03.07.2020 | 10:28

ЫЙЫТАБЫТ? КЫҺАЛҔАЛААХПЫТ, КӨРДӨҺҮҮЛЭЭХПИТ...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олох сайдан, урукку курдук, ойоҕос тостор уочаратыгар күнү быһа турбакка, кэбиниэттэри кэрийбэккэ, ааннары тоҥсуйбакка, кыһалҕабытын социальнай ситиминэн быһаарсар буоллубут. 

Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксеньтева олохтоохтору кытта ыкса ситими тутар, Инстаграмҥа сурутааччыларын истэр, ыйытыктарыгар төһө кыайарынан хоруйдуур. Бу кэккэ боппуруостары тута быһаарарга, кыһалҕаны миэстэтигэр туоратарга, үлэ тэтимин түргэтэтэргэ олус көдьүүстээх уонна табыгастаах ньыма.

Үгүс дьону суол, сир, уу, гаас ситимин боппуруостара долгутар. Хаарбах дьиэлэр олохтоохторо саҥа дьиэҕэ көһөөрү ыксыылларын биллэрэллэр. Ким эрэ сайыҥҥы таҥаспыт эргэрдэ, илдьирийдэ диэн муҥатыйар, атыы-эргиэн кииннэрин үлэлэтиҥ диэн көрдөһөр. Махтанааччы элбэх, үҥсээччи да үгүс.

Манна даҕатан эттэххэ, сорохтор Дьокуускай куорат баһылыгын муҥура суох модун кыахтаах, тугу баҕарар быһаарар дии саныыр курдуктар. Оннооҕор улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах боппуруостары ыйыталлар.

Бүгүн Сардаана Авксентьева аккаунугар кэнники күннэргэ киирбит ыйытыылары сыымайдаан, наардаан, бөлөхтөргө арааран таһаарабыт. Суруктарга хоруйдары эмиэ бэчээттиибит.

ОЛОХ-ДЬАҺАХ ТЫЫН БОППУРУОСТАРА

@losotova_leriya: – Атыы-эргиэн кииннэрэ хаһааҥҥыттан үлэлиэхтэрэй?

@minpred_official:Хааччахтааһын эрэсиимиттэн тахсыы иккис түһүмэҕэр, эпидемиологическай туругу учуоттаан туран аһыллыахтара.

@lenaivaykt: – Петр Алексеев уул., 21/3, гаражтар өттүлэригэр биир да банаар суох. Биир ханньайбыт банаардаахпыт да, ол үлэлээбэт. Сайын өссө куттала суох. Күһүн уонна саас гимназия оҕолоро хараҥаҕа сылдьаллар.

@mku_segh:Уулуссаларга уот линияларын тардыы үлэтэ “Сырдык киин куорат”  диэн муниципальнай бырагырааманан ыытыллар. Онно киирбит эбийиэктэр испииһэктэригэр бу аадырыс 82-с нүөмэринэн сылдьар.     

@annasydypova1987: – Баһаалыста, ГРЭС оройуонугар, чуолаан Бабушкин уулуссатыттан 6-с нүөмэрдээх оптуобус бүтэһик тохтобулугар диэри суолга болҕомтоҕутун уураргыт буоллар. Суол суох, барыта быыл. Оптуобус тохтобулугар туох да суох. Саас оптуобуска кыайан тиийбэт курдук, тула уу буолар.        

@mku_segh: – Бабушкин уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Грейдэлээһин, кутуу үлэтэ көрүллүбүтэ, күн аайы уу ыстаран быылы хаптатабыт.

@uranxai_sakha: – Мархаҕа, чуолаан Интернациональнай уулусса былааҥҥа баар дуо?

@admin_mkr_markha: 2020 сыл от ыйыгар, аукцион ыытыллан бүттэҕинэ грейдэлиэхтэрэ.

@angel_detky: – Мархаҕа Советская уулусса өрөмүөнэ былааҥҥа баар дуо?

@dorogi.ykt: – Баар. Быйыл бырайыагын докумуонун оҥоруохпут.         

@dream_nailbar_ykt: – Мин кулун тутар 28 күнүттэн үлэлээбэккэ олоробун. Эмсэҕэлээбит өҥөнү оҥорор эйгэ үлэһитэбин, субсидия көрүллүөхтээх. Докумуонум барыта баар, аренда дуогабара, о.д.а. Ол эрээри мин ОКВЭД-ым эбии испииһэккэ киирэр эбит, оттон сүрүн хайысхабын 2018 сыллаахха суох оҥорбутум. Нолуогабай уоргаҥҥа сапсыйан кэбиһэллэр. Ханна тиийиэхпин нааданый?

@minpred_ofifcial: – Предпринимателлэргэ быһа линия төл.эрийэн билсиҥ: 8-800-100-58-80. 

@laraslavyansk:  – Оҕуруот аһын атыылааччылар тоҕо сыаналарын суруйбаттарый? Бу төһөнүй диэн туран эрэ ыйытаҕын. Ону толкуйдаан баран этэр курдуктар... Холобур, үчүгэй таҥастаах буоллаххына, 450 солк.дииллэр. Санаабар, таҥаскынан-сапкынан көрөн сыананы быһаллар. Хайдах эрэ быһаарыллара буоллар. Роспотребнадзор тоҕо бэрэбиэркэ ыыппатый?

@14.rospotrebnadzor.ru: – Атыылаһааччы суругунан үҥүстэҕинэ, СӨ Прокуратуратын кытта сөбүлэһэн баран биирдэ былааҥҥа киирбэтэх бэрэбиэркэ ыытыллар. Суруккутун http:// 14.rospotrebnadzor.ru/ сайтка «Обращения граждан» киирэн ыытыаххытын сөп. Маныаха Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар (Госуслуги) регистрация хайаан да наада.

@sivtsevyakov: – Дьокуускай куорат олохтооҕун ахсаана олус элбээтэ дии санаабаккыт дуо? Оҕо уһуйаана, оскуола тиийбэт. Массыына элбэх. Суоллары оҥоруохха, уулуссалары кэҥэтиэххэ, элбэх оҕолоохторго босхо сир биэриэххэ наада. 2 %-наах ипотеканы ылбыттар куоракка көһөн кэлиэхтэрэ. Уопсайынан, Дьокуускай куорат сайдыытын уон сыллаах былаана баар дуо?  

@ykt.city: – Куораппыт инники кэскилин туһунан долгуйаргыт иһин махтал.2032 сылга диэри Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятын туһунан якутск.рф сайтка киирэн көрүөххүтүн сөп.  

ЭЛБЭХ ОҔОЛООХТОР ТУРУОРСАЛЛАР

@olenkacherdonova:  – Элбэх оҕолоох ыалларга көрүллэр сир учаастактарыгар уочарат тоҕо хамсаабатый?

@archyakutsk: – Элбэх оҕолоох ыалларга сөптөөх инфраструктуралаах дэлэй сир суох. Былырыын Арассыыйа Бырабыыталыстыбата Бүлүүлүүр, Маҕан, Намсыыр трактарыгар тыа пуондатыттан үс учаастагы көһөрбүтэ. Бу учаастактарга инникитин наадалаах инфраструктуранан хааччыйар докумуоннары уларытыахпытын наада. Ол барыта бүппүтүн кэннэ түҥэтэн саҕалыахпыт.

@maksim_varvara: – Хас сыллаахха учуокка турбуттар сир ылбыттарай? Биһиги 2016 c. быһа холоон, хаһан ылыахпытый? Сотору улахаттарбыт улааттахтарына, элбэх оҕолоох ыал диэн буолан бүтэбит.

@azo_ykt: – Элбэх оҕолоох ыаллары сиринэн хааччыйыы туһунан сокуон тахсыаҕыттан, 9706 элбэх оҕолоох ыал уочаракка турбута. Онтон 3765 ыал  (2012 сыл иккис аҥаарыгар диэри уочаракка турбуттар уонна бэйэлэрэ учаастак булуммуттар) сиринэн хааччылынна. Бүгүҥҥү күҥҥэ 6286 ыал уочаракка турар.    

@anna_rai:  – Пандемиянан сибээстээн, мэрияҕа, чуолаан оскуола иннинээҕи отделга кыайан киирбэккэ сылдьабыт. Мин оҕолорум 2017 сыллаах төрүөхтэр. Элбэх оҕолоох ыалбыт, онон быйыл оҕо уһуйааныгар уочараппыт кэлиэхтээх. Дьиэбититтэн тахсыбакка олорон, уочараппытын билиэхпитин сөп дуо?

 @ykt.city: – Билигин оскуола иннинээҕи отдел кими да киллэрбэт.408-007 төл. эрийэн билсиэххитин, ыйыталаһыаххытын сөп. Пандемия кэмигэр оҕо уһуйааннарыгар киллэрии боппуруоһа төлөпүөнүнэн быһаарыллар. Барыта уочаратынан, бэрээдэгинэн. Билигин 2016 с.т. оҕолору киллэрэ олороллор. Быһа холоон, от ыйын 5 күнүттэн 2017 с.т. оҕолору комплектыахтара. Уочараккытын еdu.e-yakutia сайтка киирэн көрүөххүтүн сөп.        

БӨХ, БӨХ, ӨССӨ ТӨГҮЛ БӨХ!

@ideyserg: – Күөх хочо – сынньанар сир. Баһаалыста, бөх тоҕор контейнердары туруораргыт буоллар, дьон айылҕаны киртитиэ суох этилэр. Онно куораттан бөхтөрүн таһааран тохпотторун хонтуруоллуохха наада.

 @yakutsk_centralokrug– Махтал. Сааскы халаан кэмиттэн ураты атын кэмҥэ туруоруохха сөп.

@ang_ina: – Ханна да уопсастыбаннай туалет суох…

@ykt.city: Хомойуох иһин, билиҥҥи туругунан уопсастыбаннай туалеттары туруорууга бүддьүөттэн үп-харчы көрүллүбэтэҕэ. 

@evgeniiamatskevich6337:  – Пристанская уулусса туһунан ыйытыахпын баҕарабын. Халааҥҥа диэн 20 мөлүйүөн солк.көрүллүбүтэ. Манна онто да суох суолларбытын грейдердиэхпит диэбиттэрэ. Хомуллубут бөх куулланан баран уулуссаларга турар, ыттар таһан бүтэрэн эрэллэр. Биһиэхэ, эмсэҕэлээбит олохтоохторго, хоромньубутунааҕар кыра харчыны төлөөтүлэр. Ким эмит сааһылыа дуо? Эбэтэр маннык олоробут дуу?

@prom_okrug_ykt:  – От ыйын 26 күнүгэр уулуссаҕа бөх турарын баран көрүөхпүт. Этиллибит сиртэн бөх тиэйиллибитэ. Суолу грейдэнэн тэҥнээһин туһунан куораты тутуу Департаменын быһаарыытын күүтэбит.  

АРЫГЫ МАҔАҺЫЫННАРЫН АҔЫЙАТАРГА

@galabochkareva6132:  – Биһиги куораппытыгар арыгы маҕаһыыннара ардах кэнниттэн тэллэй үүнэринии тоҕо элбии туралларый? Ол оннугар оҕо оонньуур уонна спортивнай балаһааккалара үксүүллэрэ буоллар.  

@ykt.city: – Арыгы маҕаһыыннара – чааһынай тэрилтэлэр. Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата арыгыны көҥүлэ суох атыылыыры хонтуруоллуур. Оҕо балаһааккалара элбэх сиргэ бааллар. Оҕо оонньуур сирэ суох буоллаҕына, олохтоохтор бэйэлэрин уокуруктарыгар тиийэн туруорсуохтарын сөп.

@gerasimovpolikar: – Лермонтов уул., 117, утары арыгы уонна пиибэ атыылыыр маркет баар. Хаһан эрэ ас-үөл маҕаһыына этэ. Билигин дьон мустар, арыгылыыр, оннооҕор сытан утуйар, “чэпчэтинэр” сирдэригэр кубулуйда. Маны хайдах гынан быһаарыахха сөбүй? Саатар оптуобус тохтобула, Саха политехническай лицейэ, оҕо саада чуп-чугас.

@upravaoktia (хонтуруолга ылла):  – Бу эбийиэккэ управа үлэһитэ субу-субу сылдьар, өйдөтөр кэпсэтиини ыытар. Этиллибит аадырыһы полиция отделыгар ыыттыбыт, полиция үлэһиттэрэ бэрэбиэркэлиэхтэрэ.

ТҮҮН УТУППАТТАР

@face_ykt:  – Хаһан эрэ Ойуунускай уул.20/1, 20/2, тимир гаражтары тиэйэн ылбыттара. Сорох гаражтар тыытыллыбакка тураллар. Октябрьскай уокурук үлэтигэр кыттыһаргытыгар көрдөһөбүн. Биир гаражка хара сарсыардаттан түүн хойукка диэри ыччат мустар, музыканы уп-улаханнык тыаһаталлар, мэһэйдииллэр!

@ykt.city: Октябрьскай уокурук иһитиннэрбитинэн, гаражтар “Сэттэ” ХЭТ элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутарынан сибээстээн тиэйиллибиттэр. Быйыл бу аадырыска маннык үлэ эмиэ ыытыллыахтаах.

@sergey_podg:– Дорооболоруҥ, түүн аайы матассыыкылынан сүүрдээччилэри хайдах эмит тохтотуохха сөп дуо? Утуппакка сордоотулар. ДПС үлэһиттэрэ тугу да гымматтар. Мин Кальвица уулуссаҕа олоробун. Түүн аһаҕас түннүктээх кыайан утуйбаппыт. Түүн аайы төттөрү-таары сүүрдэн ааһаллар. Көннөрү айанныыллара буоллар, өссө син этэ. Соруйан гаастарын эбэр курдуктар.  

@ykt.city:Маннык тыастаах-уустаах айаннааччылар тустарынан дьуһуурунай чааска 127 уонна 35-22-22 төл.эрийэн биллэриэххитин сөп.

Салгыытын @sardanaavksentieva аккауҥҥа киирэн көрүөххүтүн сөп.

Наадалаах аккауннар уонна төлөпүөннэр

@ykt.city – Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата.

@mku_segh – Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа. 32-53-75.

@upravaoktia – Октябрьскай уокурук управата. Төл. . Төл. 35-07-08.

@yakutsk_centralokrug –  Киин уокурук управата.Төл. 34-44-21.

@prom_okrug_ykt – Промышленнай уокурук управата. Төл. 44-93-38. Бассаап – 89248772101.

@gagarin.okrug – Гагаринскай уокурук управата. Төл. 40-27-17 (приемнай). 40-27-13 (ОДьКХ, социальнай отдел).

@stroitelnyokrug – Строительнай уокурук управата. Төл. 439531 (приемнай), 43-94-26 (ОДьКХ отдела), 43-90-96 (социальнай блок).

@admin_mkr_markha – Марха микрооройуонун дьаһалтата.

@azo_ykt  – Сир сыһыаннаһыыларын агентствота. 42-81-50. 8914-269-50-58.

@dorogi.ykt – Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын суолга-иискэ управлениета.

http://14.rospotrebnadzor.ru– Роспотребнадзор сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...