Жатайга канализация тутуута түмүктэнэн эрэр
Жатай бөһүөлэгэр канализация тутуута тиһэх түһүмэххэ киирдэ. Ыам ыйын 31 күнүгэр Саха сирин ОДьКХ уонна энергетикаҕа миниистирэ Вячеслав Емельянов эбийиэккэ сылдьан үлэ хаамыытын билистэ. Билиҥҥи туругунан эбийиэк бэлэмэ 85 % диэн иһитиннэрдэ СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «механическай» ыраастааһын сыахтаах биологическай уонна канализационнай носуос ыстаансыйаларын уонна административнай-бытовой комплекс ис бараанын оҥоһуута хаалла. Сүрүн тэрили бэрэбиэркэлээн холбоон көрүү ыытылынна. «Водоканал» АУо кылаабынай инженерэ Андрей Аммосов иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын ортотуттан ыраастыыр ыстаансыйа толору циклын бэрэбиэркэлиир сыаллаах үлэ саҕаланара былааннанар.
Итиэннэ тэҥҥэ территорияны тупсаран оҥоруу, таһынааҕы сырдатыы ситимин тардыы ыытыллар, эргэ канализационнай носуос ыстаансыйатын көтүрүү салҕанар. Эбийиэк үлэҕэ бэс ыйын бүтэһигэр киириэхтээх.
Канализация тутуута ОДьКХ реформалааһын Пуондатын өйөбүлүнэн ыытыллар. Саҥа ыстаансыйа аныгылыы оҥоһуллубут ыраастыыр тутуулардаах, толору биологическай ыраастааһыны оҥорор күүстээх тэриллэрдээх, бары өттүнэн силигэ сиппит буолуоҕа.