17-с кыбаартал дьылҕата ханна тиийдэ?
Дьокуускай куорат 17-с кыбаартала саамай элбэх хаарбах туруктаах дьиэлээҕинэн биллэр. Кэлиҥҥи уонча сылга Олохтоох дьаһалта, үөскээбит балаһыанньаны быһаарар кыһалҕатыттан, көһөрүү, саҥа дьиэлэри тутуу, көтүрүү о.д.а. курдук араас ньыманы сыымайдаан кэллэ.
Ол иһигэр 2015 сыллаахха Кытай “Чжода” тэрилтэтин кытта саҥардан тутуу туһунан дуогабар баттаммыта. Сөбүлэҥ быһыытынан 2020 сыл бүтүүтэ “Чжода” уопсайа 410 000 кв. м. иэннээх 58 дьиэни тутарын туһунан иһитиннэрбитэ. Ол эрээри бу дуогабар олоххо киирбэтэҕэ, кыбаартал дьылҕата өтөрдөөҥҥүгэ диэри салгыҥҥа ыйанан турбута.
Кыбаартал хайдах тутуллубутай?
1960-с сылларга киин куоракка энергетиктэргэ, Дьокуускайдааҕы ГРЭС тутааччыларыгар анаан уонна саҥа үлэлии кэлбит эдэр исписэлиистэргэ иккилии этээстээх сабыс-саҥа мас дьиэлэри туппуттара. Оҕо оонньуур балаһааккалаах, сынньанар сирдэрдээх, бөх быраҕар санитарнай туочукалардаах, сарайдаах, туалеттаах саҥа кыбаартал сэбиэскэй кэмнэргэ ыраастык хомуллан, дьиэ иһин-таһын көҕөрдөн, куорат биир чэбэр, аныгылыы түөлбэтэ этэ. Уурбут-туппут курдук дьиэлэрдээх саҥа, эдэр, 2-с, 4-с, 17-с кыбаарталларынан тайыыр түөлбэни киһи барыта быһалыы «17-с кыбаартал» диэн ааттыыр буолбута. Сыллар-хонуктар уулара-хаардара, тыаллара-куустара бүгүн кыбаарталы номнуо куорат биир кирдээх уонна кыһалҕалаах оройуонугар кубулуттулар.
Саас дьиэлэр истэрэ-тастара барыта уунан туолар, ону кылгас сайыҥҥа куурдар кыаллыбат, бэл, тиэргэн бадараана куурбат. Онтон кыһын ахсын ититии кыһалҕата тигинээн кэлэр.
Куорат маастар-былааныгар киирбит
Биллэрин курдук, бу улахан түөлбэ Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирэн турар. Ол эбэтэр 2030 сылга диэри манна 161 элбэх кыбартыыралаах мас дьиэ көтүрүллэн, саҥа микрооройуон тутуллуохтаах – 327,7 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх 46 таас олорор дьиэ, 240 уонна 315 миэстэлээх икки оҕо уһуйаана, 550 миэстэлээх икки оскуола уонна улахан спорт саалата. Нэһилиэнньэни көһөрүү биэс түһүмэҕинэн барар, 17,5 тыһыынча киһи саҥа дьиэлэниэхтээх.
Кыбаартал хайдах уларыйыахтааҕый?
2023 сыл олунньутугар «2А», «2Б», «2Г», «4А», «4Б», «4В» уонна 17-с кыбаарталлар сирдэрин-уоттарын кэлимник сайыннарыы туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Бу ааттаммыт кыбаарталлар оннуларыгар саҥа «Спортивнай» түөлбэ тутуллара быһаарыллыбыта. Саҥа оройуон 2-с, 4-с уонна 17-с кыбартааллар миэстэлэригэр уон сыл иһигэр тутуллан үлэҕэ киириэхтээх.
Санатан эттэхэхэ, 2020 сыл бүтүүтэ Куораты тутуус уонна олорор дьиэ кодексатыгар уларытыылар киллэриллибиттэрэ – сири-уоту кэлим сайыннарыы бырагырааматын быһаарар сокуон ылыллыбыта. Сокуон икки хайысхалаах: бастакыта – саахалланар туруктаах уонна эргэ эбийиэктэри уонна инфраструктураны саҥардыы; иккиһэ – саҥа дьиэлэри тутуу, ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэри тутуу, ону тэҥэ хомунаалынай, социальнай, тырааныспар инфраструктуратын тэрийии уонна сири-уоту тупсарыы.
Билигин 53 гектар иэннээх сиргэ 161 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ баар. 155 элбэх кыбартыыралаах дьиэ саахалланар туруктаах, онон көтүрүллүөхтээх.
«Спортивнай» түөлбэни эмиэ «Звезднай» кыбаарталы тутар Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствота (РИА) олоххо киллэрэр.
2023 сыл бүтүөр диэри
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирэ эргэ уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын толорууга Арассыыйа үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьарын иһитиннэрэллэр. Ол иһигэр киин куоракка былаан болдьоҕун иннинэ туолан, 2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр көһөрүллэллэр.
«Спортивнай» түөлбэҕэ көһөрүү хайдах хабааннаахтык ыытыллыаҕай?
«Спортивнай» 17-с кыбаартал бэйэтин иһигэр тутуллар. Тутуу хас да түһүмэҕинэн 2030 сылга диэри ыытыллар.
Бастакы түһүмэх – 2023-2025 сс. «2Б» кыбаартал – 2-23 дьиэлэр, 11 846 кв. м иэннээх;
Иккис түһүмэх – 2025-2026 сс. «4Б» кыбаартал – 14 дьиэ, 7 509 кв. м иэннээх, 2026-2027 сс., 17-13 дьиэлэр — 4 320 кв. м иэннээх;
Үһүс түһүмэх – 2026-2029 сс. «4В» кыбаартал – 34 дьиэ, 18 539 кв. м иэннээх;
Төрдүс түһүмэх – 2029-2030 сс. «2А» уонна «2Г» кыбаарталлар – 27 дьиэ, 15 070 кв. м иэннээх;
Бэһис түһүмэх – 2030 с. 17-с кыбаартал хаалбыт 9 дьиэтэ — 6 559 кв. м; 2030 с. «4А» кыбаартал – 4 дьиэ —3 565 кв. м; 2030 с. «2Б» кыбаартал 1 — 16 дьиэ, 9 430 кв.м иэннээх.
Биллэрин курдук, 17-с кыбаартал аэропортан чугаһынан, манна үрдүк мэндиэмэннээх дьиэлэри тутары сокуон көҥүллээбэт. Онон саҥа «Спортивнай» түөлбэ дьиэлэрэ орто этээстээх буолаллара сабаҕаланар.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ