12.10.2022 | 18:00 | Просмотров: 728

17-с кыбаарталга бастакы воркаут-балаһаакканы арыйдылар

Строительнай уокурук 17-с кыбаарталыгар бастакы воркаут-балаһаакканы арыйдылар диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Новинка» маҕаһыын аттыгар туруоруллубут воркаут-балаһаакканы уокурук олохтоохторугар предприниматель Дмитрий Шестаков бэлэхтээтэ. Бу иннинэ кини Дзержинскэй уулуссатыгар, урукку үлэ биржатын утары, спортивнай балаһаакканы туппута.

Воркаут аһыллыытыгар Строительнай уокурук Управатын салайааччыта Василий Рязанскай, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Строительнай уокуруктан дьокутаата Феликс Романов, предприниматель Дмитрий Шестаков уонна 17-с кыбаартал көхтөөх олохтоохторо кытыннылар.

Строительнай уокурук Управатын салайааччыта Василий Рязанскай предприниматель Дмитрий Александрович Шестаковка Олохтоох дьаһалта аатыттан «Саха АССР 100 сыла» СӨ бочуоттаах үбүлүөйдээх бэлиэтин туттарда.

«Бу барыбытыгар, Строительнай уокурук олохтоохторугар, үөрүүлээх түгэн. 17-с кыбаартал территориятыгар наһаа үчүгэй бастакы  спортивнай эбийиэк тутулунна. Спордунан дьарыктаныы киһи сайдыытыгар дьоһун суолталаах. Манан тохтоон хаалбаппыт, күүспүтүн түмэн, уокурукпутугар спорду салгыы сайыннарыахпыт», - диэтэ Василий Рязанскай.

Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаата Феликс Романов куорат көхтөөх олохтоохторугар, предпринимателлэргэ уонна чуолаан Дмитрий Шестаковка чөл олоҕу пропагандалааһыҥҥа дьоһун кылаатын иһин махталын тириэртэ.

«Бу көҕүлээһин бары предпринимателлэргэ холобур буолан атын уокуруктарынан тарҕаныаҕа диэн эрэнэбин. Куорат нэһилиэнньэтин олоҕун тупсарыы – уопсай үлэбит», - диэн бэлиэтээтэ Феликс Романов.

Дмитрий Шестаков куоракка сибиэһэй салгыҥҥа спордунан дьарыктанар сир аҕыйаҕын, кэнники кэмҥэ куорат баһылыга Евгений Григорьев көҕүлээһининэн воркауттар элбээн эрэллэрин бэлиэтээтэ.

«17-с кыбаарталга маннык эбийиэк суох этэ, ол иһин, эдэр дьоҥҥо спордунан дьарыктанар кыах биэрээри, чопчу манна воркаут-балаһаакканы туруорарга быһаарбытым.  Билигин олохтоох ыччаты дьарыктанарга угуйуохха наада. Инники өттүгэр өссө биир балаһаакканы туруорар былааннаахпын», - диэтэ предприниматель.

Управа үлэһиттэрэ эппиттэринэн, манна спортивнай күрэхтэһиилэри ыытары былаанныыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.