202-с дьоҕус оройуон кытылын тупсарыахтара
202-с дьоҕус оройуоҥҥа өрөмүөн үлэтин Хабаров уулуссатыттан тыы станцията баар Аччыгый Хатыыстаах арыытыгар диэри ыытыахтара. Итини сэргэ куорат пляһын территорията тупсарыллыаҕа. Уларытан оҥоруу чэрчитинэн тротуар плитката уларыйыаҕа, суолга аспаал бүрүөтүн саҥардыахтара, аччыгый архитектурнай пуормалары – ыскамыайкалары, урналары уонна хачыаллары туруоруохтара.
«Билиҥҥи туругунан бэдэрээтчит бэлэмнэнии үлэтин ыытар, матырыйааллары атыылаһаары сылдьар. Тутуу уонна өрөмүөн үлэтэ кэлэр сылга саҕалыанаҕа», — диэн иһитиннэрдэ Семен Сергеев.
Санатар буоллахха, Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсаран оҥоруу Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллар. Саха сирин куораттарын сайыннарыыга 3,3 млрд солкуобай казначейскай кирэдьиит көрүлүннэ, ол иһигэр 1,5 млрд солкуобай киин куорат уопсастыбаннай туоналарын – Ленин болуоссатын, Сайсары күөлүн уонна 202-с дьоҕус оройуоҥҥа Роман Дмитриев аатынан кытыллары тупсаран оҥорууга.