15.06.2023 | 19:49

2023 уонна былааннаах 2024-2025 сыллар бүддьүөттэригэр чопчулааһыннары дьокутааттар ылыннылар

2023 уонна былааннаах 2024-2025 сыллар бүддьүөттэригэр чопчулааһыннары дьокутааттар ылыннылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2023 сылга Дьокуускай куорат бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 26 569 мөл. солк. тэҥнэһээри турар, ол иһигэр нолуоктан уонна нолуогу таһынан киирэр үп иэнэ уларыйыыта суох хаалар – 9 724 мөл. солк.
Ол туһунан бэс ыйын 14 күнүгэр буолан ааспыт Дьокуускай куорат Дууматын уочараттаах 50-ус сессиятыгар куорат 2023 уонна былааннаах 2024-2025 сыллар бүддьүөттэригэр чопчулааһыннары көрүү боппуруоһугар Олохтоох дьаһалта Үпкэ департаменын начаалынньыга Ольга Максимова иһитиннэрдэ. 
2023 сылга дохуот кээмэйэ 26 569 мөл. солк. буоллаҕына, ороскуот кээмэйэ 28 385 мөл. солк. буолаары турар. 
«Сүрүн ороскуоттары төлөһөр сыалтан, 2023 сыл бүддьүөтүн диписиитин 789 мөл. солкуобайынан улаатыннаран, 1 816 мөл. солк. тиэрдиэхпит, ол эбэтэр нолуоктан уонна нолуогу таһынан киирэр үп кээмэйин 18,7 % тэҥнэһиэҕэ. Инньэ гынан диписиит кээмэйэ 8,1% буолуоҕа»,– диэн быһаарар Үп департаменын начаалынньыга Ольга Максимова.
Ольга Максимова бэлиэтээбитинэн, бары муниципальнай уонна ведомственнай тус сыаллаах бырагыраамалар ороскуоттара хаттаан көрүллүбүт. Ол курдук, бары 17 бырагыраамаҕа 26 226 мөл. солк. тыырыллар, ол эбэтэр ороскуот 92,4% ананар. Оттон бырагыраамаҕа киирсибэт хайысхаларга 2 159 мөл. солк. тыырыллыбыт, ол эбэтэр ороскуот 7,6%.
Саамай элбэх үп «Үөрэхтээһини сайыннарыы» муниципальнай бырагыраамаҕа эбиллибит – 792 мөл. солк., ол иһигэр:
– бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы трансфертар суоттарыгар 579,0 мөл. солк., ол иһигэр:
* судаарыстыбаннай боломуочуйанан хамнаһы үрдэтиигэ эбии 271 мөл. солк. кээмэйдээх субвенция харчыта;
* 2023 сыл бастакы аҥаарыгар оскуола иннинээҕи саастаах оҕону көрүүнэн уонна харайыынан дьарыктанар дьоҕус уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэрин өйүүргэ ананар субсидия 94 мөл. солк. улааппыт;
* Хатас орто оскуолатыгар эбии дьиэни атыылаһарга анаммыт субсидия 201 мөл. солк. улааппыт;
– 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан олохтоох бүддьүөккэ хаалбыт харчы суотугар бүддьүөт иэнин 213 мөл. солкуобайынан улаатыннарары чопчулуур сорук турар, ол иһигэр:
* 28 мөл. солк. – оҕо саадтарыгар хапытаалынай өрөмүөнү ыытырга уонна надзордуур уорганнар ыйыыларынан баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйарга, үөрэх кыһаларыгар КПП тэрийэргэ;
* 11 мөл. солк. – анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун сынньалаҥын ороскуотун 100% уйунарга;
* 93 мөл. солк. – чэпчэтиинэн туһанар категориялар 5-11 кылааска үөрэнэр оҕолор оскуолаҕа босхо аһыылларыгар уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин аһылыгынан хааччыйыыга;
* 80 мөл. солк. – муниципальнай үөрэх кыһаларын баайга-дуолга нолуоктарыгар уонна хомунаалынай төлөбүрдэригэр.
«Хомунаалынай инфраструктура тиһигин биир кэлимник сайыннарыы», «Куорат уокуругар аныгы куорат эйгэтин тэрийии», «Куорат нэһилиэнньэтин олорор дьиэнэн хааччыйыы», «Куорат нэһилиэнньэтигэр социальнай өйөбүлү уонна дьарыктаах буолууну хааччыйыы» муниципальнай бырагыраамалар ороскуоттарын улаатыннарар былаан баар. 
2024 сылга дохуот кээмэйэ 23 885 мөл. солк. тэҥнэһиэҕэ, ол иһигэр нолуоктан уонна нолуогу таһынан киирэр үп иэнэ уларыйыыта суох хаалар – 10 885 мөл. солк.
Оттон ороскуот кээмэйэ бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы 30 мөл. солк. иэннээх трансфертар суоттарыгар 23 885 мөл. солк. тэҥнэһэн, 2024 сыл бүддьүөтэ диписииитэ суох буолара былааннанар.
2025 сылга ороскуот чааһыгар уларыйыыта суох 24 898 мөл. солк. хаалар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...