29.02.2024 | 15:25

124 учаастактааҕы быыбар хамыыһыйата Дьокуускайга дойду бэрэсидьиэнин быыбарыгар үлэлиэҕэ

124 учаастактааҕы быыбар хамыыһыйата Дьокуускайга дойду бэрэсидьиэнин быыбарыгар үлэлиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 17 күнүгэр дойдубут бэрэсидьиэнин быыбара буолаары турар. Киин быыбардыыр хамыыһыйатын быһаарыытынан, Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара 2024 сылга үс күн ыытыллар кулун тутар 15, 16, 17 күннэригэр.

 

Дьокуускай куорат территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйата «Дьокуускай куорат» уонна «Жатай» куораттааҕы уокуруктарга быыбар ыытылларыгар эппиэтинэстээх. Ол курдук, куоластааһын күннэригэр уопсайа 124 учаастактааҕы быыбар хамыыһыйата уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр икки быстах кэмнээх быыбардыыр хамыыһыйа үлэлиэхтэрэ.

 

Санатар буоллахха, 2024 сыл тохсунньу 29 күнүттэн пропискаттан атын аадырыстан куоластыырга сайабылыанньалары тутуу бара турар. Ол курдук, быыбар күннэригэр, кулун тутар 15, 16, 17 күннэригэр, регистрациялаах сирдэриттэн атын аадырыска баар буолар быыбардааччылар сайабылыанньа суруйан, атын аадырыс быыбардааччыларын испииһэгэр киириэхтэрин сөп.

Атын сиртэн куоластыыр туһунан сайабылыанньаны биэрэргэ билсэр аадырыстар:

Тохсунньу 29 күнүттэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри Дьокуускайдааҕы быыбар хамыыһыйатыгар маннык аадырыстарынан:

Сайабылыанньаны тутар 1 №-дээх пуун — Ленин пр., 15, 1 этээс, Олохтоох дьаһалта дьиэтэ, «Пункт приема заявлений о голосовании по месту нахождения» кабинет (төл.:  8(4112)40-80-35);

Сайабылыанньаны тутар 2 №-дээх пуун — Михаил Николаев пр., 42 «а», 2-с этээс, «Емеян» киинэ тыйаатыра;

Сайабылыанньаны тутар 3 №-дээх пуун — Можайскай уул., 25, 1-кы этээс, Гагарин аатынан Аныгы искусство уонна култуура киинэ.

Үлэлиир бириэмэтэ:

- бэнидьиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри 9:00 - 19:00 чч. (эбиэккэ тохтобул  13:00 -14:00 чч.);

- өрөбүл уонна бырааһынньык күннэргэ (субуота, баскыһыанньа, кулун тутар 8 күнэ) — 10:00-14:00 чч.;

- бэнидиэнньиккэ, кулун тутар 11 күнүгэр — 9.00-14.00 чч.

Кулун тутар 6 11 күннэригэр ханнык баҕар быыбардыыр хамыыһыйаҕа.

Үлэлиир бириэмэтэ:

- кулун тутар 6 уонна 7 күннэрэ – сарсыарда 9:00 ч. киэһэ 18:00 ч. диэри (эбиэккэ тохтобул: 13:00-14:00 чч.);

- өрөбүл уонна бырааһынньык күннэргэ, кулун тутар 8, 9, 10 күннэригэр, ону кытта сайабылыанньаны тутар бүтэһик күҥҥэ (бэнидьиэнньик, кулун тутар 11 күнэ) – сарсыарда 10:00 ч. күнүс 14:00 ч. диэри.

Учаастактааҕы быыбар хамыыһыйаларын аадырыстарын Дьокуускайдааҕы быыбар хамыыһыйатын саайтыгар билсиэххэ сөп:  https://yagtik.ru/.

3) «Мин докумуоннарым» судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр кииннэригэр уонна офистарыгар тохсунньу 29 күнүттэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри «Мин докумуоннарым» үлэлиир чааһынан.

4) электроннай көрүҥүнэн ГОСУСЛУГИ (тус кабинет) портал нөҥүө тохсунньу 29 күнүттэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри.

Атын сиртэн куоластыыр туһунан сайабылыанньаны биэрэргэ гражданинтан пааспар (оригинала) эбэтэр пааспары солбуйар атын докумуон ирдэнэр.

Олунньу 17 күнүттэн кулун тутан 7 күнүгэр диэри Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарын туһунан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр сыаллаах учаастактааҕы быыбар хамыыһыйаларын чилиэннэрэ Дьокуукай куорат, чугастааҕы нэһилиэктэр, Жатай олохтоохторун дьиэлэринэн сылдьан анкета толортороллор.

Быыбар хамыыһыйатын чилиэнин анал экипировканан билиэххэ сөп: накидка, түөскэ иилиллэр бэлиэ, бэрэсидьиэн быыбара символикалаах суумка, «Информ УИК» мобильнай сыһыарыылаах планшет, УИК чилиэнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньа уонна бейдж.

 

Дойду бэрэсидьиэнин быыбарыгар уонна «ИнформУИК» бырайыакка сыһыаннаах бары ыйытыыларынан билсэр төлөпүөннэр: 8(4112) 40-80-97, 40-80-35, диэн иһитиннэрэр Дьокуускайдааҕы быыбар хамыыһыйата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....