3-с №-дээх поликлиника саҥа суһал нүөмэрдэннэ
Дьокуускай куорат 3-с №-дээх балыыһатыгар саҥа суһал нүөмэр баар буолла. Бу туһунан Росздравнадзор өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын салайааччыта Евгений Иннокентьев быһа эфир кэмигэр иһитиннэрдэ.
Медицинскэй тэрилтэлэр нүөмэрдэригэр эрийэн тиийэр ыараханын туһунан олохтоохтортон элбэх үҥсүү киирэрин бэлиэтээтэ.
«Бу боппуруоска тустаах дьаһаллар ылыллаллар. Дьокуускай куорат 3-с №-дээх балыыһата саҥа суһал нүөмэри үлэлэттэ — 8-800-200-54-54. Бу нүөмэргэ билигин уон оператор үлэлиир», — диэн эттэ.
Ону тэҥэ, Росздравнадзор салайааччыта коронавирустаабыт ыарыһахтарга оҥоһуллар медицинскэй өҥө хаачыстыбатын кэтээн көрүү ыытылларын иһитиннэрдэ. Ол иһигэр суһал медицинскэй көмөнү, ПЦР уонна КТ чинчийиилэри ыытыыны, телемедицинскэй консультациялары, амбулаторнай уонна стационарнай ыарыһахтарга оҥоһуллар өҥөлөрү эмиэ.