26.01.2024 | 15:30

32 км суол Дьокуускайга 2024 сылга өрөмүөннэниэҕэ

32 км суол Дьокуускайга 2024 сылга өрөмүөннэниэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан үүммүт 2024 сылга киин куоракка 32,4 км устаалаах суол өрөмүөннэниэҕэ.

«Главстрой» МХТ иһитиннэрэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ 19 эбийиэктэн 16-гар хантараак түһэрсиллибит. Ол курдук, Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри кэрчигин 4 балаһаҕа диэри кэҥэтии үлэтэ түмүктэнэр. Маны сэргэ бу уулуссаҕа Севастопольскай уулуссаттан Өктөөп 50 сыла автострадаҕа диэри хапытаалынай өрөмүөн түмүктэнэр.

Винокуров уулуссатын Ильменскэйтэн Чайковскай уулуссатыгар диэри саҥардан тутуу, Бүлүүлүүр суол быһа охсуһуутун Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа диэри учаастагын, Иван Крафт уулуссатын Иван Кульбертинов уулуссатыттан Эргэ Покровскайдыыр суолга диэри учаастагын, Кангалаас бөһүөлэгэр Ольховая уулусса, Птицефабрика оройуонугар элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар киирэр Хомустаах уулусса хапытаалынай өрөмүөннэрэ тмүктэниэҕэ.

2024 сылга хапытаалынай өрөмүөн өссө маннык уулуссаларга ыытыллар: Речниктэр уулуссаларын Бабушкин уулуссатыттан Рихард Зорге уулуссатыгар диэри кэрчигэ, Сэргэлээх шоссетын 5 км «Берегиня» оҕо дьиэтигэр тиэрдэр суол, Бестужев-Марлинскай уулуссатын Богдан Чижик уулуссатыттан Кальвица уулуссатыгар диэри кэрчигэ, Кузьмин уулуссата (2 учаастак), Тускул» дьоҕус оройуоҥҥа Сайдыы уулусса, Макаренко, Генерал Притузов уулуссалара, Рыдзинскай уулуссатын Жорницкай уулуссатыттан Халтурин уулуссатыгар диэри учаастага, Мархаҕа Мелиоратордар уулуссалара, Сыырдаахха УДС, Севернай кыбаартал (2-с уочарата) суолларын хапытаалыгай өрөмүөнэ уонна Автомобилистар уулуссаларын Автодорожнайтан Сэргэлээх күөлүгэр диэри кэрчигэ.

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан маны сэргэ эбии 2,6 км усталаах эбийиэктэри бэлэмнээһин ыытыллар.

Бэлиэтээн эттэххэ, 2023 сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан Дьокуускайга 30 км усталаах суол оҥоһулунна. Ол курдук 2019 сылтан, барыйыак саҕаланыаҕыттан, киин куорат 164 км усталаах уулусса-суол ситимэ нуормаҕа эппиэттиир гына оҥоһулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...