18.08.2023 | 12:00

2024-2025 сс. Дьокуускай оскуолалара бары саҥардыллыахтаахтар

2024-2025 сс. Дьокуускай оскуолалара бары саҥардыллыахтаахтар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Үөрэх кыһаларын өрөмүөннүүр федеральнай бырагырааманан быйыл Дьокуускай куоракка 13 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар: 5, 7, 12, 13, 19, 24, 26, 29, 38 №№-дээх оскуолаларга, Национальнай гимназияҕа (ЯГНГ) уонна үс нэһилиэк оскуолатыгар – Табаҕа, Хатас, Маҕан.
Үлэ салгыы маннык тэтиминэн бардаҕына, 2024 уонна 2025 сылларга куорат оскуолалара бүтүннүү саҥардыллыахтаахтар.

Пригороднайга өрөмүөнү төрөппүттэр хонтуруоллаатылар

12-с нүөмэрдээх орто оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ «Модернизация школьных систем образования» федеральнай бырагырааманан үбүлэнэр. Бэдэрээтчит – “Комрит” ХЭТ.

Оскуола дьиэтин таһа уларыйда, ону таһынан канализациятын ситимэ барыта, бастакы этээс түннүктэрэ, кабинеттар ааннара, спорт саалатын муостата саҥанан солбулуннулар.

Оскуола иһигэр толору косметическай өрөмүөн оҥоһулунна: көрүдүөрдэргэ муоста уонна үрдүн билиитэлэрэ уларыйдылар, дьиэ эркинэ барыта тэҥнэннэ, кырааскаланна, кабинеттарга саҥа линолеум тэлгэннэ.

Санузел уонна сантехника барыта саҥа туруорулунна. Кабинеттары уларыта тутуу эмиэ баар, ол түмүгэр кылаастар кэҥээн биэрбиттэр. Баһаары сэрэтэр аналлаах систиэмэ саҥардыллыбыт. Хапытаалынай өрөмүөн бүтэһик түһүмэҕэр видео кэтээн көрүү тэрилэ туруохтаах, ону кытта харабыллыыр сигнализация баар буолуохтаах.

Саҥардыллыбыт оскуолаҕа саҥа паарталар, олоппостор, интерактивнай панеллар туруохтара. Өрөмүөн устатыгар көхтөөх төрөппүттэр хонтуруол үлэтин ыыппыттар. Кабинеттар сэбилэниилэрин, туохха ананалларын, дизайн боппуруостарын, бэл, оскуола тас бүрүөһүнүн кытта төрөппүттэри кытта ырытыһан талбыттар.

Саҥа үөрэх дьылыгар Пригороднайга түөрт маҥнайгы кылаас арыллар: 2 нуучча тылынан, 2 саха тылынан үөрэтэр кылаастар. Ааспыт нэдиэлэҕэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтин тутуу буолла. Дьокуускай куорат Үөрэхтээһиҥҥэ управлениета уонна “Главстрой” МХТ үлэ барыта кэмигэр толоруллубутун уонна ирдэбиллэргэ эппиэттиирин бэлиэтээтилэр.

Табаҕа оскуолата саҥардылынна

Табаҕа орто оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн өссө да салҕанар.

 Истиэнэлэри кырааскалааһын бүтэр тиһигэр тиийбит, кылаастары брендбук быһыытынан кырааскалаан эрэллэр.

Көрүдүөрдэр муосталара барыта уларыйбыт. Баһаары утары ирдэбиллэргэ эппиэттиир саҥа ааннар турбуттар.

Киирэр кирилиэс, үрдүн сабыы барыта хаттаан оҥоһуллубут.

Тымныы уу ситимин өрөмүөнэ бүтэн эрэр, ититии систиэмэтэ оҥоһуллар.

Эмиэ атын өрөмүөннэммит оскуолаларга курдук, кылаастарга сабыс-саҥа миэбэл туруоҕа.

Маҕаҥҥа үлэ бүтэн эрэр

Маҕан орто оскуолатыгар өрөмүөн үлэтэ 95 бырыһыан бэлэм. 

Бастакы, иккис этээс өрөмүөннэммит – эркиннэр кырааскаламмыттар, саҥа линолеум тэлгэммит, үрдэ барыта уларыйбыт, саҥа лаампалары, электричество ситимин тардыы барар.

Сантехника уларыйар, кирилиэстэр үктэллэрэ кырааскаланар. Начаалынай кылаастар кабинеттара уонна остолобуой кырааскатын дизайнердар оҥороллор. Спорт саалатыгар итиини хааччыйар батареяларга хахха туруораллар.

Мас муосталары хаттаан тэҥнээн биэрбиттэр. Саҥа миэбэли таҥан эрэллэр. Өрөмүөн үлэтэ, кылаастар сэбилэниилэрэ, миэбэл барыта федеральнай бырагырааманан ылыллар.

Оскуола фасадын керамограниттыыллар. Кырыыһытыгар ууну аһардар систиэмэ толкуйдаахтык оҥоһуллубут.

Бэдэрээтчит “Вертикаль” ХЭТ босхо, бэлэх быһыытынан, сүрүн киирии аан үрдүн сабыытын оҥорон биэриэх буолбут.

Оскуола кэлэктиибэ уонна үөрэнээччилэрэ саҥардыллыбыт оскуола үлэҕэ киирэрин долгуйа кэтэһэллэр.

Сэттис оскуола өрөмүөнүн тула...

Дьокуускай биир саамай улахан, 7-ис нүөмэрдээх орто оскуолатыгар хапытаалынанй өрөмүөн түмүктэнэр биэтэгэр кэлэн эрэр. Бастакы симиэтэнэн өрөмүөҥҥэ 220 мөл. солк. наада диэн суоттаммыт буоллаҕына, бырагырааманан 127 мөл. солк. тыырыллыбытын Үөрэхтээһин управлениета бу күннэргэ иһитиннэрдэ. Маныаха кылаастар өрөмүөннэригэр харчы хомуйан эрэллэр диэн социальнай ситимнэргэ төрөппүттэр иһитиннэриилэрэ тарҕаммыта төрүөт буолла. Ол иһин Үөрэхтээһин управлениета, оскуола администрацията барытын быһааран сурук тарҕаттылар.

Ол курдук, Үөрэхтээһин управлениета иһитиннэрэринэн, аукцион ыытыллыбытын кэннэ хапытаалынай өрөмүөн суумата 120 мөл. 700 тыһ. солк. тэҥнэспит. Бэдэрээтчитинэн “Монтажник” ПК буолбут.

Ититии систиэмэтэ барыта, канализация (оскуола иһигэр уонна аннынан), уу ситимэ, кырыыһатын бүрүөһүнэ, киирии ааннар, остолобуой, актовай саала, библиотека, 4 саппаас киирии аан оҥоһуллубуттар, туалеттар, фойе, көрүдүөрдэр өрөмүөннэммиттэр,  бастакы этээс муостата сылаас гына оҥоһуллубут, түннүктэр, кылаастар ааннара уларыйбыт.

Өрөмүөн үлэтин, буоларын курдук, көхтөөх төрөппүттэр хонтуруоллаабыттар. Ону тэҥэ Оскуола салайар сэбиэтэ көмө буолбут.

Уопсай симиэтэҕэ спортивнай саала өрөмүөнэ, оскуола фасадын уонна үрдүн кырааската, кылаас эркиннэрин кырааската хара маҥнайгыттан киирбэтэхтэр. Бастакы уочарат инженернэй коммуникацияларга, оскуола сылаас, электричество ситимэ туруктаах буоларыгар болҕомто ууруллубут.

Эһиилгигэ спорт саалатын өрөмүөнэ, фасад саҥардыллыыта былааннанар – бу Үөрэхтээһин управлениетын 2024 сыллааҕы өрөмүөҥҥэ былааныгар киирэн сылдьар.

Билигин техүлэһиттэр, оскуола кэлэктиибин уонна төрөппүттэрин күүстэринэн косметическай өрөмүөн ситэн эрэр. Үгүс төрөппүттэр бэйэлэрэ кыттыһан, оскуола өрөмүөнүгэр көмө буолаллар диэн оскуола телеграмм ханаалыгар иһитиннэрдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...