«Звезднай» дьоҕус оройуоҥҥа 7 саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ
Гражданнары хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» дойду бэрэсидьиэнин национальнай бырайыагын чэрчитинэн үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников Дьокуускайга тутулла турар эбийиэктэргэ сырытта, тутуу хаамыытын көрдө-иһиттэ. Ол курдук, кини «Звезднай» дьоҕус оройуон дьиэлэрин инженернэй инфраструктураҕа холбооһуну тэтимирдэргэ сорудахтаата.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ дьиэлэр тас оҥоһуулара көхтөөх тэтиминэн ыытыллар. Бэдэрээтчиттэр дьиэ иһинээҕи үлэни оҥорон бу ыйдарга бүтэрэллэрин курдук, сэтинньи 20 күнүгэр диэри, быстах кэмнээх схеманан ДСК хочуолунайыгар холбонон, ититиини биэрэллэрэ ирдэнэр. Дьиэлэр сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтэрэ, 2024 сыл сааһыгар бастакы ыаллар көһүөхтэрэ», - диэтэ Садовников.
Быйыл үлэҕэ киириэхтээх 7 дьиэ саҥа «С» секторга тутулла тураллар, уопсай иэннэрэ – 45 тыһыынча квадратнай миэтэрэттэн тахса. Саҥа дьиэлэргэ куорат олохтоохторо эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ улуустарын хаарбах туруктаах дьиэлэриттэн кытта көһөн кэлиэхтэрэ. «С» секторга уопсайа 59 тыһыынча квадратнай миэтэрэлээх 10 дьиэ тутуллуоҕа, итинтэн үһэ эһиил, 2024 сылга, үлэҕэ киириэҕэ.
Олорор дьиэ тутуутун сэргэ «Звезднайга» социальнай эбийиэктэри туталлар. Кэлэр сылга бэрэсидьиэн «Демография» национальнай бырайыагын чэрчитинэн сабыылаах каток үлэҕэ киириэҕэ. Билиҥҥи туругунан эбийиэк бэлэмэ – 25%. Итини таһынан, саҥа хочуолунай тутулла турар. Сотору кэминэн 315 миэстэлээх оҕо уһуйаанын тутуута саҕаланыаҕа, 990 миэстэлээх оскуола уонна күҥҥэ 600 киһини көрөр поликлиника былааҥҥа бааллар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2019 сылтан 2025 сылга диэри 61 тыһыынчаттан тахса киһи көһөрүллүөхтээх, 1,1 мөлүйүөн квадратнай миэтэрэттэн тахса хаарбах туруктаах дьиэ көтүрүллүөхтээх.
Итини таһынан, Дмитрий Садовников «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар онкодиспансер тутуутун бэрэбиэркэлээтэ. Билиҥҥи туругунан эбийиэк бэлэмэ – 90%-тан тахса, сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх.
Бастакы вице-премьер сакаасчытка уонна бэдэрээтчиккэ иһинээҕи үлэни оҥорооччулар ахсааннарын элбэтэргэ сорудахтаата. Билиҥҥи туругунан, сүрүн медицинскэй тэрил 70%-на туруорулунна, ол иһигэр көмпүүтэринэн үлэлиир томограф, рентген аппараата, ангиограф, сууйар-стерилизациялыыр тэрил уо.д.а.