27.10.2023 | 15:00

11 оҕолоох ийэ олорор дьиэтэ суох

11 оҕолоох ийэ олорор дьиэтэ суох
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Бу иннинэ “Суол үлэтэ — нэһилиэнньэ хараҕын далыгар” диэн матырыйаалы суруйаары, куорат олохтоохторуттан суол-иис туһунан санааларын ыйыталаспытым. Онуоха биир дьахтар билэр дьонун кыһалҕаларын кэпсээбитэ, төлөпүөннэрин нүөмэрин биэрбитэ. 
Наталья Паршина Кирзавод оройуонугар 9 оҕотун кытта икки хостоох кыбартыыраны куортамнаан  олорор. Аны 3 оҕото ыарахан ыарыыттан сылтаан инбэлииттэр. Элбэх оҕолоох ийэ баҕа санаата – оҕолорун кытта тупсаҕай дьиэҕэ олохсуйуу. 2023 сылга Натальяҕа кэтэһиилээх сир учаастагын биэрбиттэрэ да, аадырыһа суох, ханна баара биллибэт...

Ыал ийэтин кытта бассаабынан билсэн, Кирзаводка айаннаан кэллим. Заводской уул. 16, мас дьиэ таһыттан хаарбах туруктааҕа көстөр, подъезд иһэ хараҥа, истиэнэтэ барыта уруһуй. Кыбартыыра аанын кырачаан Тимур уонна Ева астылар. Ыал ийэтэ Наталья атын хоско улахан оҕолорун кэпсэтии кэмигэр бырааттаргытын көрүҥ диэн соруйа сылдьар. Кырачааннар уоскуйбуттарын кэннэ Наталья кэпсээнин саҕалаата.

— Мин 11 оҕолоохпун. Улахан оҕолорум туспа олороллор. Билигин 9 оҕобун кытта олоробун. Улахан кыыһым Тамара Новосибирскайга юрист идэтигэр үөрэнэ сылдьар, каникулугар кэлэ-бара биһигини кытта олорор. Кирилл полицейскай колледжка үөрэнэр, Илья, Руслан — оскуола үөрэнээччилэрэ, Тимур, Ева — уһуйаан иитиллээччилэрэ. Оттон үс кырам: Рома, Рустам, Ислам — дьиэ дьоно. Мурун бүөтэ Ислам 3 ыйдаах.

Илья, Руслан уонна Рустам гемофилия ыарахан көрүҥүнэн ыалдьаллар,  Медицина киинигэр гематологка учуокка тураллар.  Анфартнай ыарыы буолан, оҕолорум инбэлииттэр. Кинилэргэ хаан үлэтин тупсарар босхо эмп биэрэллэр, бэйэм нэдиэлэҕэ иккитэ тымырдарыгар укуол туруорабын. Ол көмөтүнэн син сылдьаллар, биир саастыылаахтарын кытта үөрэнэллэр, арай физкультураттан босхоломмуттара. Руслан “Юная Армия” куруһуогар дьарыктанан саҕалаата, онно сылдьарын сөбүлүүр. “Кылаабынайа, ыараханы көтөҕүмэ, болҕомтолоох буол”,—диибин.

Мин Уус Маайа улууһун Элдьикээн бөһүөлэгэр төрөөбүтүм, куоракка Кирзавод оройуонугар 1998 сылтан олоробун. Хочуолунайга үлэлээбитим. Билигин декреккэ олоробун. Бастаан хочуолунай уопсай дьиэтигэр олорбутум. Онтон Заводской уул. 10-гар кыбартыыра биэрбиттэрэ. Ол дьиэ умайан хаалбыта. Ол оннугар атын дьиэни биэрбэтэхтэрэ. Онтон декреккэ олорбутум, үлэбиттэн уурайбытым, кэргэн тахсыбытым уонна кини дьиэтигэр Заводской уул. 19-гар олорбутум. Эрбиттэн арахсыахпыттан наар куортамнаан олоробут. 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалынан Заводской уул. 6№-гэр биир хостоох кыбартыыра атыыласпытым. 2018 сылга ол дьиэ хаарбах туруктаах дьиэлэр ахсааннарыгар киирбитэ. Өрүү турбаларбыт тоҕо бараллара, наһаа тымныы этэ. Бастакы кыһыммытыгар түннүктэрбитин баата суорҕаннарынан бүөлээн кыстаабыппыт. Саас, сайын сииктээх буолан, тэллэй буулаабыта. Дьиэбит куруук ууга барара, өрүү никсик сыттааҕа.

Биһиги онно салгыы олорор кыахпыт суох буолан, биир кыһыны кыстаан баран, дьиэ куортамныырга күһэллибитим. Эргэ кыбартыырабын хаарбах буолан атыыласпаттар, ханна да гынар кыаҕым суох. Кирзаводка оскуолаттан, уһуйаантан чугас дьиэ булар олус уустук. Инбэлиит оҕолор оскуолаҕа ыраахтан сылдьаллара ыарахан уонна сэрэхтээх. Руслан төрдүс кылааска үөрэнэр, оскуолабыт икки дьиэ нөҥүө турар. Ол эрээри син биир долгуйабын. Манна массыыналар олус түргэнник сылдьаллар, көтүтэн ааһаллар. Ол иһин оҕом оскуолаҕа барарын-кэлэрин түннүгүнэн кэтээн турабын.

Билигин Заводской уул. 16-гар куортамнаан олоробут, кыбартыыра хаһаайына атын куоракка олорор. Өрөмүөнэ, биир да миэбэлэ суох этэ, оннооҕор унитаһа суоҕа. Барытын бэйэбит харчыбытынан оҥостон, мал-сал ылан, үһүс сылбытын манна олоробут. Куортамныыр дьиэбит эмиэ хаарбах туруктаах, феноллаах. Испиискэ хоруопкатыгар курдук кыараҕастык олоробут. Кырачааммыт оронун туруорар да миэстэбит суох.

Ханна-ханна суруйбатаҕым буолуой? 2022 сыллаахха Марха дьоҕус оройуонун уопсастыбанньыга Марина Кузнецова миигин “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа көмөлөһүө диэн ыҥырбыта. Онно тиийэн бэйэм кыһалҕабын кэпсээбитим — 2016 сыллаахтан икки сир учаастагын ыларга уочаракка турбутум диэн. Уочарат хамсаабат этэ. Ити түгэҥҥэ баартыйа Дьокуускай куорат сиргэ сыһыаннаһыыларын агентствотыгар ыйытыы сурук ыыппыттара. Онно мин элбэх оҕолоох ийэ буоларбын учуоттаан, 5912№ уонна 3010№-дээх уочаракка турарым туһунан эппиэттээбиттэрэ. Баартыйа дьоно элбэх оҕолоох ийэ буоларбынан уочараты таһынан ылар кыахтааххын диэбиттэрэ, испииһэккэ киллэрбиттэрэ уонна Тулагы Киллэм нэһилиэгэр учаастак таларга этии киллэрбиттэрэ. Мин ол учаастактан аккаастаммытым уонна Кирзаводка чугас учаастагы буларга көрдөспүтүм. Бастатан туран, Тулагы Киллэм сирэ олус ыраах, иккиһинэн, кубус-кураанах, туох да инфраструктурата суох. Биллэн турар, ол хаһан эрэ барыта баар буолуо, оттон мин оҕолорбунуун билигин оннубун була охсуохпун наада.

Миэхэ Мархаҕа учаастак булбуттара, ол эрээри аадырыһа суох. Дьокуускай куорат дьаһалтатын баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар департамена учаастагыҥ ханна эрэ Жатай уонна Дьокуускай икки ардыгар, Паромнай уулусса аттыгар баар диэбитэ. МФЦ-нан дуогабар түһэрсэҕин, онно барытын быһаарыахтара диэбиттэрэ. Онно тиийбиппэр, ол учаастагы бас билиибэр буолбакка, куортамҥа бэриллэр. Аны учаастагым ИЖС буолбакка, саад-оҕуруот хаһаайыстыбатыгар сөп түбэһэр диэн буолла. “Госуслуги” бу учаастагым куортамын харчытын төлүүргэ иһитиннэриилэр кэлэр буоллулар. Мин учаастагым ханан баарын да билбэппин, бу баар диэн көрбөтөҕүм даҕаны, номнуо төлөбүрүн төлөө диэн эбээһинэстэнним.

2022 с. Саха Өрөспүүбүлэкэтин Ил Дархана А.С. Николаевка приемҥа киирээри сайабылыанньа суруйбутум да, ыҥырбатахтара. Ол сыл атын элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ Айсен Николаев көмөлөспүтэ, кинилэргэ анаммыт учаастакка биир ый иһинэн дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Оттон мин, элбэх оҕолоох ийэ, инбэлиит оҕолорбун кытта бэриллэр учаастакпын да ылар кыаҕым суох. “Биир ньыгыл Арассыыйа”: “Учаастак ыллаххытына, элбэх оҕолоох ийэҕэ дьиэ тутан биэриэхпит”, — диэбитэ. Мин дьиэбэр үөрэн-көтөн тиийэн, оҕолорбор: “Биһиэхэ дьиэ тутан биэриэх буоллулар”,—диэн кэпсээбитим. Ол эрээри туох да туолбатаҕа. Аадырыспыт суох, арай кадастровай нүөмэрдээхпит: Марха дьоҕус оройуона, С-2А территориальнай зоната диэн уонна бүттэ. Марха барыта миэнэ диэн ааҕыҥ! (күлэр)

“Биир ньыгыл Арассыыйаҕа” өссө: “Паршиннарга маневреннай пуондата булан биэрэргэ” диэн эппиттэрэ. Ол хаарбах туруктаах дьиэлээх дьон быстах олороругар ананар. Өссө барыбытыгар миэстэ баар буоларын курдук 3-4 хостоох кыбартыыраны биэрдиннэр диэбиттэрэ. Биир сыл ааста, туох да уларыйа илик.

2022 сыллаахха балаҕан ыйыгар Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар олорор дьиэҕэ наадыйар гражданнар учуоттарыгар киллэрэргэ көрдөһөн сайабылыанньа суруйбутум. Ол сыл сэтинньитигэр мин 6428-с уочаракка турарым туһунан хоруй кэлбитэ.

2022 с. ахсынньытыгар “Саастарын ситэ илик биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары дьиэнэн-уотунан хааччыйыы” бырагыраамаҕа сайабылыанньа биэрбитим.

Быйыл ыам ыйыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путиҥҥа суруйбутум. Эппиэтигэр СӨ тутууга министиэристибэтэ “5+” бырагыраамаҕа 1947 нүөмэринэн уочаракка турарым туһунан иһитиннэрбитэ.

Бу быыбар иннинэ дьокутаакка кандидаттар мин кыһалҕабын ыйыталаһан, докумуоннарым куоппуйаларын ылан, көмөлөһүөхпүт диэн эрэннэрбиттэрэ. Тэлэбиидэнньэҕэ сонуннарга репортаж устан барбыттара, ол кэннэ туох эмит хамсааһын тахсыаҕа дии санаабыппыт, эмиэ барыта уу чуумпу.

Биир кэлим босуобуйа (130 тыһ. солк.), үс инбэлиит оҕону көрүүгэ-харайыыга биэнсийэ (123 тыһ.солк.) уонна элимиэн ылабыт. Ол харчыбыт барыта кирэдьиит, кыбартыыра төлөбүрүгэр, аска-таҥаска баранар. Оҕолор походка баралларыгар, сынньалаҥнарыгар харчы наада буолааччы. Уһуйааҥҥа эмиэ оннук. Улахан оҕолорбут үөрэхтэригэр сылга 200 тыһ. солк. төлүүбүт. Кыыспытыгар харчы ыытабыт. Харчыбыт дьиэ тутуутугар, кыбартыыра атыылаһарга хайдах да тиийбэт.

Онон үппүт барыта уу курдук бара турар. Кыһыыта диэн, бэйэбит дьиэлээх курдукпут да, олорор кыахпыт суох, оттон бу дьиэни куортамныырбыт таһынан, өссө өрөмүөннүүбүт—атын киһи дьиэтигэр үппүтүн кутабыт. Унитазтан саҕалаан хостор ааннарын туруордубут. Сайын итии ууну арааралларын иһин ууну сылытар тэрили үһүспүтүн уларыттыбыт. Былырыын муостабыт күөрэ-лаҥкы түспүтүн эмиэ өрөмүөннээбиппит.

Арахсыбыт эрбиттэн уһун кэмҥэ элимиэн ылбатаҕым, кинини төлөөбөтөҕүн иһин 5 ыйга хаайбыттара. Тахсан баран үлэҕэ киирэн, элимиэнин төлөөн саҕалаабыта. Онон балачча үп мунньуллан, мин дохуотум “улаатан” социальнай көмүскэл тэрилтэтэ биһигини 2023 сылга кыаммат дьиэ кэргэн испииһэгиттэн таһааран кэбиспитэ. Ол иһин оскуолаҕа оҕолорум аһылыктара төлөбүрдээх, уһуйааҥҥа компенсация кэлбэт, оттон 3 сааһын туола илик оҕолорбор үүт смеһин ылар кыаҕым суох буолла. Социальнай көмүскэл тэрилтэтэ тоҕо урукку иэстэри аахта? Кинилэргэ эрийэн тиийбэтим, салайааччыларыгар приемҥа кыайан киирбэтим. Төрүү барыам иннинэ икки ыйы быһа сырыттым, туох да туһа суох.

2017 сылга сэттис оҕом төрөөбүтүн кэннэ “Ийэ албан аата” бэлиэҕэ сайаапка биэрбитим. Онно кыра оҕоҥ биир сааһын туола илик диэн аккаастаабыттара. Ол эрээри биһиги оройуоммутуттан сылдьар оннооҕор биэс оҕолоох ийэлэргэ ити ааты биэрбиттэрэ. Быйыл эмиэ сайабылыанньа суруйбутум, сэтинньигэ хоруйа кэлэрин кэтэһэбит. Оттон “Дьоруой Ийэ” ааты билигин ылар кыаҕым суох — саамай кырам биир сааһын туола илик. Ону сэргэ эргэ тахсыбытым туһунан регистрация наада, оттон мин арахсыбыт буоллаҕым. Ол эрээри элбэх оҕолордоох ийэлэргэ көмөлөһөр уопсастыбанньык Альберт Васильев эһиил “Дьоруой Ийэҕэ” түһэрэн көрүөхпүт диэн турар.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит наһаа улахан, учаастак, сир боппуруоһа ыарахан. Ол туһунан толкуйдаабатахха, оҕолор сайын аралдьыйа тахсар сирдэрэ да суох курдук. Кирзаводка хачыаллардаах, ыскамыайкалаах, түһэр сыырдаах соҕотох оҕо балаһаакката баар. Сибэкки да олордор сирбит суох. Оҕолорго сибиэһэй салгын наада. Оттон мин элбэх оҕобун кытта ханна сынньана барыахпыный? Биллэн турар, ханна да барар кыаҕым суох.

Ил Дархаммыт Айсен Николаев телеграмҥа “Биир ньыгыл Арассыыйа” элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмөтүн туһунан постарын ааҕабыт. Биһиги кыһалҕабыт туһунан киниэхэ эмиэ тиийэрэ буоллар, олохпут тупсарын туһугар көмө кэлиэ этэ диэн эрэнэ хаалабын. Биһиги бэйэбит дьиэлэниэхпитин баҕарарбыт кэмнээх буолуо дуо? Бу мин сирим диэн кэлэн, олбуор туттан, саатар дьоҕус вагончик туруорбут киһи.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...