17-с кыбаарталга көһөрүү бырагырааматынан үлэ салҕанар
Сэтинньи 10 күнүгэр Строительнай уокурукка 16 кыбартыыралаах мас дьиэни көтүрэн саҕалаатылар. 1964 сыллаах тутуу Семен Данилов уул., 18, турбута. Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев миэстэтигэр тиийэн, үлэ хаамыытын көрдө-иһиттэ.
Хаарбах туруктаах, сууллар кутталлаах дьиэ олохтоохторо өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа киирсэн көһөрүллүбүттэрэ. Бу туһунан Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын дириэктэрэ Александр Новолоков иһитиннэрэр.
Ол курдук, 17-с кыбаарталга 170 элбэх кыбартыыралаах дьиэ көһөрүллүөхтээх. Онтон сотору кэминэн 12 дьиэ көтүрүллүөҕэ.
2020 сылга Дьокуускай куорат Промышленнай, Сайсары, Строительнай, Киин уокуруктарыгар 14 элбэх кыбартыыралаах дьиэ көтүрүлүннэ, быһа холоон 160 кыбартыыра. Билигин Пекарскай уул., 3 уонна Семен Данилов уул.,18, үлэ барар.
“Бу сылга 14 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Сыл саҕаланыыта ыытыллыбыт куонкурус түмүгүнэн, бэдэрээтчитинэн “Якутдорстрой” тэрилтэ буолара быһаарыллыбыта”, – диэн кэпсээтэ Александр Новолоков.
Департамент дириэктэрэ иһитиннэрбитинэн, быйыл элбэх бас билээччи харчынан толуйууну талбыт.