2023 сыл бэлиэ түгэннэрэ
Киин куорат сайдыытын маастар-былаана
Дьокуускай куорат төрүттэниэҕиттэн маннык хабааннаах баараҕай бырайыак аан бастаан торумнанна. Маастар-былаан Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын кэрэһилиир. Былааҥҥа киирбит тэрээһиннэр олоххо киирэллэригэр федеральнай бүддьүөттэн 100 млрд солк. көрүлүннэ. Бу үбүнэн киин куоракка 2-с, 4-с, 17-с кыбаарталлар инфраструктуралара тутуллуоҕа. Ол курдук кэлэр сылтан “Спортивнай” түөлбэни тутуу саҕаланыаҕа. Маны таһынан Ленин болуоссатын уларытан оҥоруу, Сайсары күөл тулатын тупсарыы ыытыллар. Үлэлэр быйылгыттан номнуо саҕаламмыттара.
Тупсаҕай суол ырааҕы чугаһатар, сырыыны сыыдамсытар
Дьокуускай куораппыт киин уулуссата – Ленин проспега. Бары даҕаны өр күүппүт хапытаалынай өрөмүөммүт быйыл түмүктэнэр. Киин уулуссанан сылдьар оптуобустарбыт үгэс буолбут суолларынан айаннара арылынна. Санатан эттэххэ, өрөмүөн үлэтэ 2021 сыл алтынньы ыйыттан саҕаламмыта. Ленин проспегын өрөмүөнэ “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Саамай улахан оскуола – Дьокуускайга
Быйыл күһүн Дьокуускай куорат 68-с “Прометей” кыбаарталыгар Н.И.Шарин аатынан 39 №-дээх саҥа оскуола үөрүүлээх быһыыга-майгыга аанын тэлэччи арыйбыта. Саха сиригэр саамай улахан оскуола Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагын чэрчитинэн тутуллубута. Оскуола үс этээстээх, 13 070,876 кв. миэтэрэ иэннээх, 990 миэстэлээх. Ситиһиилээхтик үөрэнэргэ уонна айымньылаахтык үлэлииргэ усулуобуйа барыта тэриллэн турар.
Саҥа комплекс тутуута саҕаланна
Бэрт соторутааҕыта саҥа «Ленские высоты» олорор дьиэ комплексын тутуу саҕаланна. Кыбаарталга 350 миэстэлээх икки оҕо уһуйаана, 1100 миэстэлээх икки баараҕай оскуола тутуллуохтара. Эбийиэк Өлүөнэ өрүһү өҥөйөн турар 34 гектар иэннээх сиргэ дьэндэйиэҕэ.
Куорат паарката сайдыы суолугар турунна
Киин куораттааҕы Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар өрөмүөн ыытыллар. Үлэ эмиэ куорат маастар-былааныгар киирэн турар. Бастатан туран, VIII-с “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн аспаала уларытыллар, дьоҕус архитектурнай формалар туруоруллуохтара. Бэлиэтээн эттэххэ, паарканы тупсаран оҥорууга 3 млрд солкуобай тыырыллыбыт.
Ленин болуоссатын уларытан оҥоруу
Ленин болуоссатыгар тупсарыы, өрөмүөн үлэтэ тымныыны аахсыбакка салҕанар. Ол курдук аны сайын манна саҥа күөх зоналар, тротуардар, «сухой» фонтан, сэргэ курдук быһыылаах 13-түү миэтэрэлээх холуонналар, массыына, бэлисипиэт туруорар сирдэр о.д.а. баар буолуохтара. Бэлиэтээн эттэххэ, гранит буруустарынан, өҥнөөх билиитэлэринэн туттуу былааннанар. Өрөмүөҥҥэ 719 мөл. солк. көрүллүбүт. Үлэ 2024 сыл күһүнүгэр бүтүөхтээх.
Куорат соҕуруу өттө сайдар
2023 сыл бастакы кыбаарталыгар «Звезднай» түөлбэҕэ элбэх кыбартыыралаах сэттэ дьиэ тутуллан олоххо киирдэ. Быйылгыттан 600 миэстэлээх поликлиниканы, 315 миэстэлээх оҕо уһуйаанын, 990 миэстэлээх оскуоланы уонна спорт саалатын тутан саҕалаатылар.
2027 сылга диэри саҥа түөлбэҕэ элбэх кыбартыыралаах 30 дьиэ уонна иккиттэн саҕалаан аҕыска диэри этээстээх 36 дьиэ тутуллуоҕа. Саҥа түөлбэҕэ барыта 11 тыһыынча кэриҥэ киһи олоруоҕа.
Роман Дмитриев кытыла тупсар
Олимпийскай чемпион, саха саарына Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсаран оҥоруу Дьокуускай куорат маастар-былааныгар эмиэ киирэн турар. Тупсаран оҥоруу үлэтэ «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу иннинэ, 2024 сыл бэс ыйыгар диэри түмүктэнэрэ күүтүллэр.
Ытык сир – Сайсары күөл
Сайсары күөл – саха дьонугар ураты суолталаах сир.
Күөл кытылын тупсаран оҥоруу бырайыага рейтиннээх куоластааһыны ааспыта аҥаардас итинэн даҕаны быһаарыллар. Бырайыагы олоххо киллэриигэ 48 мөл. солк. көрүллүбүт. Ол курдук, күөл тула бэлисипиэтинэн хатааһылааһын тэриллиэҕэ, Ийэ скверигэр сатыы дьон сылдьар суолун, Ойуунускай уулуссатыгар муостаны тутуу, итиэннэ «Триумф» СК таһыгар спортивнай зонаны оҥоруу былааннанар. Кытыл устун, «Триумф» СК таһыгар аһаҕас бассейннар уонна тыы станцията оҥоһуллуохтаах. Сүрүн зонаҕа воркаут-балаһааккалар, уулусса тренажердара, батуттар, баскетбол балаһаакката баар буолуохтара, спорт араас көрүҥнэригэр анаммыт «Албан аат аллеята» оҥоһуллар. Аттыгар амфитеатр, оҕо балаһааккалара, бэлисипиэттиир уонна сүүрэр суоллар баар буолуохтара.
Дьокуускай уонна Хулунбуир – доҕордуу куораттар
Быйыл күһүн куорат баһылыга Евгений Григорьев Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтигэр үлэтин сырыытынан бара сылдьан Хулунбуир куораты (Монголия) кытта доҕордуу сыһыаны олохтуур боротокуолга илии баттаста. Бииргэ үлэлээһин экономика уонна эргиэн, тыа хаһаайыстыбатын, сүөһү иитиитин курдук салаалары хабар. Холобура, Хулунбуир куоракка тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын таҥастыыр промышленнас толору сайдан турар. Ону тэҥэ көрсүһүү чэрчитинэн спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрин сайыннарыыны уонна кыһыҥҥы туризм кэскиллэрин дьүүллэспиттэрэ.
Хулунбуир куорат Монголия автономнай оройуонун хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр сытар, Арассыыйа Забайкальскай кыраайын уонна Илиҥҥи Монголияны кытта кыраныыссалаһар уонна Кытай-Монголия бииргэ үлэлэһиилэрин пилотнай зонатынан буолар.