100-тэн тахса эдэр ыал 50 тыһ.солк. ылар быраабын туһанна
Дойду баһылыга Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылын бастакы ыйдарыгар Саха сиригэр 25-гэр саастаах 100-тэн тахса эдэр ыал 50 тыһ. солк. кээмэйдээх көмө харчыны ылар быраабын туһанна.
Владимир Путин өйөбүлүнэн эдэр ыаллар маны сэргэ үһүс оҕолоро төрөөтөҕүнэ 450 тыһ. солк. кээмэйдээх сууманы ипотека төлөбүрүгэр ылар кыахтаахтар. Судаарыстыбаннай өйөбүл бу көрүҥүнэн 2030 сылга диэри туһаныахха сөп.
Саха сиригэр хас биирдии бэһис ыал – элбэх оҕолоох, ол туоһутунан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илин регионугар оҕо төрөөһүнүгэр – 1 миэстэҕэ, Арассыыйа үрдүнэн 8-с миэстэҕэ турара буолар. Онон Саха сирин олохтоохторо дойду баһылыга көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» диэн ааттаах саҥа национальнай бырайыагы үөрэ иһиттилэр.
Биллэрин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ ананар «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын курдук өйөбүл көрүҥүн кээмэйэ быйыл 300 тыһ. солк. диэри улаатта. 2022 сыллаахха Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан олохтоммут хас биирдии саҥа төрөөбүт оҕоҕо 100 тыһ. солк. кээмэйдээх тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо биэс сылга уһатыллан биэрдэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ.