннэрбитинэн, өрөмүөннэнэр учаастактары мониторинг көмөтүнэн уонна ГИБДД управлениетын уонна нэһилиэнньэ үҥсүүлэринэн быһаараллар.    
От ыйын 10 күнүнээҕи түмүгүнэн үлэ Красильников уулуссатыгар уонна Покровскай тракка бара турар.   
«Дьаама» өрөмүөнүгэр 36,8 мөл.солк. кээмэйдээх муниципальнай контракт түһэрсиллибитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...