17.03.2024 | 14:00

2024-2026 сылларга киэҥ далааһыннаах үлэ күүтүллэр

Бу иннинэ Дьокуускай куоракка Инфраструктураны сайыннарыы үс сыла биллэриллибитин туһунан иһитиннэрэн турабыт. Онон 2024-2026 сылларга киэҥ далааһыннаах үтүмэн үлэ ыытыллыахтаах.
2024-2026 сылларга киэҥ далааһыннаах  үлэ күүтүллэр
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ол курдук, уопсастыбаннай тырааныспар систиэмэтэ саҥардыллыахтаах, сылаас тохтобул элбиэхтээх, уулуссаны сырдатыы үлэтэ күүһүрүөхтээх, гаастааһын тэтимэ түргэтиэхтээх, Табаҕаҕа уонна Кангалааска канализацияны ыраастыыр тутуу оҥоһуллуохтаах. Марха оройуона уунан, элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастагынан хааччыллыахтаахтар. Атын сүрүн соруктар – ууну ыытыы систиэмэтин саҥардыы уонна сайыннарыы, куорат ханаалын сүүрдүүнү сөргүтүү уонна куорат күөллэрин экологиятын тупсарыы.

Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр куорат инфраструктуратын сайыннарар хайысханы барытын хабар кыахпыт суох, аҕыйах түгэҥҥэ тохтуохха.

2026 сылга диэри – 100 сылаас тохтобул

Хаһыаппытыгар быйылгыттан куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимэ уларыйарын, сырыы саҥа схемата оҥоһуллаары турарын тиһигин быспакка суруйабыт, ааҕааччыларбытыгар кэпсиибит. Сылаас тохтобуллар тустарынан сойо илик сонуннары таһаара олоробут.

Соторутааҕыта куорат баһылыга Евгений Григорьев “Якутия в деталях” биэриигэ ыалдьыттаата. Онно сылаас тохтобулларга сыһыаннаах биир интэриэһинэй ыйытыы киирбитэ:

– Биһиги куораппытыгар саҥа сылаас тохтобуллар тоҕо суол биир эрэ өттүгэр туруоруллалларый? Холобур, “Алмаасэргиэнбаан” тохтобулга Кыайыы болуоссатын диэки барар өттүгэр эрэ баар, суол нөҥүө өттүгэр оҕолор тоҥо тураллар. “Лена” киинэ тыйаатырын, Доҕордоһуу болуоссатын, “Киин” киинэ тыйаатырын о.д.а. тохтобулларыгар эмиэ оннук. Инникитин суол икки өттүгэр туруоруллар буолуохтара дуо?

Маныаха баһылык бу курдук сиһилии хоруйдаабыта, үлэ хайдах ыытылларын судургу тылынан быһаарбыта:

–  Биллэн турар, сылаас тохтобуллар ханна барытыгар баар буолуохтаахтар. Ол эрээри, хомойуох иһин, сылаас тохтобуллары санаабыт сирбитигэр туруорар кыахпыт суох. Тоҕо оннугун быһаарыым. Омос көрдөххө, кураанах учаастак турар, ол эрээри инженернэй ситимҥэ (уот, гаас, уу ситимнэрэ, канализация) сыһыаннаах хааччахтар баар буолуохтарын сөп. Итинник харыстанар, тутуу ыытыллара көҥүллэммэт зоналар бааллар. Холобура, саахал тахсар түгэнигэр, хаһар, төттөрү көмөр, өрөмүөн үлэтин ыытар наада. Онон ханнык эмэ эбийиэги туруоруохпут иннинэ нэһилиэнньэни уунан, уотунан, гааһынан хааччыйар тэрилтэлэри кытта сөбүлэҥ үлэтин хайаан да ыытабыт. Сорох сиргэ көҥүл ылабыт, сорох сиргэ – суох. Сылаас тохтобуллары туруорарга итинник кэккэ түгэннэр баар буолуохтарын сөп.

“Инникитин ханна кыалларынан, төһө сатанарынан саҥа эбийиэктэри туруоруохпут. Үлэ салҕанар. Барытын биирдэ оҥорор табыллыбат, сыыйа-баайа элбэтэн иһиэхпит. Үс кэнники сылга 46 сылаас тохтобулу үлэҕэ киллэрдибит. 2026 сылга диэри былаан быһыытынан сылаас тохтобул ахсаанын 100-кэ тиэрдэр соруктаахпыт. Мин санаабар, биһиги курдук тыйыс килиимэттээх дойдуга сылаас тохтобул – уулусса-суол ситимин быстыбат сорҕото”, – диэбитэ куорат баһылыга.

Уулуссалары сырдатыы

Бу – уһун кыһыннаах дойду олохтоохторугар биир тыын боппуруос. Куорат уонна таһынааҕы бөһүөлэктэр уулуссалара сырдатыллалларыгар үтүмэн үлэ ыытыллар. Бэл диэтэр, урукку өттүгэр ытыс таһынар хараҥа сирдэр кытта хабылыннылар. Сатыы дьон, суоппардар куорат уулуссаларыгар киэһэ хойукка диэри, түүҥҥү хараҥаҕа холкутук айанныыр кыахтаннылар. 

Маныаха 2020 сылтан “Сырдык киин куорат” бырайыак үлэлиир. Сүрүн толорооччу – “Горсвет” муниципальнай унитарнай тэрилтэ. Бу хайысхаҕа былырыыҥҥы үбүлээһин кээмэйэ 76 мөл. солк. тэҥнэспитэ. Ол түмүгэр 2023 сылга 768 светильник уонна 514 уот тирээбилэ туруоруллубута.

Салгыы сыыппаралары сыымайдыыр буоллахха, Дьокуускай куорат маастар-былааныгар уулуссалары сырдатыы систиэмэтин тутуу уонна саҥардыы бырайыагар 7,9 млрд солк. көрүллүбүт. 

Бу иннинэ Евгений Григорьев: “Кэлэр сылларга концессионнай сөбүлэҥи түһэрсэн, куораты толору сырдатар соруктаахпыт”, – диэн турар.

Социальнай гаастааһын

Бырагыраама олоххо тэтимнээхтик киирэр. “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” муниципальнай хааһына тэрилтэтэ иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга бу хайысхаҕа үлэ былаана туолбут, ону ааһан куоһарбыт. Ол курдук, былааннаммыт 753 дьиэ оннугар 1012 дьиэ гаас ситимигэр холбоноро ситиһиллибит. 1259 дьиэҕэ гаас ситимэ тардылларыгар бэлэмнээн, тутар-таҥар үлэ ыытыллыбыт.

Манна эбэн эттэххэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын 2010 сыл кулун тутар 19 күнүгэр тахсыбыт 104№-дээх «Об утверждении Положения об оказании единовременной адресной материальной помощи малоимущим и отдельным категориям граждан на газификацию индивидуальных жилых домов» уурааҕынан былырыын 399 сайабылыанньа биэрээччи материальнай көмөнү ылбыт.

 

Быйылгы былаан хайдаҕый? Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 703 дьиэ гааһынан хааччыллара күүтүллэр. Баҕар, былырыыҥҥы курдук, үлэ былаанын куоһарыы да баар буолуон сөп.

Чалбаҕы суох оҥорорго!

Чалбах уонна бадараан – куорат биир сытыы кыһалҕата. Сорох уулуссаларбыт саас хаар уулларын саҕана, сайыҥҥы, күһүҥҥү дохсун ардах кэнниттэн “күөлгэ” кубулуйаллара, сорох тиэргэннэр, дьиэлэр ууга усталлара кистэл буолбатах. Уу биирдэ булбут сирин син биир ыла турар – сир анныттан кэлэр, онно өссө ардах, хаар уута эбиллэр. Ол аайы куорат хаһаайыстыбатын тутаах салаалара, анал тиэхиньикэ күнүстэри-түүннэри үлэлииргэ күһэллэллэр, чалбаҕы хачайдыыр, оборторор түбүккэ түһэллэр. Ити миэрэ быстах кэмҥэ эрэ туһалыыр, куорат бүддьүөтүгэр да улахан охсуулаах. Онон кыһалҕаны төрдүттэн быһаарар сонун суоллары тобулар уолдьаста.

Дьиҥэр, кэнники сылларга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн киин куоракка үгүс уулусса-суол ситимэ оҥоһуллар, эбийиэктэр уу ааһар лотуоктаах тутуллаллар. Уруккуга холоотоххо, төһө эмэ тубустубут, ол эрээри боппуруос олоччу быһаарылынна диэн этэр кыах суох. Эрэлбит –  куорат маастар-былааныгар. Маныаха Дьокуускай үрдүнэн ууну аһардар саҥа систиэмэни тутуу уонна саҥардан оҥоруу барыла бигэргэтиллэн киирбитэ. Бырайыак былааннаммыт сыаната 9,9 млрд солк. тэҥнэһэр, ол чэрчитинэн 198 км уһуннаах конструкция тутуллуохтаах.

 

Ити этиллибит инженернэй систиэмэни тутуу үгүс үбү уонна сыраны, ырааҕы-киэҥи ыраҥалыыр толкуйу, элбэх сыллаах киэҥ далааһыннаах үлэни эрэйэр бырайыак. Бу уустук оҥоһуулаах систиэмэҕэ ууну аһардар лотуоктар, ууну сүүрдэр суолахтар (желоба), ардах уута мунньуллар холуодьастар, канализация турбалара, коллектордар, онтон да атын тутуулар киирэллэр.

 

Инникитин ити этиллибит хайысхалары биир-биир  ырытыахпыт, туох уларыйыылар буолалларын уталыппакка, утары кэпсииргэ дьулуһуохпут. 
2024-2026 сс. биллэриллибит Инфраструктураны сайыннарыы үс сылыгар туох үлэ оҥоһулларын “Киин куорат” сонуннарыттан билэ-көрө олоруҥ.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....