«Зима начинается с Якутии» бэстибээл онлайн көрүҥүнэн ыытыллыаҕа
Сылын аайы ыытыллар «Зима начинается с Якутии» кырыа кыһын, ирбэт тоҥ, тымныы уонна хотугу ыалдьытымсах буолуу өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ онлайн көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Тэрийээччилэр – предпринимательство, атыы уонна туризм Министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтата, СӨ ыалдьытымсах буолууга Ассоциацията.
Бэстибээл чэрчитинэн ахсынньы 1 күнүгэр Ленин уонна Орджоникидзе болуоссаттарыгар саҥа дьыллааҕы харыйалары «уматыы» үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Итини сэргэ ити күн Дьокуускай куорат уонна Евпатория муниципальнай тэрээһиннэрин икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин уонна бырааттыы сыһыаннары бөҕөргөтүү боротокуолун чэрчитинэн «Северная снежинка» эстафетаны биир дойдулаахтар бэрэстэбиитэллэригэр биэрии буолуоҕа.
Сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри Орджоникидзе болуоссатыгар уонна 202-с дьоҕус оройуоҥҥа баар «Северное сияние» пааркаҕа «Бриллианты Якутии» диэн муус уонна хаар оҥоһуктар куонкурустара биллиилээх уонна саҥа саҕалааччы скульптордар ортолоругар ыытыллыаҕа.
«Вкус Якутии» гастрономическай бэстибээл чэрчитинэн киин куорат бастыҥ рестораннара саха национальнай астарын аныгылыы көрдөрүөхтэрэ. Туспа былаанынан шеф-повардар маастар-кылаастара ыытыллыаҕа, национальнай бүлүүдэлэри амсатыы буолуоҕа.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл тэрийээччилэрэ үгэс буолбут муҥханы ыытары былаанныыллар. Ол курдук ыалдьыттар Хаҥалас оройуонун Улахан Аан сэлиэнньэтигэр Амчаах диэн сиргэ сылдьыахтара.
Сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри тэрийэээччилэр «Тойон Балык» хаартыска куонкуруһугар кыттарга ыҥыраллар. Куонкурус Instagram @upravlenie_cultury_yakutsk платформаҕа ыытыллар.
Ахсынньы 5 күнүгэр Instagram @upravlenie_cultury_yakutsk платформаҕа «Строганина» хаартысканан куонкурус ыытыллыаҕа.
Бэстибээл чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун айар талааннарын арыйар тэрээһиннэр былааннаммыттар. Ол курдук, маастардар «Тепло якутской Зимы» Саха сирин норуоттарын кыһыҥҥы төрүт таҥастарын хаартысканан күрэҕэр, «Бал снежной долины» авторскай куукула бэстибээл-быыстапкатыгар кыттыахтарын сөп. Бэлиэтээн эттэххэ, «Симэх» галерея быыстапкаҕа бастыҥ куукула оҥорооччу маастардар үлэлэрин киэҥ араҥаҕа таһаарыаҕа. Онлайн-быыстапка кыттыылаахтарын куукула аптаах эйгэтин кытта көрсүһүү күүтэр. Итини сэргэ, сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри «Серебряная чешуя» норуот маастардарын быыстапката буолуоҕа.
Ахсынньы 1 күнүгэр «Arctic Fashion Show-2021» саха дизайнердарын кэллиэксийэлэрин көрдөрүүтэ ыытыллыаҕа. Манна биллиилээх модельердар уонна саҥа саҕалааччылар үлэлэрэ баар буолуохтара.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн «Зимняя сказка» айар куонкурус, саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуурдарын авторскай оҥоһуктара, быыстапкалар, маастар-кылаастар, саха норуотун остуоруйаларынан мультимедийнай бырайыак ыытыллыахтара.
Ахсынньы 1-4 күннэригэр онлайн көрүҥүнэн «Традиции и современность в искусстве народных художественных промыслов и ремесел народов Крайнего Севера, Дальнего Востока и Сибири» III Регионнар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференция буолар.
Сэтинньи 22-26 күннэригэр «Славим дружбой и трудом край Олонхо!» СӨ үлэ кэлэктииптэрин уус-уран айымньыларын IV бэстибээлин сүүмэрдиир түһүмэҕэ уонна гала-кэнсиэрэ ыытыллар.
Итини сэргэ талаан уонна кэрэ буолуу алтынньы 25 күнүгэр ыытыллыбыт дистанционнай куонкурустарын түмүктэрэ тахсар. Ити – «Хаарчаана Куо-2021» кыргыттар VI Аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустара, «Бриллиантовые нотки» оҕо айар кэлэктииптэрин куонкуруһа, норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо уонна улахан дьон айар кэлэктииптэрин бэстибээлэ.
«Зима начинается с Якутии» бэстибээл бырагырааматын кытта сиһилии култуура уонна духуобунай сайдыы Управлениетын саайтыгар www.cultura14.ru уонна инстаграм-аккауҥҥа @upravlenie_cultury_yakutsk билсиэххитин сөп.