Захар Чукров туһунан кинигэттэн санаалар
Былырыын сэтинньи 12 күнүгэр 1970-с сыллартан саха норуотугар баттаммыты көмүскэһэргэ, халыҥ-хахха, суон дурда буоларга кэнники кэм Ньургун Боотурунан биллибит, аатырбыт тустуук Захар Чукров 64 сааһыгар ыарахан ыарыыттан Орто дойдуттан былдьаммыта. Бүгүн ол биир сыла туолуутугар түмсэн, кини туһунан кинигэни ырытыһыахтаах этибит. Сордоох дьаҥ мэһэйдээтэ. Саатар ыраахтан санааларбытын атастаһыаҕыҥ.
Былырыын “Киин куорат” хаһыакка тута кутурҕан суруйбуппун балайда дьон тиһэх суолга атаарааччылар, сорохтор төлөпүөнүнэн номнуо аахпыттарын, олоҕун баарынан сөптөөхтүк суруйбуппун биллэрбиттэрэ. Махтанааччылар ырытыспыттара. Уола Николай аҕатын хоруобун аттыгар олорон, туран, махтал тылларын этэн, улахан баппаҕайынан илии тутуспута.
Тиһэх остуолугар эппиппин ситэрэргэ ордук буолуо диэн сарсыныгар “Чукров уонна кини эйгэтэ” диэн бассаап бөлөҕүн арыйбытым. Билэр дьонтон ахтыылары суруйуҥ, кинигэ оҥоруоххайыҥ диэн этии киллэрбитим. З.Чукров оҕолоро, биллиилээх салайааччы Родион Иннокентьевич Федоров, доҕотторо, биир дойдулаахтара өйөөбүттэрэ. Бассаапка ким тугу оҥорон эрэрин Захар олоҕун иккис аргыһын дьүөгэтэ, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, учууталлар учууталлара Феврония Николаевна Егорова суруйан испитэ. Итинэн кини сүрүн көҕүлээһини, тэрийиини бастакыттан үүнүн бэйэтэ баҕатынан туппута. Бу дьаҥынан хаайтарыыттан, суол тобулан, аныгылыы эттэххэ, волонтерствоҕа, устудьуоннартан саастаахтары кытта сүүрдэн, күүскэ ылсыбыта. Пединститутугар ахтыылары аҕалааччылары, оҥорооччулары тиэтэтэн, болдьоһон, диктофоҥҥа уһултаран, суруктарын, хаартыскаларын көмпүүтэргэ бэчээккэ бэлэмнэппитэ. Балыыһаҕа да сытан, дьаһайарын, сааһылыырын салҕаан, түмүктээбитэ. Хомуйан оҥорооччуларынан, ааптардарынан: Н.Д. Неустроев, Н.З. Чукров, М.Е. Друзьянов суруллубуттар. Ахтыыны Ил Дархантан, Ил Түмэн спикериттэн саҕалаан, элбэх киһиттэн түмүллүбүт.
Кинигэ “Саха киэн туттар дьоно” диэн сиэрийэнан чугас дьоно матырыйааллары, үбү бэрт түргэнник буланнар, “Сахаада” издательствоҕа (салайааччы—Гаврил Петрович Стручков) таҥыллан, ааспыт сайын Дьокуускайга бэчээттэнэн номнуо тахсыбыта. Халыҥ тастаах. 240 сирэйдээх. Элбэх хаартыскалаах. 500 экз. тарҕаммыта. Маттым диэн хомойооччу элбэҕинэн өссө эбии Новосибирскайга бэчээттэнэ ыытыллыбыта.
Ити серияҕа улахан судаарыстыбаннай деятеллэр тахсаллара. Мин урут “Хара уонна үрүҥ” диэн ыстатыйалар циклларын олох очуругар-чочуругар оҕустарбыттар өрүттүүлэрин туһунан суруйбутум. Улахан биһирэбили ылбыта. Ону сиэрийэ оҥорон таһаарыыга киллэрбит буоллар, олоххо баары-баарынан кэпсииргэ дьон арыллыа, ааҕааччы быдан сэҥээриэ эбитэ дуу?
Кинигэ таһын арыйаргын кытта постерга адаар муоһун адаарыппыт аарыма буур долгуннаах өрүс ортотугар харбаан иһэр хаартыската бэчээттэммит. Сүрдээх философиялаах. Халыма аар тайаҕа, сөҕүмэр Эбэ Модун Захар бэйэтинэн ыарахан олоҕу солуур дьулуурун санатар.
Хомуурунньукка Захар Чукров олоҕун анаабыт идэтин историята, онно чаҕылхай суолларынан киниэхэ холобур буолбуттар, олорбут сирдэрэ, тустууга чочуллубут Чурапчыта уо.д.а. суруллубуттар киирбиттэр. Маҥнайгы түһүмэххэ төрүттэрин, дойдуттан тахсыбыт учуонайдар Мария Ивановна Старостина, Ульяна Алексеевна Винокурова чинчийиилэринэн, архыыптан ытаһаламмыт төрүччү таблицанан толоруллубут.
Захар Чукров арыллыбатах талаанын үгүстэр билэллэр. Аан дойдуга биллэр бухатыырдары баһыйбытын, чаҕылхай быраҕыыларынан хоппутун өйдүүллэр. Онно эбэн, спортан атын суолунан да барбыта буоллар, уордьаннаах аатырбыт аҕатын курдук ситиһиилэниэн итиннэ хас да ааптар бэлиэтээтибит.
Кини көбүөргэ сүрүн кыайыыларын хаста да очурга оҕустарыылартан тэмтэрийииттэн өрүттэн, туох да усулуобуйата суох сылдьан ситистэҕэ. Ол да үрдүнэн өссө ситэ барыан сөптөөҕө хас да ахтыыттан көстөр.
Доҕорум, Орто Халыма улууһугар баһылыгынан, өрөспүүбүлүкэҕэ айылҕа харыстабылын миниистиринэн өр үлэлээбит Владимир Афанасьевич Григорьевтыын арааһы, ол быыһыгар тустууктары, балайда анаарааччыбыт. Кини Захар Чукровтуун илии тутуһан-хабыһан бэйэ-бэйэлэрин нэмнэрин билсибит бухатыыр билиниилэрин норуокка биллэрдэ. Онно Юрий Андреев көҥүл тустууга Чукров кинини иккитэ тустан иккитэ, өссө 90 кг лидердии сырыттаҕына, кинини 82 кг үөһэ тахсан, кыайбытын тоһоҕолообут. Юрий “үс үтүөлээх маастары, 11 аан дойду кылаастаах маастары кытта тустубутум, кинилэргэ баһыйтарбатаҕым, ол гынан Захар Чукров кинилэртэн даҕаны атын илии, атын атах, тустууга ананан төрөөбүт киһи этэ. Үчүгэй усулуобуйаҕа сылдьыбыта буоллар олимпийскай чемпион таах буолар бөҕөс хааллаҕа” диэбит. Уонна Захары итинник улахан да ыйааһыҥҥа олус сымсатын, түргэнин, олимпийскай чемпион буолуон сөптөөҕүн усулуобуйа суоҕунан ситэ туһамматаҕын ыйбыт.
Олимпийскай чемпион Павел Пинигин Чукрову Киевкэ ыллара сатаабыт. Сатабыллаах тренерэ Георгий Анатольевич Бураков Захартан улахан тустуук таһаарыам диэн эрэннэрбит. Оччотооҕу респорткомитетын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Егорович Алексеев ону үөһээ салалтаҕа тиэрдэн, туруорсан, сахаттан үрдүкү ыйааһыҥҥа киһини аартыгын арыйарга үлэ барбыт даҕаны, Захары араастаан сөбүлэһиннэрэ сатаабыттарын ылымматах. Оо, арай барбыта буоллар ньии...
Кинигэ түөрт түһүмэҕин педагогическай наука доктора Николай Дмитриевич Неустроев “...түмүк санааларынан” ырытан биэрбит. Итинэн научнай таһымынан ситэрбит.Хомойуох иһин, кини бу күннэргэ дьаҥтан олоҕун аргыһыныын быстыбыттара кыһыылаах.
Ахтыыларга сүрдээх истиҥ, киһини долгутар суруйуулар бааллар. Сорохторуттан хараҕым ууланан ылла. Уола Николай Чукрову олох эдэригэр көрсөн, тоҕо бачча эрдэ тустан бүтэргэ быһаарыммытын туоһулаһан турардаахпын. Тылын-өһүн истэн, бу уол салайар үлэҕэ тахсыан сөп эбит дии санаабытым. Николай Захарович Орто Халыма куорат баһылыгынан талыллан, тэрээһиннээхтик дьону-сэргэни хамсата сылдьарын истэбин, соцситимнэргэ араас санаатын, мындырдык тиһэн киһини тардарыттан эмиэ билэбин. Ол билиҥҥи үлэтигэр туһалыыр, иннигэр ыллык, аартык да кэлэр. Коля олоххо ити кэрэһитинэн историяҕа да суолун хаалларар чинчилээх. Мантан аллараа кини кинигэҕэ киллэрбит ахтыытыттан икки лоскуйу ааҕыҥ:
“...Смерть своей матери я много раз тоже прокручивал в голове. Ведь утром она была жива, отправила в детский сад младшего брата Валеру, ему было 3 годика. Потом мы с сестрой не смогли вызвать скорую помощь. И потом много раз говорили друг другу как бы было, если бы мы вызвали скорую помощь, осталась бы мама жива или нет. Все-таки я задал вопрос маме, на что она ответила “не надо вызывать скорую». Почему она так сказала, тоже загадка для нас до сих пор. Вечером мы с сестрой пошли забирать нашего брата из детского сада и этот момент навсегда остался у меня в памяти, как мой брат всю дорогу вприпляску шел домой полный счастья, а мы держали его за руки с обеих сторон и всю дорогу у нас из глаз текли слезы. А дома он бегал по комнатам и искал свою маму, но... Мог ли я спасти её, кто виноват в этом, но думаю, что и эта смерть была предначертана судьбой и ничего невозможно поменять. Ведь сценарий фильма под названием «наша жизнь» такая и все уже написано задолго до нашего рождения поэтому приходится воспринимать все как есть, не искать виноватых, сделать анализ и жить дальше. Наверное, только так можно было объяснить ситуацию, в которой мы оказались в то время.
Наутро отец вернулся с охоты, он не плакал, обнимал нас и успокаивал. Это сейчас я понимаю, какую выдержку проявил мой отец свои 35 лет. Он остался один с четырьмя детьми на руках. Всю жизнь мой отец вспоминал свою мать, которая умерла в такой же ситуации при родах, наверное, он тоже не мог понять, почему так произошло, почему это все повторилось ещё раз. От матери ему в наследство достался чемодан, в котором он хранил фотоальбомы и некоторые свои документы. Он говорил, что этот старый чемодан ему очень дорог и всегда куда бы он ни переезжал, этот чемодан всегда был с ним...”.
“...Когда отец вышел из тюрьмы, он стал жить в г. Якутске, стал чемпионом мира среди ветеранов и ему выделили квартиру. Они очень благодарны Родиону Иннокентьевичу Федорову за помощь. Когда открылась ДЮСШ номер 3, его взяли на работу тренером. Он сам удивлялся, как его долго поддерживал директор ДЮСШ Федот Архипович Соловьев целых 20 лет. И это, наверное, тоже судьба, ведь руководство ДЮСШ знало, что Захар не совсем простой человек и его трудно удержать в рамках обычного человека и этим, наверное, он и подкупал людей. Ведь второго такого человека нет.
Он был очень свободолюбивым человеком, очень любил и скучал по родине, всю жизнь любил свою мать и жил любовью к ней, всю себя отдал благополучию своих детей...”.
Кыыһа аҕата олоҕун тиһэх күннэригэр диэри улаханнык ыалдьыбытын кистээн, биллэрбэккэ, дьиэ тутуһа сылдьыбытын, ол бүтэн эрэриттэн астынарын ахтыыта эмиэ уйадытта.
Чукровтар барытыгар дэгиттэр кыахтаахтар. Кинилэр ааттарын ааттатыыга туйах хатарааччылара, удьуордара, сыдьааннара, Захар оҕолоро, сиэннэрэ салҕаһаллар.