26.03.2024 | 15:10

264 байыаннай төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэниини ааста

264 байыаннай төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэниини ааста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин Ил Дарханын ыйааҕынан уонна атын нуорма-быраап аакталарынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аадырыстаах көмөнү оҥоруу тиһигин быспакка ыытыллар. 

«Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 93 ыалга дьиэҕэ гаас ситимин тардыыга материальнай көмө оҥоһулунна. Маны сэргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа 264 байыас төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэниини аастылар, 247 байыас дьиэ кэргэнин бэрэстэбиитэлэ байыаннай эмтэниини ааһар сиригэр баран кэллилэр», – диэн иһитиннэрдэ кулун тутар 25 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов.

Анал байыаннай дьайыы 1500 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр реабилитацияны ааспыт, 173 киһи дьиэҕэ уонна тэйиччиттэн социальнай өҥөнөн туһаммыт. Георгий Степанов бэлиэтээбитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ үс сылга биирдэ өрөспүүбүлүкэ уонна Москва «Бэс чагда» санаторийдарыгар 14 хонуктаах санаторнай-курортнай эмтэниигэ сылдьыахтарын сөп.
Социальнай көмө бу көрүҥүнэн туһаныан баҕалаахтар сайабылыанньаларын МФЦ эбэтэр e-yakutia.ru нөҥүө биэриэхтэрин сөп, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...