Зондировщик-сөмөлүөт үлэтэ үтүө түмүктэрдээх
Киин аэрологическай обсерватория (Росгидромет) зондировщик-сөмөлүөттэрэ Саха сиригэр ыам ыйыттан үлэлээтилэр. Үс ый иһигэр сөмөлүөттэр өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар уопсайа 26 төгүл көттүлэр. Як-42Д сөмөлүөт Уус Маайа улууһугар бүтэһик көтүүнү оҥордо.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников сөмөлүөт экипаһыгар үлэлэрин этэҥҥэ толорбуттарын иһин бырабыыталыстыба наҕараадаларын туттартаата. Кини искусственнай ардаҕы ыҥырыы эспэримиэнэ эһиил салгыы ыытылларын бэлиэтээтэ. «Ойуур баһаардара үөскүүр, турар кутталлаах таһымнарын (кылаастарын) намтатыы үлэтэ үчүгэй өрүттээҕэ көһүннэ диэн сыаналыыбыт. Ил Дархан Айсен Николаев тустаах үлэ эһиил салгыы ыытылларыгар сорудахтаата», - диэтэ Дмитрий Садовников.
Киин аэрологическай обсерватория салаатын начаалынньыга, бөлөх салайааччыта Баграт Данелян быйыл искусственнай ардаҕы түһэрии ыытыллан ойуур баһаардара аҕыйаабыттарын бэлиэтээтэ. «Маннык эспэримиэни көҕүлээн тэрийбиккитигэр өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанабын. Искусственнай ардаҕы ыҥырыы түмүгэр уот туруута лаппа аҕыйаата. Атын регионнарга тустаах үлэ ыытыллыбатах буолан ойуур баһаардара элбэхтэр диэххэ наада», - диэтэ Баграт Данелян.
Ойуур баһаардарын утары зондировщик-сөмөлүөттэри туһаныы өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа уонна туһалаах хайысханан буолла.