2000 кэриҥэ оҕо сайыны туһалаахтык атаарыа
Сайын буолара биир үөрэх чиэппэрэ хаалла. Үс ыйдаах сынньалаҥы туһалаахтык атаарарга үлэ — бэрт табыгастаах ньыма.
Бу туһунан биһиги Дьокуускай куорат Дьарыктаах буолуу киинин исписэлииһэ, үлэ биэрээччилэри кытта үлэлэһэр салаа салайааччыта Клара Чирикованы кытта кэпсэттибит.
— Клара Евгеньевна, бу сайын төһө элбэх оҕоҕо үлэ миэстэтин таһаарары былаанныыгытый?
— Быйыл 14 саастарыттан 18-тарыгар диэри 2000 оҕо үлэҕэ киириэхтээх, оттон Дьарыктаах буолуу киинэ эбии 401 оҕо үлэнэн хааччылларын ситиһиэхтээх. Ол эбэтэр үлэ биэрээччилэр оҕолору быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыйар буоллахтарына, биһигини кытта эмиэ дуогабар түһэрсиэхтээхтэр. Быйыл сайыҥҥы өттүгэр оҕолору үлэҕэ ылыы үлэтинэн кулун тутар ыйтан саҕалаан дьарыктанабыт. Бастатан туран Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын кытта сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕолору үлэнэн хааччыйыы кыһалҕатын быһаарыыга Үөрэх управлениетын, уокуруктар дьаһалталарын уонна оскуолалары кытта бииргэ үлэлээн, 14-17 саастаах оҕолор үлэлээх буолалларын туһунан дьаһаллар былааннарын бигэргэппиппит. Оскуолалар билигин төһө оҕо сайыҥҥы кэмҥэ үлэлээх буолуон баҕарарын ыйыталаһаллар, ону таһынан бэйэ дьыалатын дьарыктаныан баҕалаахтар ахсааннарын быһаараллар.
— Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр үлэлиир оҕо ахсаана сыллата уларыйар дуо?
— Куоракка да буоллун, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайынан сыллата оҕо ахсаана элбии турар. Холобура, былырыын 14-18 саастаах оҕо ахсаана 17 тыһыынчаттан тахса буоллаҕына, онтон 10% үлэлээбитэ — 1700-тэн тахса оҕо. Оттон быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 20 тыһыынча кэриҥэ 14-18 саастаах оҕо баар, онон 2000 курдук оҕону үлэҕэ киллэрэри былаанныыбыт.
— Дьэ, оччотугар, быйыл куорат ханнык тэрилтэлэрэ оҕолору үлэҕэ ыларга бэлэмнэрий?
— Урукку кэмнэри көрдөххө, оскуола оҕолоругар үлэ миэстэтин сүрүннээн атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылык, социальнай эйгэ тэрилтэлэрэ арыйаллара — бөҕү-сыыһы хомуйуу, территориялары көҕөрдүү, тупсарыы үлэлэрэ, оҕуруот аһын үүннэрии, сибэкки олордуута о.д.а. Агрологическай хайысхалаах үөрэх кыһалара, биллэн турар, бэйэлэрин үөрэнээччилэригэр үлэ миэстэтин тэрийэллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, оскуола оҕотун ыарахан физическэй ноҕуруускалаах үлэҕэ ылар көҥүллэммэт, ол иһин маннык эрэ хайысхаларга киириэхтэрин сөп.
Чуолаан ааспыт 2023 сылга сайыҥҥы кэмҥэ биһигини кытары урбаанньыттар ИП Феоктистов Максим Владимирович (“Хозмаркет”) (26 оҕону үлэҕэ киллэрбитэ), ИП Бурцева Саргылана Аркадьевна (“СК-Мебель”) (22 оҕону үлэлэппитэ) уонна ИП Попов Дмитрий Игнатьевич (14 оҕону үлэҕэ ылбыта) үлэлэспиттэрэ.
— Оҕо үлэлииригэр тэрилтэҕэ туох усулуобуйа баар буолуохтааҕый?
— Үлэ кодексата этэринэн, үлэҕэ 14 саастарын туолбут оҕолор киириэхтэрин сөп. Бу саастарын сиппит оҕолор булгуччу пааспар ылбыт буолуохтаахтар, ону таһынан үлэҕэ киирэргэ нолуок уорганыттан ИНН докумуоннаах, төрөппүт эбэтэр иитээччи өттүттэн сөбүлэҥнээх уонна “МИР” баан каарталаах буолуохтаахтар. Онно расчетнай счет арынан, хамнастарын ылаллар. Аһылык тэрилтэлэригэр итиннэ эбии санитарнай киниискэ ирдэнэр.
Үлэ биэрээччи кинилэргэ тэрийэр усулуобуйата — ситэтэ суох үлэ күнэ уонна үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн намыһаҕа суох хамнас. Чуолаан, сокуон быһыытынан, 14−15 саастаах оҕолор күҥҥэ 4 чаас үлэлииллэр, 15−16 саастаахтар — 5 чаас, 16−18 саастаахтар —7 чаас. Оттон орто хамнас кээмэйэ үлэ төлөбүрүн алын таһымыттан кыра буолуо суохтаах.
Ону таһынан оҕолор доруобуйаларыгар, майгыларын-сигилилэрин сайдыытыгар кутталы үөскэтэр сирдэргэ үлэлииллэрэ бобуулаах: итэҕэл тэрилтэлэригэр, түүҥҥү кулууптарга, арыгыны, табаҕы, наркотическай эбэтэр атын токсичнай эмптэри оҥорор, атыылыыр тэрилтэлэргэ, тырааныспары ыытар, ыарахан ыйааһыннаах малы көтөҕөр, таһыыны ирдиир о.д.а. үлэлэргэ ылар эмиэ көҥүллэммэт. Ону кытта үлэ биэрээччи 18 сааһын туола илик оҕоҕо материальнай эппиэтинэһи сүктэриэ суохтаах.
Маны таһынан 18-гар диэри саастаах үлэһиттэргэ холоон көрөр болдьох (испытательный срок) диэн суох, кинилэри командировкаҕа, вахтаҕа ыытыллыбат, түүн уонна үлэ чааһын таһынан үлэни бэриллибэт.
— Дьарыктаах буолуу киинэ оскуола оҕолоругар хайдах көмөлөһөрүй?
— Билигин барыта цифровизация буолан, оҕолор «Работа в России» диэн биир кэлим интэриниэт платформаҕа үлэ көрдүүллэрин туһунан сайаапка хааллараллар. Ол сайабылыанньанан киин үлэһиттэрэ сибээстэһэн, ханнык тэрилтэлэргэ үлэ миэстэтэ баарын иһитиннэрэбит, онтон дуогабар түһэрсэргэ көмөлөһөбүт. Ону таһынан үлэ биэрээччи уонна оҕо Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө дуогабар түһэристэхтэринэ, биһиги хамнаска эбии 6276 солкуобайы төлүүбүт.
— Бастакы уочаратынан кимнээх үлэни ылыахтарын сөбүй?
— Сайабылыанньалары көрөн биһиги бастатан туран ыарахан олохтоох-дьаһахтаах оҕолорго, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар, элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар уонна ПДН, КДН учуоттарыгар турааччыларга үлэ булан биэрэбит.
— Резюме оҥорорго көмөлөһөҕүт дуо? Уопута суох оҕолор тугу суруйуохтарын сөбүй?
— Биллэн турар, оҕо бэйэтэ кэлэн үлэ көрдүүбүн диэтэҕинэ, манна резюме, сайабылыанньа оҥорорго көмөлөһүөхпүт. Уопута суох буоллаҕына, ханнык үлэни интэриэһиргиирин суруйуон наада. Оҕолор итиччэ саастарыгар үксүн үлэһит көмөлөһөөччүтэ буола сатыыллар, холобура, “официант көмөлөһөөччүтэ”.
— Төрөппүттэр болҕомтолорун туохха ууруохтарын нааданый?
— Оҕо үлэ көрдүүрүгэр төрөппүт өйөбүлэ уонна болҕомтото олус суолталаах. Ол курдук, ирдэнэр докумуоннарын, ол иһигэр үлэҕэ киирэригэр сөбүлэһэр суруктарын эрдэттэн бэлэмнээн, Госуслуги тус кэбиниэтинэн киирэн сайаапка биэрэригэр көмөлөһүөхтээхтэр.
— Дьарыктаах буолуу киинэ туох иһитиннэрэр үлэни ыытарый?
— Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат төрөппүттэрин кэмитиэтэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” паартыйа ыстаабыгар мустаннар, оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥҥа дьарыктаах буолалларын тула төгүрүк остуолу тэрийбиттэрэ. Бу иннинэ маннык кэпсэтиини Сайсары уонна Гагаринскай уокуруктар төрөппүттэрин кытта ыыппыппыт.
— Ол аата сайыҥҥы сынньалаҥ туһунан уокуруктарынан кэпсэтэр буоллаххыт? Чугастааҕы кэмҥэ өссө ханнык төгүрүк остуоллары, көрсүһүүлэри ыытар былааннааххытый?
— Итинник хабааннаах төгүрүк остуоллары хас биирдии куорат уокуругар ыытар былааннаахпыт. Ону таһынан ыам ыйын бүтүүтүгэр оскуолаларга төрөппүт мунньахтарыгар кыттыыны ылыахпыт. Сыл ахсын сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго үлэ дьаарбаҥкатын тэрийэбит. Быйыл ити тэрээһин ыам ыйын 31 күнүгэр буолуоҕа.
— Ааҕааччыларбытыгар тугу сүбэлиигит?
— Бастатан туран, үлэ биэрээччилэргэ туһаайан этиэхпин баҕарабын. Сайыҥҥы бириэмэҕэ оҕолору үлэҕэ ылыаххытын сөп буоллаҕына, Петр Алексеев уул., 19/3 дьиэтигэр кэлэн сайаапка түһэрэргитигэр ыҥырабыт. Оттон оҕолорго докумуоннарын эрдэттэн бэлэмнииллэригэр, төрөппүттэргэ, билэр урбаанньыттаах буоллахтарына, Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө оҕолоргутун үлэҕэ киллэрэргитигэр сүбэлиибит.
— Клара Евгеньевна, кэпсээниҥ иһин махтал!