09.11.2022 | 11:00

1000-тан тахса сайаапка киирдэ

1000-тан  тахса сайаапка киирдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 7 күнүгэр Дьокуускай дьаһалтатыгар Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр Координационнай ыстаап мунньаҕа буолан ааста.

Мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин тэриллиэҕиттэн тыһыынчаттан тахса сайаапка киирбит. Дьон үксүн кирэдьиит сынньалаҥын, бириистэптэргэ иэс үөскээһинин уонна социальнай гаастааһын туһунан ыйыталлар.

Баһылык Евгений Григорьев дьон кыһалҕатын кэмигэр быһааран иһэргэ Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспаларын, бааннар салайааччыларын кытта мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрин көрүһүннэрэн мунньахтыырга сорук туруорда.

Маны тэҥэ баһылык куорат салалтата көмөҕө наадыйар мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэригэр, ханна пропискалаахтарыттан тутулуга суох, өйөбүл буоларга ыҥырда.

"Биһиги инникитин өссө элбэҕи оҥоруохтаахпыт. Дьоҥҥо өйөбүл буолар ыстаабы тэрийбит уонна үлэлэтэр дьоҥҥо махтал. Үлэ дьоҥҥо наадалааҕа көһүннэ, тэтиммитин ыһыктыбакка баран иһиэххэ", – диэн ыҥырда Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...