07.09.2022 | 21:39 | Просмотров: 908

Забастовка

Биһиги кэммит кэрэхсэбиллээх суруйааччыта Борис ПАВЛОВ күлүм кэпсээннэрин таһаарабыт.
Ааптар: Борис ПАВЛОВ
Бөлөххө киир

Мэхээлэ үлэтиттэн кэлбитэ дьоно телевизор көрө олороллоро. Депутакка кандидаттары туруоруу хампаанньата бара турара. Күөх экрантан хаалтыстаах, килэгир ачыкылаах киһи тугу эрэ кэпсээн күлүмнэтэр. Илиитэ биир кэм эп-элэҥнэс.

Чэйдии олорон ол туһунан кэпсэтии буолла.
- Сиидэрэп маладьыас, - диир кэргэнэ, тэриэлкэҕэ хойуу миини кута-кута. – Дьахталларга  оҕолоннохторуна харчыларын эбэбин диэтэ.
- Дьөгүөрэп ордук, - диир алтыска үөрэнэр уола Куонаанчык. – Оҕолорго көҥүлү биэриэххэ наада диэтэ. Куолаһы киниэхэ биэрэр сөп.
- Пахай, - диэтэ тохсуска үөрэнэр кыыһа Дуунньа. – Дьөгүөрэп кулгааҕа даллаҕара бэрт. Оттон Сиидэрэп мунна токур. Ыстапаанапка куоластыахха наада. Кини санна да кэтит, уҥуоҕа да уһун…


Мэхээлэ иккис күнүгэр үлэтиттэн кэлбитэ дьоно эмиэ телевизор иннигэр олороллор. Күөс оргуйбут, ол эрээри дьоно аҕаларын да аһатар, бэйэлэрэ да аһыыр быһыылара  көстүбэт. Мэхээлэ кэтэстэ. Аччыктаата. Ыҥыран көрбүтүгэр: «Тохтоо, тулуй, Дьөгүөрэп программатын ситэри истиэххэ», -  диэтилэр. Киэһэ хойут чэйдээтилэр. Эмиэ кандидаттар тустарынан кэпсэттилэр. Ыстапанап программата Сиидэрэптээҕэр туох ордуктааҕын ырытыстылар. Онтон Куонааскы эмискэ эргиллэ түһэн, уҥуох тиниктээн хадьырыйа олорор  Мэхээлэттэн ыйытта:
- Аҕаа, эн куоласкын кимиэхэ биэрэҕин?
- Ким билэр доҕор, оттон… оттон тырахтарыыстарга ким тугу биэриэх буолар?
- Ыларын эрэ билэр. Киһи бөҕө, - диэтэ кэргэнэ.
- Маннык дьоннордоох буолан баччааҥҥа диэри сайдыбаппыт, - диэтэ Куонааскы.

Онтон Дуунньа күлэн тоҕо баран иһэн, айаҕын ытыһынан хам туттан, хоһугар куймурус гынан хаалла.
Мэхээлэ үһүс күнүгэр үлэтиттэн кэлбитэ дьонноро эмиэ телевизор иннигэр олороллор. Мэхээлэ кэтэстэ. Аччыктаата. Онтон:
- Бу туох үлүгэрэй? Тэлэбиисэри сиэри гынныгыт дуо? – диэн баран тиийэн розеткаттан арааран кэбистэ. Онуоха дьонноро кыыһыран турдулар.
- Ньүдьү балай! – диэтэ кэргэнэ.
- Билигин демократия үйэтэ. Күүһүнэн өттөйөр сыыһа, - диэтэ Куонааскы. – Забастовката биллэриэххэ. Мантан ыла бэйэтэ астанан аһаатын.
- Эн культ-лиичинэскин, - диэтэ Дуунньа уонна сөмүйэтинэн супту аста. – Забастовка биллэрэр саамай сөп. Кэһэйдин.


Төрдүс күнүгэр Мэхээлэ холуочук кэллэ. Дьоно телевизор иннигэр олороллор. Хаалтыстаах, тараҕай төбөлөөх киһи тугу эрэ дакаастаан этэн-тыынан көппөҥнөтөр. Мэхээлэ сыгынньахтаммакка эрэ хоско алтахтаан киирэн телевизоры тэбэн саайда. Солярка сыттаах хаатыҥка тараҕай киһи төбөтүн арыый ойоҕолуу саайылынна. Телевизор охтон «күр» гынна, алдьанар, үлтүрүйэр тыас барчаланна… Кэргэнэ «уой» диэтэ уонна оһох диэки харбыаласта. Куонааскы «мууһум» диэн баран таһырдьа ыстанна. Дуунньа куттаммыттыы хоһун диэки дьылыс гынан хаалла.
Бэһис күнүгэр Мэхээлэ үлэтиттэн кэлбитэ күөс быргыччы буһан тоһуйда. Тута остуол тула олорон аһаатылар. Ортолуу аһаан иһэн, кэргэнэ ыйытта:
- Мэхээлэ, ыаллар телевизор атыылыыллар эбит. Хайыыбыт?
- Суох, - диэтэ Мэхээлэ уонна ньирэй баһын саҕа сутуругун остуолга уурда, - Мин куул лиичинэспин эһиэхэ биллэрэн иһиэм.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Доҕорум олоҕун олорон
Сынньалаңңа | 12.05.2026 | 18:30
Доҕорум олоҕун олорон
Бадаҕа 4-5 сыллааҕыта этэ. Мииринэй куоракка олорор үөлээннээҕим олоҕун орто омурҕанын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр ыҥырбыта. Сөмөлүөт билиэтиттэн матан, сиринэн айанныыр «дьолломмутум».
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Сонуннар | 13.05.2026 | 14:31
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Амма уонна Үөһээ Бүлүү сириттэн төрүттээх Толстоуховтар дьиэ кэргэн биэс оҕолоруттан Олеся пауэрлифтинг көрүҥэр Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолан кэллэ. Бу үөрүүлэрин төрөппүттэрэ үллэһиннилэр.
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Сонуннар | 14.05.2026 | 10:25
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах оскуоланы үгүс киһи 34 №-дээх оскуоланан билэр. Бу оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа дьиэҕэ киирэн, билигин сурукка киирэр аата «Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса» диэн. 
Дьүөгэ
Сынньалаңңа | 13.05.2026 | 18:30
Дьүөгэ
Мин Ньукку диэн дьүөгэлээхпин. Дьүөгэм барахсан чуумпу, чуҥкук олохпун үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн аймаан кэбиһэр идэлээх.