31.12.2022 | 13:00

2023 сылга кимнээҕи ситиһии күүтэрий?

2023 сылга кимнээҕи ситиһии күүтэрий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сыл бүтэһик нүөмэригэр ааҕааччыларбытыгар анаан эһиилги сылбыт гороскобун бэчээттээбиппит үгэскэ кубулуйбута өр буолла. Ол үгэспититтэн быйыл да туораабаппыт.  
“Кытай халандаарынан, 2023 сылга ордук ситиһиилээх буолуохтара Кролик, Коза, Сибиинньэ уонна Крыса сылыгар төрөөбүттэр”, — диэн астролог эбэн этэр.

Крыса

Сыллара: 1936, 1948, 1960, 1972, 1984, 1996, 2008, 2020

Кролик сылыгар Крысалары дьол-соргу күүтэр. Үгүс эйгэҕэ профессиональнай үүнүү, олоҕу тупсарыыга кыах баар буолуоҕа. Үлэҕэр уонна дьыалаҕар ситиһиилэри ылар туһуттан туох эрэ саҥаҕа үөрэниэххин наада. Бэйэҕин, бары кыаххын уонна дьоҕургун көрдөрөр түгэн куруук баар буолуо. Бу сыл эйиэхэ үбү-харчыны аҕалыа. Эн кыһамньылаах, үлэһит, сүрэхтээх буолуугуттан дьыалаҥ үүнэн-сайдан, дохуотуҥ үрдээн иһиэҕэ. Тус олоҕуҥ туһунан этэр буоллахха — билиҥҥи баар сыһыаны өссө дириҥэтэргэ бары кыахтар баар буолуохтара. Сулумах, соҕотох сылдьар дьону саҥа таптал күүтэр.

 

Оҕус

Сыллара: 1961, 1973, 1985, 1997, 2009, 2021

Кролик сыла, бастатан туран, үлэҕэ уонна карьераҕа уларыйыыны аҕалыа. Туох эрэ улахан суолталаах быһаарыныыны ылыаҥ, онтон инники дьылҕаҥ тутулуктаах буолуон сөп. Сыл иккис аҥаара үлэҕэ ордук табыгастаах. Туох эрэ тургутуу кэнниттэн кыһамньыгын көрдөрөн бэйэҥ сыалгар кэлиэҥ уонна ситиһиилэниэҥ. Саҥа сыл үп-харчы туругун тупсарыа. Бэйэҕэр эрэллээх буолуоҥ уонна саҥа интэриэһинэй дьону тардыаҥ. Бу сыл саҥа романтическай билсиһиилэргэ уонна истиҥ сыһыаны саҕалыырга табыгастаах.

Баабыр

Сыллара:1950, 1962, 1974, 1986, 1998, 2010, 2022

Кролик сылыгар Баабыры ситиһии батыһа сылдьыа. Бу сылыҥ инниҥ диэки ыстанарга тирэх буолуон сөп. Ол эрээри үлэҕэ, карьераҕа ыарахаттар суох буолбатахтар. Улахан суолталаах быһаарыыны ылыныаҥ иннинэ барытын толкуйдуоххун наада. Бу сылга дьоһуннаах былааннааһынынан дьарыктанар уонна саҥа бырайыактары кичэйэн бэлэмниир улахан суолталаах. Бэйэҥ сыалларгын ситиһэр инниттэн ордук дьаныһан туран үлэлиэҥ. Сыл бүтүүтэ эн кыһамньыҥ наҕараадаҕа тиксиэҕэ, онтон улахан ситиһиилэр кэлиэхтэрэ.

 

Куоска (Кролик)

Сыллара:1939, 1951, 1963, 1975, 1987, 1999, 2011, 2023

Бу сылга төрөөбүттэри олус улахан суолталаах дьыл күүтэр, тоҕо диэтэххэ дьылҕаҥ быһаарыытын ылынар сыл буолар. Олох араас эйгэтигэр саҥаны сөргүтүү киириэ. Эн сайдаргар, инниҥ диэки айанныыргар туох мэһэйдиирин быһаарарга үчүгэй кэм. Саҥа дьыалалары, бырайыактары уонна уруккуттан толкуйдаабыт былааннары олоххо киллэрэргэ тоҕоостоох. Үп-харчы туһунан этэр буоллахха, билигин баары сүтэрбэтиҥ улахан суолталаах. Былааннамматах хоромньу баар буолуон сөп. Тус сыһыан саҥалыы сөргүтүллүө. Соҕотох сылдьааччылар тапталларын көрсүөхтэрэ.

 

Дракон

Сыллара:1940, 1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012

Быйылгы сыл булкаас сабыдыаллаах буолуоҕа. Кыра ыарахаттар баар буолуохтарын сөп. Ол эрээри, тиһэҕэр, бары тургутууну ааһыаххыт, бэйэҕит сыалгытын ситиһэр инниттэн муудараскытын, мындыр өйгүтүн уонна тулуургутун көрдөрүөххүт. Араас дьыалаларгын быһаараргар доҕордоһуу уонна бииргэ үлэлээһин көмөлөһүөхтэрэ. Сыл устата дохуотуҥ, үбүҥ-харчыҥ бигэ туруктаах буолуо, ону ааһан эбиллиэ. Ол эрээри ороскуот эмиэ улаатыан сөп. Сыл устата тус олоххор араас уларыйыылар тахсыахтара, ол гынан баран мэлдьи үчүгэй буолуо суоҕа.

 

Моҕой

Сыллара:1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013

Моҕойдорго бу сыл олох бары эйгэтигэр дьоһуннаах буолуоҕа. Ол гынан баран тургутуулар эмиэ баар буолуохтара, ону эн мындыр өйгүнэн, тулуургунан кыайыаҥ. Бу сыл эйигиттэн улахан толкуйу уонна актыыбынай дьайыыны эрэйэр. Карьераҕа барыта эриэ-дэхси буолбатах, ол да буоллар үлэһиккин көрдөрөҥҥүн үтүө түмүктэри ситиһиэххин сөп. Тус олоххор аһара уордайыма, тулуурдаах буол, оччоҕо чугас дьоҥҥун кытта иирсээн тахсыа суоҕа.

 

Дьөһөгөй

Сыллара: 1930, 1942, 1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014

Наһаа холку сыл буолара күүтүллүбэт. Ол эрээри сөптөөх сабыдыал уустук соруктары ситиһиилээхтик быһаарарга көмөлөһүө. Үлэҕэр төһө да ыараханын иһин, үтүөлээх билиниини ситиһиэҥ, улахан кыһамньыгын, үлэһит буоларгын көрдөрүөҥ. Кэллиэгэлэргин кытта судургута суох сыһыан үөскүөн сөп, кинилэр өттүлэриттэн ордугурҕааһын, ымсыырыы баар буолэр кэриҥнээх. Маны таһынан харчыны кытта дьайыыларга сэрэхтээх буол, үпкүн ааҕына сырыт, түөкүттэртэн сэрэн.

 

Коза (Бараан)

Сыллара: 1931, 1943, 1955, 1967, 1979, 1991, 2003, 2015

Коза сылыгар төрөөбүттэргэ бу сыл уопсайынан олус табыгастаах буолуоҕа. Бу сыл эйигин олоххут бары эйгэтигэр бигэ турук күүтэр. Карьераҕа барыта үчүгэй буолуоҕа, эйигин салалтаҥ, араҥаччылыыр киһиҥ, сабыдыаллаах дьон өйүөхтэрэ. Олус элбэх саҥа интэриэһинэй билсиһии күүтэр. Саҥа бырайыагы эбэтэр саҥа бизнеһи саҕалыаххын сөп. Аҥаардас сылдьар дьон элбэх киһини кытта билсэртэн куттанымаҥ, кинилэр ортолоругар хайаан да саамай сөптөөх аналыҥ баар буолуоҕа.

 

Эбисийээнэ

Сыллара: 1944, 1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016

Эбисийээнэ сылыгар төрөөбүт дьоҥҥо бу сыл балачча тыҥааһыннаах буолуон сөп. Ол да буоллар дьылҕаҥ тургутууларын бары өттүнэн кыайаргар көмөлөһөр, сабыдыаллыыр киһи баар буолуо. Үлэҕэр үгүс соруктары быһаарыаҥ. Иирсээнтэн, этиһииттэн туора сырыт, кэллиэгэлэргин кытта уопсай тылы буларга кыһалын. Урукку сыыһаларгын өйдөөн, билинэн, хатылаабатыҥ наада. Оччоҕо инниҥ диэки хамсааһын тахсыа уонна үчүгэй түмүктэри ситиһиэҥ. Үп-харчы өттүнэн эттэххэ, бу сыл биир тэҥ туруктаах балаһыанньаны хаалларарга көмөлөһүө. Ол эрээри ханнык баҕарар түгэҥҥэ харчыгын харыстыырга бэлэм сырыт.

 

Бөтүүк

Сыллара: 1945, 1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017

Бөтүүк сылыгар төрөөбүттэргэ бу сыл элбэх уларыйыылаах буолуоҕа, биир эйгэҕэ тугу эрэ булуоҥ, атын эйгэҕэ тугу эрэ сүтэриэҥ. Үлэҕэр уонна карьераҕар ыарахаттар, мэһэйдэр баар буолуохтарын сөп. Үлэҕиттэн уурайыаххын эбэтэр хамнаскын аччатыахтарын син. Ол эрээри тапталга, тус сыһыаҥҥа бу сыл табыллыыны эрэннэрэр. Үлэҕэр тулуурдаах буол, саҥа доҕоттордо булуҥ. Доҕотторуҥ уонна биир санаалаахтарыҥ эйигин өйүөхтэрэ уонна дьыалабыай боппуруостары быһаараргар көмөлөһүөхтэрэ.

 

Ыт

Сыллара: 1946, 1958, 1970, 1982, 1994, 2006, 2018

Ыт сылыгар төрөөбүт киһиэхэ бу сыл араастаан сабыдыаллыаҕа. Үтүө сонун элбиэ. Ол гынан баран ыһыктынан кэбиспэтиҥ ордук. Үлэҕэр олус таһаарыылаах уонна көхтөөх буолуоҥ, онтуҥ кэмигэр бэлиэтэниэ. Үлэлии-хамсыы сылдьар кэллиэгэлэргин кытта эйэлээх сыһыаны тутус, ханнык да иирсээҥҥэ кыттыһыма. Үп-харчы боппуруоһугар сэрэхтээх буол, ханнык да авантюраҕа киирэн биэримэ. Тус олоххор барыта эриэ-дэхси. Соҕотох бэлиэлээхтэри саҥа дьоһун суолталаах билсиһии уонна чаҕылхай роман күүтэр.

 

Сибиинньэ (Кабан)

Сыллара: 1947, 1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019

Бу сылга төрөөбүттэри олох бары эйгэтигэр табыллыы, ситиһии күүтэр. Суолгутугар көрсөр саҥа кыахтары мүччү туппаккыт ордук. Карьераҥ уонна үлэҥ барыта биллэрдик сайдыаҕа. Үлэҕэр үчүгэй уонна итэҕэллээх сыһыан, үтүө быһыы-майгы күүтэр. Киһи үөрэр уларыйыылара дохуоккун улаатыннарарга тиэрдэллэр. Тапталга бу сылга атын бэлиэлэртэн быдан табыллыаҥ, дьоллонуоҥ. Соҕотох сылдьааччылар иккис аҥаардарын көрсүөхтэрэ. Биир кыһалҕанан доруобуйаҕын көрүнүү буолуо. Онон эккин-сииҥҥин бөҕөргөтүүнү күн бүгүн саҕалыырыҥ ордук, кыһалҕаны көрсүбэт наадатыттан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Сири иилии эргийиэм!
Дьон | 12.04.2024 | 18:00
Сири иилии эргийиэм!
Кэбээйи Арыктааҕыттан төрүттээх Иннокентий Ноговицын бэлисипиэтинэн аан дойдуну биир гына айанныыр хоббилааҕын туһунан хас да сыллааҕыта суруйан турабыт. Иннокентий киһини кытта кэпсэтэригэр элбэх ууну-хаары эрдибэккэ, аҕыйах тылынан чуо ыйытыыга эрэ хоруйдуурун  билэр буоламмын, Кытайга тиийбититтэн саҕалаан, бассаабынан элбэх да элбэх ыйытыыларбынан көмөн туран, наадалаах информациябын хостоон ыллым. Кинини ыра санаатын...
Зоя Желобцова:  «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
Дьон | 11.04.2024 | 10:00
Зоя Желобцова: «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
«Үчүгэй киһи» диэн хайдах киһини ааттыылларый? Арааһа, бастатан туран, дьоҥҥо эйэҕэс, аламаҕай, үөрэ-көтө сылдьар, барыга-бары кыһамньылаах, үлэһит киһини ааттыыр буолуохтаахтар. Дьэ, оччотугар, биһиги дьүөгэбит Зоя Константиновна Желобцова онуоха сүүс бырыһыан эппиэттэһэр. Киһи киһитэ буоллаҕа биһиги Зоябыт!   Оттон киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр дьонугар-сэргэтигэр, ыччаттарыгар хайдах суолу-ииһи, ааты, өйдөбүлү хаалларара...
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Сонуннар | 11.04.2024 | 18:00
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит “Доҕордоһуу” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла 55-с сылын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ үҥкүүтүн эйгэтигэр суолу тэлбит ансаамбыл үөрүүлээх тэрээһинин туһунан санаа атастаһыыларын ааҕыҥ.
НВК Саха бырагыраамата муус устар 8-14 күннэригэр
Сонуннар | 07.04.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата муус устар 8-14 күннэригэр
Понедельник, 8 апреля 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 Саха Сирэ 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Сайдыс 6+ 11:15 Улэ дьоно 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 Уонна...12+ 16:00...