08.06.2022 | 20:00

2022: Хайдах былаачыйа муоданый?

2022: Хайдах былаачыйа муоданый?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

А-силуэт

А-силуэт – былаачыйа аллара кэҥээн түһэрэ ааттанар. Быйылгы сезоҥҥа дизайнердар бөдөҥ декорациялаах былаачыйалары сүбэлииллэр.

 

Бөдөҥ сибэккилээх

Сибэкки муодаттан хаһан да тахсыбат. Быйыл ордук оҕуруонан оҥоһуллубут, баайыы сибэккилэр «былааһы ылыахтара».

Баайыы дэтээллэрдээх

Сиэҕигэр куруһубалаах, көхсүгэр бахромалаах былаачыйаҕа ханнык даҕаны аксессуар наадата суох.

 

Чаҕылхай көстүүлээх

Төһөнөн чаҕылхай да, соччонон муодунай диэн быраабыланан сирдэтинэбит. Холобур, биир уобараска хас даҕаны чаҕылхай дьүһүнү дьүөрэлиэххэ сөп. Эксперименнииртэн куттанымаҥ.

 

Мини

Быйылгы сайын биир уратыта – «кукольнай” былаачыйа. Супермуодунай буолуоххутун баҕарар буоллаххытына, болҕомтоҕутун кылгас былаачыйаларга уонна чаҕылхай өҥнөргө ууруҥ. Холобура, лаймовай дьүһүҥҥэ.

 

Бүүс-бүтүннүү муус маҥан

Хаһан да буоларын курдук, сайын муус маҥан өҥнөөх былаачыйа ордук сиэдэрэйдик уонна маанытык көстүөҕэ. Маҥан өҥ биир уратыта – загары үчүгэйдик көрдөрөр. Аксессуардарга болҕомтону уура сатааҥ. Атах таҥаһын, суумканы «тилиннэрэр” наада.

 

Үрүҥ-хара дьураа

Хара уонна үрүҥ дьүһүннэр дьүөрэлэһиилэрэ – быйылгы сайын саамай «трендэ”. Сүрүнэ, уһун-синньигэс полоска буолаллара ирдэнэр. Оттон кэтит эбэтэр синньигэс, туруору эбэтэр сытыары сурааһыннар буолаллара суолтаҕа ылыллыбат.

Уобараһы сэргэхситиэххитин баҕардаххытына, ырбаахыга  графическай моһуоннаах суумканы, баттахха киэргэллэ иилиниҥ.

Креш матырыйаалтан

Маннык матырыйаалтан тигиллибит былаачыйаны бөдөҥ аксессуары кытта дьүөрэлиэххэ сөп.

Дьүһүн туһунан эттэххэ, лаванда, салаат от өҥнөрө муода үрдүкү чыпчаалыгар тураллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...