11.05.2023 | 13:49

13 №-дээх оскуола өрөмүөнэ график быһыытынан баран иһэр

13 №-дээх оскуола өрөмүөнэ график быһыытынан баран иһэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат 13 №-дээх оскуолата - быйыл хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар үөрэх кыһаларыттан биирдэстэрэ.

Муус устар 3 күнүттэн бэдэрээтчит «Вертикаль» ХЭТ үлэтин саҕалаабыта. Өрөмүөн маҥнайгы күннэриттэн төрөппүттэр уонна оскуола кэлэктиибин сэбиэттэрэ үлэ хаамыытын хонтуруоллууллар. 

Оскуола дьаһалтата иһитиннэрэринэн, ыам ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, үс этээскэ үһүөннэригэр эргэ плинтустары, муостаны, дьиэ үрдүн, бетон конструкциялары көтүрүү түмүктэммит. Маны сэргэ истиэнэлэри, дьиэ үрдүн тэҥнээн бүтэрбиттэр. Онон билигин номнуо үөһээ этээс көрүдүөрүгэр билиитэ ууруу, пластик түннүктэри туруоруу саҕаламмыт.
Дьиэ таһын оҥорор биригээдэ эмиэ көтүрүү үлэтин ортолоон, үргүлдьү саҥалыы фасады саайан саҕалаабыт. Хапытаалынай өрөмүөн иитинэн электропроводка, электроосвещение, канализация барыта саҥардыллар. Билигин саҥа полиэтилен турбалар, биметаллическэй  радиатордар туруорулла сылдьаллар. 


Аны күһүн оҕолору саҥалыы өрөмүөннэммит оскуола эрэ буолбакка, саҥа миэбэл күүтэр. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ миэбэл уонна туттар тэрил сорҕотун тутан олороллор: аактабай саалаҕа звуковой оборудование, уот-күөс, гардероб, кыргыттар технология уруогар тутталларыгар оверлок массыына, МФУ, проектор, монитор о.д.а., сорох тиэхиньикэ от ыйыгар күүтүллэр. 
Ити курдук үлэ атырдьах ыйын 10 күнүн эргин түмүктэнэригэр тутааччылар даҕаны, оскуола кэлэктиибэ даҕаны эрэллээхтэр, диэн иһитиннэрэр 13 №-дээх оскуола кэлэктиибэ бэйэтин телеграм-ханаалыгар (https://t.me/school13ykt/3075). 


Санатар буоллахха, дойду бэрэсидьиэнэ уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия өйөбүллэринэн ыытыллар үөрэх кыһаларын өрөмүөннүүр федеральнай бырагырааманан Дьокуускай куоракка быйыл 13 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар: 5, 7, 12, 13, 19, 24, 26, 29, 38 (икки здание) №№-дээх оскуолаларга, Дьокуускай куораттааҕы  национальнай гимназияҕа (ЯГНГ) уонна куорат таһынааҕы үс нэһилиэк оскуолаларыгар – Табаҕа, Хатас, Маҕан.
Оттон куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, «маннык тэтиминэн үлэлээтэххэ, 2024 уонна 2025 сылларга куорат оскуолаларын бүтүннүү өрөмүөннүөхпүт».

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...