03.02.2023 | 19:49

2032 сылга диэри киин куоракка хаарбах дьиэ суох буолар

2032 сылга диэри киин куоракка хаарбах дьиэ суох буолар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2021 сыл балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи «2032 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын – Дьокуускай куораты сайыннарыы туһунан» ыйааҕы олоххо киллэрии чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев, баһылыгы солбуйааччылар, Ил Түмэн, Куорат дууматын дьокутааттара, структуралар, куорат тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыылаах киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы ыытта. 

Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, киин куорат маастар-былаанын олоххо киллэриигэ 2023-2024 сылларга 10 млрд солк. көрүллүбүт. 
Уһук Илин 25 куоратын сайыннарыыга бүддьүөт кирэдьиитин иитинэн федеральнай бүддьүөт Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан 100 млрд солк. көрөр. Федеральнай үбүлээһининэн туһанар куораттар испииһэктэригэр Саха сириттэн Дьокуускай уонна Нерюнгри киирбиттэр.
Бу харчы суотугар Дьокуускай куорат 2, 4, 17 кыбаарталларыгар тутуллар «Спортивнай» дьоҕус оройуон инфраструктурата, Ленин болуоссата уонна Сайсары кытыла оҥоһуллар. Үлэ быйыл саҕаланар. 
Ыытыллаары турар үйэҕэ буолбатах баараҕай үлэни Ил Дархан салайааччылаах Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы бырайыактыыр офис үүннүүр-тэһиинниир.
2021 сылтан «Звезднай» дьоҕус оройуону комплекснай сайыннарыы инвестиционнай бырайыага олоххо киллэриллэ турар. Бу, Саха сирэ биир бастакынан сайаапка биэрэн, 3 686 мөл. солк. иэннээх бүддьүөт кирэдьиитин ылар кыаҕы ситиспитин суотугар ыытыллар. Маны сэргэ 990 миэстэлээх оскуола уонна поликлиника тутуутугар 2,7 млрд солк. иэннээх облигация ылар ситиһиллибит. 2028 сылга диэри 265 тыһ. кв. м. уопсай иэннээх олорор дьиэ тутуллуоҕа, манна 11 тыһыынча кэриҥэ киһи олохсуйан, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ төһүү күүс буолар диэтилэр. 
Тиэргэни тупсарыыны үбүлээһин иэнэ эмиэ улаатан, 450 мөл. солк. тиийэрэ күүтүллэр. Онон, куораты тупсарыыга үйэҕэ буолбатах үбүлээһин киирээри турар. Онуоха нэһилиэнньэ кыттыыта сүҥкэн суолталаах, хас биирдии тиэргэн бырайыага, тутуу үлэтэ дьэҥкэ, наада буоллаҕына, хонтуруолланыахтаах. 
Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан ыйааҕын олоххо киллэрии комплекснай былаан быһыытынан ыытыллар. Ол иһигэр тиэргэни тупсарыы уонна өрөмүөннээһин, оптуобус пааркатын саҥардыы болдьоҕун иннинэ олоххо киирбиттэрэн эттэ. Оҕо саадтарын хапытаалынай өрөмүөнүн үбүлээһиҥҥэ уонна чааһынай оҕо саадтарын субсидиятын улаатыннарыыга эмиэ болҕомто ууруллара наадатын бэлиэтээтэ. Маны сэргэ 2019-2025 сс. хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата болдьоҕун иининэ 2023 сылга бүтэр кэскиллээҕин бэлиэтээн туран, ситиһиллибит тиэмпэни ыһыктыбакка, 2024-2025 сс. үбүлээһин кыалыннаҕына, 2032 сылга Дьокуускайга хаарбах дьиэ суох буолуон сөп эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....