«Звезднай» түөлбэ — тутуу миниистирин хонтуруолугар
СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов «Звезднай» дьоҕус түөлбэ эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээтэ. Маны таһынан миниистир суол ситимин тутуутун, инженернэй тиһиктэр технологическай холбонууларын, ону тэҥэ эрдэ киирбит дьиэлэргэ араас хабааннаах итэҕэстэри туоратыыны билистэ.
Саҥа түөлбэ олохтоохторун долгутар сүрүн кыһалҕанан киирэр суол буолар. Үлэ сакаасчыта — «Главстрой» МХТ. Билиҥҥи туругунан суол ситимин бэлэмнээһиҥҥэ хантараак оҥоһуллубут.
Суол тутуутун миниистир туох диэтэ?
«Бастатан туран А сектор суола тутуллуохтаах. Ааспыт сылга Летчик Вера Захарова аатынан уулуссаҕа сэттэ дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Билигин Космонавт Герман Титов аатынан переулокка аспаал кутуллар. Үлэ муус устар ыйтан саҕаламмыта уонна сыл бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Манна тротуар ууруута, уулусса уота эмиэ киирсэр. Ону тэҥэ быйыл С секторга уон дьиэ үлэҕэ киириэхтээх. Онно эмиэ суолу оҥоруу үлэтэ бара турар»,— диэн Виктор Романов иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, саҥа суол тутуллуор диэри кэмиттэн кэмигэр эргэ буор суоллары тэҥнээһин уонна үрдэтии үлэтэ ыытыллар.
«Дьиҥэр, эрдэ киирбит дьиэлэргэ суол кыһалҕата баар эрээри, куорат салалтатын кытта онно кэмиттэн кэмигэр кумах кутан тэҥнээн биэрэр туһунан кэпсэтии барбыта; улахан кыамталаах тиэхиньикэ суолу түргэнник буортулуур»,— диэн быһаарар миниистир.
Оптуобус тохтобула оҥоһуллуо дуо?
Кистэл буолбатах, куорат уопсастыбаннай тырааныспарын сырыытын тула кэпсэтии аҕыйаҕа суох. Саҥа түөлбэҕэ бу кыһалҕа өссө сытыытык турар. Олохтоохтор биир эмэ оптуобус түөлбэҕэ киирэн тахсарын туруорсаллар. Онон сотору манна Эргэ Покровскайдыыр суол өттүттэн кэлиигэ оптуобус тохтуур балаһаакката быһаарыллыаҕа.
«Дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны хааччыйар туһуттан уопсастыбаннай тырааныспар боппуруоһун быһаарыахха наада. Суолу тутууну кытта сырдатыы, оптуобус эргийэн тахсар балаһаакката тэҥҥэ оҥоһуллуохтаахтар. Эргэ Покровскайдыыр суол өттүттэн кэлиигэ балаһаакка тэрийдэххэ, билиҥҥи тохтобултан быдан чугаһыаҕа»,— диэн Виктор Романов тоһоҕолоон быһаарар.
Суол тутуутун сэргэ түөлбэ иһигэр территорияны тупсарыы салгыы ыытыллыаҕа. Үлэ сайын устата салҕаныаҕа.
«Түөлбэ иһин бүтүннүү аспааллаабаппыт диэн быһаардыбыт. Сорох сиринэн үлтүркэй тааһы кутуохпут»,— диэтэ Виктор Романов.
Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын боппуруостарын туруорсуу
Аны инженернэй ситимнэр боппуруостара – уунан, сылааһынан хааччыйыы, ууну ыытыы, электрическэй ситимнэргэ холбонуу. Бу үлэ барыта суол тутуутун бырайыагар киирэ сылдьар.
Канализацияҕа билиҥҥитэ быстах дьаһал ылыллыбыт – септиктэр оҥоһуллаллар. Кииннэммит канализацияҕа олохтоохтук холбонуу 2025 сылга ыытыллыаҕа.
«Быстах кэмҥэ диэн септиктэр туруорулуннулар. Бырайыакка бу хара маҥнайгыттан баара. Тоҕо диэтэххэ канализация ситимин суол тутуута бүтэ илигинэ оҥордоххо, этэргэ дылы, салгыҥҥа ыйанан туруохтаах этэ. Онон инженернэй ситимнэр суолу-ииһи кытта тэҥҥэ оҥоһуллуохтара. Бу олохтоохторго хайдах да сабыдыаллаабат».
Манна эбэн эттэххэ, «Водоканал» тэрилтэ водоузелы тутар-монтажтыыр үлэни 2025 сылга түмүктүүр. Саҥа эбийиэк түөлбэ олохтоохторун ыраас иһэр уунан хааччыйыаҕа, итиннэ кэлэр өттүгэр ГАИ поһугар диэри Покровскайдыыр суолтан чугас ыаллар холбонуохтара.
Кыбаарталы уунан хааччыйар инниттэн быстах кэмнээх уу ситимэ тардылынна. Манна ууну носуос станциятын көмөтүнэн хачайдыахтара.
Кэккэ олорор дьиэлэргэ бэлиэтэммит итэҕэстэри бэдэрээттээх тэрилтэ мэктиэлэммит эбэһээтэлистибэтин суотугар туората сылдьар.
Санатан эттэххэ, былырыын А сектор үлэҕэ киирбитэ — 26 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх 7 дьиэ. С секторга урут 14,4 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх 2 дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Быйыл бэс ыйыгар 31 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх — 5, онтон ахсынньыга 14,4 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх 2 дьиэ үлэҕэ киирэллэрэ күүтүллэр. Ол курдук 2028 сылга «Звезднай» түөлбэҕэ барыта 11 тыһыынча киһиэхэ аналлаах 264,8 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ тутуллуоҕа. Онно эбии 6,2 км усталаах бэлисипиэт суола, 1,1 км усталаах сатыы дьаарбайар сир баар буолуохтара. Территория улахан аҥаара пааркаларга уонна сквердэргэ бэриллиэҕэ.
«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыагынан бу түөлбэҕэ хаарбах дьиэлэр, ол иһигэр 17-с кыбаартал олохтоохторо көһөн кэлэллэр. Манна салгыы водоузелы, кыбартаалынай хочуолунайы кытта 990 миэстэлээх оскуола, симиэнэҕэ 600 киһи сылдьар поликлиника, сабыылаах каток баар буолуохтара.