11.08.2023 | 12:00

10-15 сылынан ханнык идэлэр ирдэниэхтэрэй?

10-15 сылынан ханнык идэлэр ирдэниэхтэрэй?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Космобиолог, робот инженерэ, «өйдөөх суолу» тутааччы уонна метеоэнергетик – бу ааттаммыт идэлэри 15 сыл анараа өттүгэр өйдүүр арыый да ыарахаттардаах этэ, онтон билигин үрдүк үөрэххэ үөрэтэллэр. Кэм, бириэмэ балысханнык уларыйар кэмигэр ханнык идэни баһылыахха сөбүй, аҕыйах сылынан туох кэскиллээх буолуоҕай?

IT-медик эбэтэр биоинформатик

IT-медицинэ нэһилиэнньэ ахсаана элбээбитигэр биһиги олохпутугар биирдэ баар буола түстэ. Ону тэҥэ, олох сайдан, нэһилиэнньэ орто сааһа улаатта, уһун үйэлэнии элбээтэ, онон хроническай патология үксээтэ. Аныгы доруобуйа харыстабылын биир сүрүн соруга – дьон олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии уонна доруобуйатын уопсай туругун бөҕөргөтүү. Онтон сиэттэрэн сыыйа цифровой медицина эмчиттэр үлэлэрин балачча чэпчэтэр соруктаах.

 

Генетическэй консультант

Билигин үгүс дьон удьуордарыгар туох-ханнык ыарыылар баалларын араастаан таайа сатыыллар, өбүгэлэрин доруобуйаларын туругун билиэхтэрин уонна куттал суох буолуутун хааччыныахтарын баҕараллар. Итиннэ генетическэй консультаннар көмөлөһөллөр. Бу саҥа идэ арҕааҥҥы дойдуларга сүрдээҕин сайынна. Ол инниттэн оҕо төрөтөр, ыал буолар дьон эрдэттэн тугун-ханныгын барытын билэн олороллор. Аҕыйах сылынан аан дойду нэһилиэнньэтин орто сааһа лаппа үрдүүр чинчилээх, онон дьон-сэргэ салгыы уһун үйэлэнэригэр суолу-ииһи көрдүүрэ күүтүллэр. Бу идэҕэ билигин Америкаҕа уонна Канадаҕа үөрэниэххэ сөп.

 

Биоинженер

Тыынар тыыннааҕы үөрэтэр уонна уларыта тутар, инженернэй бириинсиптэри туһанан дьон доруобуйатын харыстыыр уонна үйэтин уһатар исписэлиис.

 

Биофармаколог

Тыыннаах биологическай систиэмэлэр, биотехнологиялар көмөлөрүнэн ылыллар саҥа биопрепараттары айар киһи.

 

Тутууга эко-аналитик

Тутуу эбийиэгэ экологияҕа сабыдыалын ырытан көрөр исписэлиис. Ону тэҥэ тутуу эйгэтигэр саамай буортулаах матырыйаалларга сүбэ-ама биэрэр.

 

Урбанист-эколог

Экологическай биотехнологияларга олоҕуран саҥа куораттары оҥорор киһи. Ордук тутууга, сибээс линиятыгар сыһыаннаах уонна тулалыыр эйгэ киртийиитин хонтуруоллуур исписэлиис. Холобур, чугастыы сытар Кытай, Соҕуруу Корея дойдуларын олохтоохторо сүрдээҕин туһаналлар.

 

«Өйдөөх» суоллары тутааччы

Бу исписэлиис суол адаптивнай бүрүөһүннэрин, идентификациялаах суол бэлиэлэрин, суол туругун хонтуруоллуур уонна туругун көрдөрөр датчиктары туруорар.

 

Космическай тутуулар циклларын бырайыактааччы

Утилизация соруктарын учуоттаан, космическай тутуулары (станциялар, спутниктар) үлэлэтэр киһи. Бу исписэлиистэргэ чугастааҕы сылларга сир баайын туһаҕа таһаарыыга улаханнык наадыйыахтара.

Интэриниэт ситимигэр улахан дааннайдары хостуур уонна үлэлиир киһи – «Big Data” разработчига

Интэриниэт нөҥүө ылыллар улахан маассабай дааннайдары мунньар, таҥар систиэмэни бырайыактыыр исписэлиис. Ол түмүгэр кини аналитическай моделлары оҥорон таһаарар. Бу идэ кэлиҥҥи кэмҥэ Арассыыйаҕа сайынна, сотору Саха сиригэр да ирдэнэрэ күүтүллэр.

 

Цифровой лингвист

Семантическай тылбаас лингвистическэй тиһигин (тыл суолтатын уонна өйдөбүлүн учуоттаан) ырытан оҥорор, киһи курдук кэпсэтэр (ол иһигэр интэриниэт ситимигэр), тэҥҥэ үлэлиир исписэлиис. Ол эбэтэр көмпүүтэргэр эбэтэр смартфоҥҥар ханнык баҕарар браузерга ыйытыы биэрдэххинэ, киһи курдук кэпсэтэр, көрдөөбүккүн булан биэрэр IT-технология саҥа таһыма.

 

3D-бэчээт инженерэ

Математиканы уонна айар дьоҕуру дьүөрэлээн, үс кээмэйдээх бырайыактары оҥорор исписэлиис. Бу идэ араас эйгэҕэ, ол иһигэр архитектураҕа уонна тутууга, медицинаҕа, таҥаһы-сабы оҥорон таһаарыыга туһаныллыаҕа.

Холобур, 2016 сыллаахха Арассыыйаҕа бастакы биопринтер баар буолбута. Бу принтер көмөтүнэн таҥаһы-сабы, тыыннаах уорганы бэчээттиэххэ сөп.

 

Билиҥҥи  идэлэргэ улырыйыылар киирээри тураллар

Аан дойду үрдүнэн энергияны харыстыыр матырыйааллары туһанан тутуллубут дьиэлэри тутар архитектордар ирдэнэллэрин бэлиэтииллэр. IT уонна эко-бырайыактааһын тэтимнээхтик сайдарын сэргэ өҥө эйгэтэ күүскэ сайдыаҕа. Эмчиттэр уонна учууталлар үлэлэрин ис хоһооно уларыйара күүтүллэр, үксүн механическай үлэни бырагырааманан толороллоро былааннанар. Дьэ онно IT-технологияны быһаарсар учууталлар, быраастар наада буолуохтара.

 

Кэскиллээх дьоҕур

Аныгы үлэ биэрээччилэр ирдэбиллэрэ уларыйан эрэр. Ол курдук, билигин «булугас, сытыы өйдөөх», «түргэн-тарҕан», «көмпүүтэринэн сатаан туһанар» диэн дьоҕурдарынан муҥурданар буоллахтарына, аны уонча сылынан олох атын ирдэбиллэр туруохтара. Холобур, бу курдук:

 

Үлэни систиэмэлээхтик өйдөөһүн. Үлэни систиэмэ сорҕотун быһыытынан ылыныы. Уустук систиэмэлээх үлэ үөрүйэҕэ диэххэ сөп.

 

Норуоттар икки ардыларынааҕы коммуникация үөрүйэхтэрэ. Технологиялар уонна бырассыастар өйдөбүллэрин араас эйгэҕэ уларытан бэйэҕэ туһаныы, ырыынак уратытын билии, атын омук дьонугар ытыктабыллаах сыһыан.

 

Менеджмент үөрүйэҕэ. Бырассыастары уонна бырайыактары салайыы. Чуолаан, былааннааһын бириинсиптэрин билии ирдэнэр.

 

«Мультикультурность” уонна “мультиязычность”. Омук тылынан (английскай тылы) көҥүл туһаныы, ону таһынан хас да атын омук тылынан саҥарыы уонна өйдөөһүн. Атын дойдулар култуурунай уонна национальнай уратыларыгар ытыктабыллаах сыһыан.

 

Сибээһи олохтооһун. Атын дьону кытта алтыһыы, хамаандаҕа үлэлиир үөрүйэх, улахан кэлэктииптэри да, биирдиилээн исписэлиистэри да кытта үлэ бириинсиптэрин өйдөөһүн.

 

Мультфункциональнай. Тугу барытын кыайа-хото тутуу, түргэн эрэһииминэн үлэ бырассыаһын ыытыы. Сөптөөх садаачалары сөпкө аттаран туруоруу, информация тиийбэтин миэстэтигэр булан-талан, үлэни түргэнник толоруу.

 

Айар үлэҕэ креативнай өй-санаа. Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамыы, саҥа «тренди» үлэҕэ туһаныы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...