18.12.2019 | 12:24

2%-наах ипотека, анал бэлиэлээх муҥха, арыгы о.д.а. туһунан

2%-наах ипотека, анал бэлиэлээх муҥха, арыгы о.д.а. туһунан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биэнсийэҕэ тахсыы саҥа сокуонунан, урут эбитэ буоллар кэлэр сылга тахсыахтаах дьон биэнсийэлэрэ биир сылынан биирдэ кэлиэҕэ. Оттон тимир көлөлөөхтөргө, инбэлииттэргэ уонна да атыттарга саҥа сыл тугу бэлэмнээтэ?

2020 сылга олоххо киирэн, үлэлээн барар саҥа сокуоннар тустарынан сырдатабыт.

БИЭНСИЙЭҔЭ ТАХСЫЫ ЧЭПЧЭТИИЛЭРЭ

Биэнсийэҕэ тахсыы болдьоҕо 65 сааска диэри уһатылынна эрээри, элбэх оҕолоох ийэлэргэ маннык чэпчэтиилэр үлэлииллэр:

  • Биир оҕону төрөппүт ийэлэр 62 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп;
  • Икки оҕолоох ийэлэр – 60 саастарыгар;
  • Үс оҕолоохтор – 57 саастарыгар;
  • 4 оҕолоохтор –  54 саастарыгар

СУОППАРДАРГА

ГИБДД эйгэтигэр, “0,3 г арыгы 1 лиитир хааҥҥа” быраабыла киирэр.

Бу нуорманы кэспит  суоппардар административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар.

Страховкалааһын полиһа хайдаҕыттан тутулуга суох, QR-код ааҕыллар гына оҥоһуллар буолуоҕа. Манныкка сымыйа полистарынан айанныыр кыаллыбат буолар.

 

КЭЛИИ ДЬОҤҤО

Саҥа сылтан тас дойдуттан киирээччилэргэ, биһиги дойдубутугар ыйтан ордук буолар буоллахтарына, дактилоскопия уонна хаартыскаҕа түһэрии киирэр. Онон кыраныыссаны туорааһын хонтуруола өссө күүһүрэрэ былааннанар. Ол аата визата суох дойдулартан киирээччилэр уйаларыгар уу киириэхтээх.

Атын дойдуттан Арассыыйаҕа киирэр дьон манна олохсуйар болдьохторо хааччахтаммат буолла. “Вид на жительство” урут 5 сылга бэриллэр этэ, онтон салҕыы уһатан иһиэхтээхтэрэ.

 

ИЙЭ ХАПЫТААЛА

Ийэ хапытаалын үлэлиир эйгэтэ уларытыллыахтаах. Ол курдук, хапытаал туһаныллар тус сыаллара кэҥээн биэриэхтэрин сөп. Билигин Ийэ хапытаалын туһаныахха сөп:

  • Дьиэ-уот атыылаһарга;
  • Ипотекаҕа угарга;
  • Оҕо уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүрүн уйунарга;
  • Үөрэххэ, эмтэниигэ.

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа билигин Ийэ хапытаалынан дьиэ кэргэҥҥэ массыына ылар кыаҕы биэрэр туһунан кэпсэтии бара турар. Үгүстэр маны өйүөхтэрэ, тимир көлө оҕолору илдьэ сылдьарга, дьиэ кэргэн кэлэригэр-барарыгар туттуллар саамай наадалаах мал  буолара саарбахтаммат. Ол эрэн хапытаалы харчыга уларытыы схемата судургутуйан биэрэр, сымыйанан массыына ылбыт аатыран хапытаалы харчыга эргитэр дьон эмиэ баар буолан тахсыахтарын сөп.

ИНБЭЛИИТТЭРГЭ

2020 сылга инбэлииттэри үлэнэн хааччыйыыга үтүө уларыйыылар киириэхтэрэ. Дьарыктаах буолуу муниципальнай кииннэригэр инбэлииттэринэн дьарыктанар үлэһит баар буолар. Бу үлэһит көмөлөһөр:

  • Табыгастаах үлэни буларга;
  • Үлэҕэ кэлии-барыы маршрутун оҥорорго;
  • Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо сөптөөх графиктаах үлэни буларга.

Былаастар бу сокуонунан доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ортотугар үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтүн аҥаарынан кыччатар санаалаахтар. Билигин Арассыыйа үрдүнэн үлэлиир кыахтаах инбэлиит 68 бырыһыана үлэтэ суох. Биэнсийэлэригэр эрэ олорор инбэлииттэр нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар киирсэллэр.

НОЛУОК ТУЛА

Бэйэ дьарыктаах дьону сокуон “самозанятые” диэн тиэрмининэн сүрэхтиир.  Арассыыйа киин регионугар, Калужскай уобаласка уонна Татарстаҥҥа бэйэ дьарыктаах дьону нолуогу төлүүргэ күһэйэр сокуон пилотнай бырайыага саҕаланар.

Биһиэхэ да сотору кэминэн кэлэрэ саарбахтаммат. Ол аата, боростуойдук быһаардахха, билигин тыҥырах, кыламан оҥорон харчы киллэринэр дьон дохуоттарын 3-6 бырыһыанын судаарыстыбаны кытта үллэстиэхтээхтэр, нолуогабайга туттарыахтаахтар.

АРЫГЫ СЫАНАТА ЫАРЫАҔА

Кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн итирдэр утахтар сыаналара  үрдүүр. Састаабыгар 28 бырыһыантан улахан арыгылаах утахтар сыаналара ботуччу үрдүүрэ былааннанар. Манна коньяк, бренди, виски, вино арааһа барыта хапсар. Арыгыга, билигин табахха ыйылларын курдук, муҥутуур чэпчэки сыаната бачча диэн сурулла сылдьыаҕа.

БАЛЫКСЫТТАРГА

2020 сыл тохсунньу ыйыттан балыктааһын сокуонугар кэккэ уларыйыылар киириэхтэрэ. 

Арассыыйа бырабыыталыстыбата быһаарбытынан, илим уонна муҥха анал бэлиэлээх буолуохтаах. Билигин киһи күөлгэ 30-туу миэтирэлээх икки илими үтэрэ көҥүллэнэр, бу илим маркировкалаах буолуохтаах. Муҥхаҕа ирдэбил эмиэ оннук.

Маркировканы МФЦ нөҥүө эбэтэр Росрыболовство тэрилтэтигэр тиийэн сайаапка суруйан ылыахха сөп. Илимҥэ уонна муҥхаҕа иилиллэр маркировка 10-15 сантиметры  куоһарыа суохтаах.

ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ ИПОТЕКА ОЛОХХО КИИРЭРЭ ЧУГАҺААТА

Вице-премьер Юрий Трутнев Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына Уһук Илин олохтоохторугар чэпчэтиилээх ипотеканы киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Айсен Николаев «Быһа кэпсэтии» кэмигэр эппитинэн, күүтүүлээх уураах ахсынньы 10 күнүгэр диэри тахсыахтаах.

Уһук Илиҥҥи регион Сэбиэтин саамай көдьүүстээх боппуруоһунан 2%-наах ипотеканы олоххо киллэрии болдьоҕун быһаарыыта буолар. Санатар эбит буоллахха, маннык ипотекаҕа чэпчэтиини ылыы туһунан быһаарыыны Владимир Путин киллэрбитэ. Билигин бу докумуон вице-премьерга киирэн сытар. Ахсынньы 10 күнүгэр диэри илии баттаныаҕа диэн эрэнэбит.

Хомойуох иһин, чэпчэтиилээх ипотеканан туһанар дьон саастара үрдэтиллибэтэ, 35-нэн хаалбыт. Чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитин дойду сүрүн бааннарыгар оҥорторуллар, харчыны бастакы уонна иккис ырыынактарга дьиэ ыларга, тыа сиригэр уонна «Уһук Илин биир гектарыгар» дьиэ туттарга туттуллар.

Территорияларынан чэпчэтиини биэрии хайдах барыахтааҕа, куораттарынан, оройуон кииннэринэн лимиттэр хайдах тыырыллыахтаахтара өссө  чопчулана илик.

ТӨРӨППҮТ ДЬОЛУГАР КИИРБИТ СОКУОН

Үөрэхтээһин туһунан Федеральнай таһымнаах сокуоҥҥа уонна Дьиэ кэргэн кодексатыгар уларыйыылар киирдилэр.

Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, биир дьиэҕэ олорор, биир дьиэ кэргэн оҕолоро судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үөрэх тэрилтэлэригэр (ол аата уһуйааннарга уонна оскуолаларга) бииргэ сылдьаллара мэктиэлэнэр. Ол аата үөрэх тэрилтэтигэр бииргэ төрөөбүттэри ылыы бастакынан барыахтаах.

Сокуоҥҥа уларытыы өссө сэтинньи 13 күнүгэр Судаарыстабаннай Дууманан киллэриллибитэ. Бастаан алын кылаастар эрэ туһунан этиллибит буоллаҕына, билигин оҕо саадтарын эмиэ киллэрэн биэрдилэр. Онон, кырачааннаргытын атын-атын уһуйааҥҥа, оскуолаҕа таһан эрэйи көрсүбүт дьон саҥа сокуонунан мэктиэлэнэр быраапкытын туһанан көрүҥ.

Урут бу кыһалҕаны регионнар бэйэлэр быһаара сатаабыттара. Биир дьиэ кэргэн оҕолоро араас сиргэ пропискалаах буолаллара эбэтэр бииргэ төрөөбүттэр биир оскуолаҕа барыахтарын хайаларыгар эрэ миэстэ тиийбэт буолан хаалара баар суол. Судаарыстыбаннай Дуума сайтыгар суруйалларынан, бу сокуон бастатан туран дьиэ кэргэн олоҕун чэпчэтэргэ туһуланар. Биир ыал оҕолоро бары биир үөрэх бырагырааматынан бараллара, төрөппүттэр оҕолорун үөрэхтэригэр көмөлөһөллөрүгэр да судургу буолуохтаах диэн этиллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...