13.03.2022 | 12:00

1998 с. дефолт хатыланыан сөп дуо?

1998 с. дефолт хатыланыан сөп дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Арассыыйа экономикатын сонуннара хонон турдах аайы дьиксиннэриэх курдуктар. Санкциялар элбииллэр, доллар уонна евро кууруһа үрдүүр, ас-таҥас сыаната хонтуруолтан тахсаары ыксатар. 
Бу күннэргэ миллиардер Олег Дерипаска үс сыллаах кириисискэ бэлэм буоларга ыҥырда. 1998 сыллааҕы балаһыанньаны үс төгүл ылыҥ диэх курдук эттэ.

Кини Арассыыйа бааннарыгар ылыллыбыт санкциялар сабыдыаллара үс нэдиэлэ иһигэр биллиэ диэн эбэн эттэ. «Дьоҕус уонна орто бизнес, ипотека, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сыһыаннаах бары боппуруостар —үбүлээһиҥҥэ наадыйаллар. Атыннык эттэххэ, бу салааларга биһиги 20%- ны сатаан уйумматахпытына, быстыыга барабыт, оттон биһиги маны 1990-с сылларга эксперименнээн олоробут”, - диэн бэлиэтиир. Миллиардер, харчы сатаан ааҕа-суоттуу үөрэммит киһи сабаҕалааһынын букатын ылыммат сатаммат курдук.

Маны таһынан, уопсай хартыынаны Яндекс хампаанньа сыаналаах кумааҕыларын атыылааһыныттан эмиэ сабаҕалыахха сөп. Кистэл буолбатах, Яндекс хампаанньаны кытта элбэх Саха сирин киһитэ үлэлиир. Араас сыаналаах кумааҕылары, облигациялары атыылаһан олороллор. Манна диэн эттэххэ, хампаанньа акционердарыгар облигацияларын чаастарын да кыайан төлөөбөтүн туһунан иһитиннэрбитэ.

Онон 1998 сыл «эргиллэр» кутталлааҕын, «дефолт» сатыылаан иһэрин туһунан сурахтар нэһилиэнньэни паникалаталлара биллэр. 1998 сыллааҕы  сценарий хатыланыа дуо? Солкуобай харчыбыт умайан хаалар чинчилээх дуо?

 

1998 сылга туох буолбутай?

1998 сыллаахха Арассыыйаҕа 96 миллиард долларга сыаналанар бөдөҥ экономическай кириисис буолбута. Эстии төрүөтүнэн сайдыыта суох экономика, дойдуну салайыыга түһэриллибит алҕастар, ньиэп сыанатын түһүүтэ, үбүлээһин иэнэ намтаабыта буолбуттара диэн суруйаллар.

Оччолорго дойдубут салайааччыта Борис Ельцин үстэ төхтүрүйэн туран  девальвация буолбатын эппитин үрдүнэн, 1998 сыл атырдьах ыйыгар солкуобай ресурсата сүппүтэ. Судаарыстыбаннай иэс-күүс $200 млрд тэҥнэспитэ.  6,2 солкуобайга тэҥнэһэн турбут доллар баара-суоҕа икки эрэ нэдиэлэ иһигэр үс төгүл үллэн, 20-21 солк. диэри улааппыта. Онтон 1999 сыл муус устар ыйыгар 25 солк. тиийбитэ.

Ол түмүгэр экономикабыт өтөрүнэн чөлүгэр түспэт гына эмсэҕэлээбитэ, аҥаардас нэһилиэнньэ $19 млрд тиийэ суумалаах харчытын сүтэрбитэ биллэр. Инфляция 84,5% тиийэ улааппыта, ВВП икки бүк намтаабыта. Бүгүн үгүстэр сабаҕалыылларын курдук, ити түгэн, төһө да хомолтолооҕун иһин, тастан киирэр табаары олохтоох бородууксуйанан солбуйар кыаҕы үөскэппитэ.

 

2022 сыл уратылара

UFG Wealth Management инвестиционнай департамент баһылыга Алексей Потапов ханнык баҕарар кириисис дьүөрэлэһэр диэн этэр: экономика сатарыйыыта, сайдар кэскиллээх дойдуларга инфляция үрдээһинэ, солкуобай сууллуута уонна фондовай ырыынактар түһүүлэрэ. Ол гынан баран 1998 сыл хатыланыа диэн чопчу сабаҕалааччы суоҕун кэриэтэ.

«Билигин быһыы-майгы уларыйа турар, күн аайы куһаҕан да, үчүгэй да түгэннэр буола тураллар. Ханнык эрэ балаһыанньаҕа, билигин 1998 сыллааҕар куһаҕаннык олоробут. Фонда ырыынага сабыылаах, кини нуорманан үлэлиир кыаҕа суох. Солкуобай сууллар эрээри, дойду салалтата бу түгэни тохтото сатыыр. 1998 сыллаахха резервэҕэ эбии харчы суох буолан, харчы икки бүк түргэнник охтубута”, - диэн турар Потапов.

«Дефолт буолар да түгэнигэр, 1998 сылга курдук экономическай буолбакка, бэлитиичэскэй кыһалҕалар төрүөт буолуохтарын сөп. 1998 сыллаахха «аллараа күккүрээн түспүт» экономикабытын өрө тардарга дьулуспут буоллахпытына, билигин хайа диэки хайыһыахтаахпыт өйдөммөт", - диэн esquire-ru сайт Потапов тылларын суруйар.

Быйылгы кириисис 1998 сылтан биир уратытынан сүрүн арҕааҥы хампаанньалар Арассыыйаттан бука бары кууһунан барбыттара буолар. 1998 сылга үгүстэр барбатахтара, барбыттар эһиилигэр төннөн кэлбиттэр.

Биллэрин курдук, бүгүҥҥү Арассыыйа инвестицияҕа табыгаһа суох буолла, сайдыылаах ырыынак статуһун сүтэрдибит.

Потапов билигин Арассыыйа аналитиктара  Иран экономическай сайдыытын дириҥник үөрэтэллэрин бигэргэтэр. Санатан эттэххэ, Иран аан дойду үрдүнэн Арассыыйа кэннэ санкцияларынан иккис миэстэҕэ сылдьар.

Билигин Иран ис ырыынагын тупсарда, балачча сайдыылаах дойдунан биллэр.

 

Саха санаата:

Рустам Каженкин:

- Биһиги, 80-с сыллар ортолоругар төрөөбүт, 90-с сылларга оҕо сааспыт ааспыт дьон, ас-таҥас тиийбэтэ диэни билэн улааппыппыт. Онон, биир өттүнэн, итинник көстүү хатыланыан ким да баҕарбат; иккис өттүнэн, оннугу көрбүт буоламмыт, аһара айманар наадата суох дии саныыбын. 80-с сыллар бүтүүлэригэр үгүс сопхуос өссө да баара, дьону-сэргэни хааччыйан олороллоро. Холобур, "Адыаччы" сопхуос 1998 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Оттон бүгүҥҥү балаһыанньаны быһаарар хас да суол баар диэн көрөбүн. Бииринэн, соторутааҕыта аҕай биһиги бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтэр чопчу хардыылары уонна туохха итэҕэс баарын ыйан биэрбитэ. Кини тыл этиитин элбэх киһи көрбүт буолуохтаах. Санаан да көрдөххө, элбэх сиргэ бааһына бөҕө быраҕыллан турар дии. Ол аата биһиги сири туһаҕа таһаарыыны баһылыы иликпит. Иккиһинэн, омукпут сүрүн, тостубат оҥкулун тутар — култуура уонна литература. Манна государственнай механизмнары өссө чочуйар наада. Суруйааччы курдук бэйэтин омугар тылын ылыннарар, духуобунаһын күүһүрдэр туох эмэ атын баарын билбэппин. Үсүһүнэн, официальнай информация хантан чуолкай кэлэрэ биллибэт үйэтэ буолан хаалла. Онон, урукку системаны сөргүтэн, официальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр, бэчээт уорганнарын сааһылыыр сөптөөх кэм кэллэ дии саныыбын. Социальнай ситим бэйэтэ кыраттан да тутуллан турбутуттан киһи эрэ сонньуйар. Оттон сүүс сыллааҕыта хаһыакка бэчээттэммит — билигин да ол кэм тыынын туппутунан турар. Төрдүһүнэн, буола турар быһыы-майгы оскуолаҕа булгуччу ырытыллан, үүнэн эрэр көлүөнэ тэҥҥэ дьүүллэһэн, ырытыһан, санаатын сыыһа-халты да буоллун этинэн, ол аата бэйэтин уопсастыбатыгар сыһыаннааҕын көрдөрөн иһиэхтээх. Мин санаабар, маннык түгэҥҥэ киһи уйана-хатана, төһө сайдыылааҕа уонна хатарыылааҕа биллэн кэлэр. Биир бэйэм кырыымчык, тиийиммэт-түгэммэт кэмнэр эргиллиэхтэрин баҕарбаппын. Хаһан эрэ "импортозамещение" диэн үөдүйэн, сайдан испитэ. Ити ол сылларга күүскэ салгыы сайдыахтаах эбит диэн билигин этэллэр.

 

Егор Андреев:

- Кытаанах олох диэннэрэ дьэ сатыылаан эрэр быһыылаах. Украинаны нацистартан босхолооһун, Арассыыйа кыраныыссатыгар куттал суоһаабатын хааччыйыы сэриинэн эрэ быһаарыллар буолбута хомолтолоох. Бу барыта хас биирдии киһи олоҕун оҥкулун түөрэҥнэтэр. Ол эрээри маннык быһыы-майгы сотору кэминэн тохтоон, олохпут көнөрүгэр эрэл санаалаахпыт.

Сыана ыарааһына, ас, таҥас кырыымчыга күннээҕи олоххо охсуута ханна барыай эрээри, биһиги, Саха сирин олохтоохторо, олус наһаа оҕустарбакка олоруохпутун сөп этэ.

Улахан сэрии буолбатаҕына, олох сыыйа көнөн барыа дии саныыбын.

 

Ия Дорофеева:

- Бүрүүкээн эрэр балаһыанньаттан киин Арассыыйа эрэ буолбакка, биһиги эмиэ улахан охсууну ылыахпыт дии саныыбын. Холобура, сарсын утуйан турбуппут харчыбыт уларыйдын? Маҕаһыыҥҥа ас-таҥас суох буоллун? Маннык хартыынаҕа өрөспүүбүлүкэбит бэлэм дуо? Мин санаабар, уопсай паникаҕа киирэн хаалбакка, сарсыҥҥыбытын толкуйдуохпутун, бэлэмнээх буолуохпутун наада. Кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга саахар, рис бүппүт, Бэстээх уоптабайдарыгар хахтаах чэй эрэ хаалбыт үһү диэн сурах-садьык тарҕанара инники олохпутун тупсарбат. Найылаан олорбокко, сэрэтэр дьаһаллары ылынары толкуйдуур сөп этэ. Хамнас уонна харчы уларыйарыгар бэлэммит дуо? Билиҥҥитэ иннибитин-кэннибитин быһаарыммакка олоробут.

 

Вера Прокопьева:

- Бу уустук быыһык кэми саха мындыр толкуйунан кыайыа дии саныыбын. Баччаҕа диэри тиийэн кэлбит аҕыйах ахсааннаах саха омуга биир тыынынан, биир санаанан үлэҕэ, дьыалаҕа, олоххо көрүүтүн сааһыланнаҕына тулуйар туруктаныа. Саха сирэ араас омук угаайытыгар ылларбакка, бэйэ ис туруга, итэҕэлэ тугу этэринэн, ыйарынан, тумус туттар ытык дьоммут, ураты көрүүлээх чараас эйгэни кытта алтыһар айдарыылаахтарбыт сүбэлэрин истэн, ырытан, тэҥнээн көрөн сөптөөх суолу тутуһуо диэн эрэллээхпин. Бу олохпут тутула уларыйыытыгар сүрүн төрүөт итэҕэлбитин өрө тутуу, билинии, тутуһуу, олоххо киллэрии буолар. Онон мин санаабар бэлэм хас биирдии сахаҕа баар дии саныыбын. Харчы билиҥҥи кэмҥэ барыны быһаарар сүрүн күүс курдук буолла. Бары санаабын түмтэххэ бэлэммин дии саныыбын. Оттон ас-таҥас суох буолуо диэҥҥэ төрүт айылгы баайбытын бэйэбитигэр иитиэхтээн, этэргэ диэри саха сатаабата суох диэн этиинэн кынаттанан харчы суолтатын сыыйа бэйэ сатабылыгар уларытан иһиэххэ сөп диибин. Төрүт дьарыкпытын сылгы, ынах иитиитин сайыннаран, сири-уоту, алаастары, өтөхтөрү сөхсүтэн, бэйэ бородууксуйатынан аһаан, таҥнан олорорго сыал-сорук туруоруохха наада. Хас биирдии хаһаайка бэйэтэ хаһаастанан, сылы туоруур өссө инникини өтө көрөр аналлаах дии саныыбын. Ол иһин хааччынар үгэспит туһалыа диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....