Ыытааччы Елизавета Васильева: “Баары солбуйар көстөн иһэр”
«Саха” НКИХ “Сонуннар” биэриитигэр хас да киһи үлэлиир: редактор, режиссер, шеф-редактор, оператор уо.д.а. Кинилэр бары биир санаанан өрөспүүбүлүкэ сытыы, сонун сонуннарын таһаараллар. Ол эрээри, эфир үлэтин-хамнаһын дьоҥҥо тиэрдээччи, харах далыгар тахсааччы ыытааччы буолар.
Икки сылтан бэттэх күн ахсын сахалыы “Сонуннарга” кэрэчээн, чоҕулуччу көрбүт кыыс баар буолбута. Дьон-сэргэ кинини тута биһирээбитэ, ылыммыта. Куолаһа чуолкайа, туттан-хаптан олороро барыта тып-тап курдук. Кини аата – Елизавета Васильева. Бүгүн биһиэхэ айа-тута сылдьар ыытааччы бэйэтин олоҕун уонна талан ылбыт үлэтин туһунан сэһэргиир.
-Елизавета, бастатан туран, баһаалыста, бэйэҕин билиһиннэрэ түс эрэ. Туох идэлээххин? Хантан төрүттээххиний?
-Мин Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгиттэн сылдьабын. Сааһым – 25. 2012 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологическай факультетыгар нуучча тылын салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Этэҥҥэ бүтэрэн, «филолог» диэн идэни баһылаабытым. Түөрт оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бүтэһик оҕонон төрөөбүтүм. Икки эдьиийдээхпин, биир убайдаахпын. Бары туспа ыал, бэйэлэрин олохторун суолун оҥостубут дьон. Мин бэйэм кэргэним, оҕом суох.
-Лиза, эн эмискэ баҕайы тэлэбиидэнньэҕэ баар буола түспүтүҥ, хайдах кэлбиккиний?
-«Саха» НКИХ-ҕа мин 2017 сыл сайыныгар кэлбитим. Бастаан саха араадьыйатыгар «Сонуннарга» дикторынан үлэлээбитим. Онно бииргэ үлэлиир аҕа табаарыстарым сонуну хомуйарга, суруйарга, ааҕарга үөрэппиттэрэ. Күҥҥэ нууччалыы тылынан 6 таһаарыыны бэйэм бэлэмнээн, быһа эфиргэ кэпсиирим, тэрээһиннэргэ сылдьан интервью ыларым. Араадьыйа режиссердара, бэйэм шеф-редакторым мин туспар олус кыһаллар этилэр. Хайдах нэһилиэнньэҕэ тиийэр гына ааҕарга үөрэтэллэрэ. Дикциябын чочуйарга сүҥкэн өҥөлөөхтөр. Араадьыйаҕа 7-с ыйбын үлэлии сырыттахпына, «Якутия 24» диэн саҥа телеханаал арыллыбыта. Ол саайтыгар таһаарааччы редакторынан ананан үлэлээбитим. Онно куруук тэлэбиидэнньэ эйгэтин ымсыыра көрөр этим. Салгыы бэйэм тылланан ТВ-га көспүтүм. Ол курдук, сахалыы тыллаах корреспонденынан үлэлээн саҕалаабытым. Уонна күн бүгүҥҥэ диэри онно баарбын.
-Тэлэбиидэнньэҕэ кэлэн үлэлээбитиҥ уопсайа хас сыл буолла? Бу кэм тухары бэйэҥ бэйэҕин кэтээн көрдөххүнэ, син уопутурбуккун дуо? Эрдэ ханна, тугунан үлэлээбиккиний?
-Тэлэбиидэнньэҕэ үлэлээбитим икки сыл буолла. Биллэн турар, уопутурбутум буолуо диэн эрэнэбин. Аан бастаан кэлиэххиттэн биир сиргэ туруу, сайдыбат буолуу дьикти соҕус буоллаҕа.
-Оннук!
-Буолаары буолан, сонуннар куруук суолталаахтар. Күн бүгүҥҥү оҥорор сюжеттарыҥ биир, икки сыл анараа өттүгэр оҥорбут сюжеттаргынааҕар атын, тупсаҕай буолуохтаах. Ол туһугар коллегаларын сюжеттарын кытта федеральнай ханаалы көрө сылдьыы, төһө кыалларынан стажировка, маастар-кылаастар, идэ таһымын үрдэтэр куурустар наадалар дии саныыбын. Эрдэ Амма улууһугар биир сыл нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитим.
-Эйигин көрөн олорон “кырдьык даҕаны, бу кыыс тэлэбиидэнньэҕэ үлэлииргэ ананан төрөөбүт быһыылаах” дии саныырым.
-Махтал! Ол эрэн мин бэйэбин соччо оннук дии санаабаппын. Историк эбэтэр силиэдэбэтэл буолуохпун баҕарар этим. Ол быыһыгар театр кириитигэ буоларбын ыралыыбын. (күлэр)
-Оҕо сааскын сырдата түс эрэ. Хайдах оҕо этигиний?
-Оҕо оҕо курдук. Саамай кыра буоламмын атаах этим. Миэхэ ордук аҕам чугас. Кыра сылдьан кими да кытта улаханнык доҕордоспокко, дьиэбэр дьоммун кытта олорооччум. Күнү күннээн кинигэ ааҕа-ааҕа түннүк анныгар сытарым. Дьиэ үлэтиттэн тэйиччи сылдьааччым. Ас астыы турарбын игин олох өйдөөбөппүн. Төрөппүттэрим, бииргэ төрөөбүттэрим бэлэмнэригэр сылдьыбыт киһибин. Сайын ол кэриэтэ тиритэ-хорута оттуурбут. От үлэтэ ама да ыараханын иһин, ахтылҕаннаах. Ийэм, аҕам миигин оҕолортон хаалсыбатын диэн кыһаллар этилэр, баардарын-суохтарын диэбиккэ дылы. Сөбүлүүр кинигэбин, хаһыаппын, сурунаалбын сурутан аахпыт, талбыт таҥаспын, оонньуурбун ылан улааппытым.
-Төрдүгэр суруйар дуу, саҥарар-иҥэрэр дуу киһи баар дуо?
-Аҕам, ийэм, орто эдьиийим суруйаллар. Ийэм – саха тылын уонна литературатын учуутала. Биллэн турар, сурукка-бичиккэ олус чугас. Аҕам уонна эдьиийим идэлээх сурунаалыстар. Суруйалларын олус сөбүлүүллэр. Төрөппүттэрим кэккэ хаһыаттарга бэчээттэнэллэр. Аҕам хоһоон, ыстатыйа, ийэм эмиэ ыстатыйа, кэпсээн суруйаллар.
-Биллэр киһи буоларыҥ эйиэхэ көмөлөһөр дуу, мэһэйдиир дуу?
-Биллэр киһибин дэммэппин. Үйэбэр биирдэ, иккитэ, иһэ хайдыбыта үстэ билэн дорооболоспуттара. Ол эрээри, чахчы биллэр киһи буоларым буоллар, көмөлөһүө эбитэ буолуо.
-Бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тахсар киһи көрүнэриҥ, тас көрүҥҥүн тупсарынарыҥ буолуо? Спорду төһө сэҥээрэҕин?
-Улаханнык көрүммэппин. Косметикам эҥин олох аҕыйах. Бэркэ диэн кырааскаланары да сатаабаппын. Ол эрэн таҥаспын-саппын көрүнэбин. Ыраас баттах, ыраас таҥас-сап – инники күҥҥэ. Сарсыарда сууммакка-тарааммакка, спортивнай, куул курдук таҥаһынан, кирдээх атах таҥастаах дьиэбиттэн тахсыбаппын. Спорду туораттан эрэ убаастыы көрөбүн.
-Үлэ күнэ хайдах ааһарый? Ити ааҕар тиэкискин өйгөр хатыыгын дуу биитэр экрантан ааҕаҕын дуу?
-Мин ыытааччы уонна корреспондент быһыытынан үлэлиибин. Ордук корреспонденынан. Ыытааччы буоллахпына, хаска эфирдээххинэн көрөн эрдэ кэлэн визажистка, парикмахерга сылдьабын. Салгыы шеф-редакторы кытта биэриигэ туох тахсарын наардаан, үгус элбэх тиэкиһи тылбаастаан, улуустааҕы уонна бэйэбит корреспонденнарбыт матырыйаалларын бэйэҕэр сөп түбэһэр гына оҥорон, эфири бэлэмниибит. Салгыы эфир буолар. Ол кэннэ иккис, үһүс эфир буолар түгэнигэр, аны ону бэлэмнээн саҕалыыгын. Олус чэпчэкитэ суох үлэ. Онтон корреспондент буоллаххына тэрээһиннэргэ сылдьаҕын, операторы кытта үлэлиигин. Кэлэн сып-сап матырыйаалгын суруйан, ааҕан, хартыынатын талан монтажтыыгын. Эфиргэ ыытаҕын. Уһун-киэҥ, эмиэ сылаалаах соҕус буолар.
Тиэкиһи өйбөр хатаабаппын. Барыта суфлер диэн экраҥҥа көстөр. Ону ааҕан кэпсиигин. Суфлеру эфир кэмигэр бэйэҥ атаххынан салайаҕын. Бэйэҕэр сөп гына түһэрэҕин, таһаараҕын, тохтотоҕун.
-Аһаҕас эфиргэ олорон мүччүргэннээх сырыы буолар дуо?
-Сороҕор суфлер сүтэн хаалааччы. Оччоҕуна, дьэ, моһуок. Оннук түгэҥҥэ ыксаабакка, уолуйбакка, лиискиттэн ылан ааҕыахтааххын. Биирдэ, иккитэ бырагыраама харан, эфирбит саппаас мүнүүтэлэрэ сиэнэн хаалбыттара. Оччоҕо тыын ыла түспэккэ, автомат курдук, мүнүүтэттэн мүнүүтэҕэ баран иһиэхтээххин. Эфир барыта суот-учуот, аҕыйах да сөкүүндэ таһынан барара көҥүллэммэт. Бириэмэҕиттэн көрөн бытаараҕын, түргэтиигин. Чаһыны көрө, бириэмэҕин суоттуу олорор ирдэнэр. Ыксаллаах быһыыга сирэйиҥ, куолаһыҥ туох буола турарын биллэриэ суохтаах. Эбии хос тыл тахсыа суохтаах.
-Күнүҥ хайдах саҕаланар?
-Үлэ күнүгэр сарсыарда эрдэ сэттэҕэ эҥин турабын. Музыка холбуубун, суунабын, таҥаспын бэлэмниибин, өтүүктүүбүн, кырааскаланабын, кофе иһэбин, ас баар буоллаҕына аһыыбын уонна үлэбэр барабын. Йога, сэрээккэ эҥин билиҥҥитэ көрүллүбэт.
-Иллэҥ кэм эһиэхэ көрүллэр дуо? Баар буоллаҕына, хайдах атаараҕын?
-Иллэҥ кэм баар. Дьиэбэр сытарбын, сынньанарбын сөбүлүүбүн. Кинигэ ааҕабын, киинэ көрөбүн, музыка истэбин. Ким да тыыппат. Ол миэхэ саамай сүрүнэ. Улахан тыаһы-ууһу сөбүлээбэппин, ким эрэ баарыгар наһаа мэһэйдэтэбин. Сороҕор тугу эмит астыыбын. Ардыгар кафеҕа, киинэҕэ, тыйаатырга сылдьабын, көннөрү куорат устун күүлэйдиибин.
-Аныгы цифровой үйэҕэ көрөөччүнү, истээччини куоттарыы кыһалҕата баар буолан эрэр. Ону эн туох дии саныыгын?
-Цифровизация кимэн истэҕин аайы туох барыта уларыйа турар. Бүгүн, сарсын, өйүүн араас барыта айыллан киирэр. Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамыахха, сүүрүөххэ-көтүөххэ наада. Мин санаабар, бу билиҥҥи кэм ирдэбилэ. Баары солбуйар көстөн иһэр. Солбуллубат диэн суох.
-Лиза, биһиги хаһыаппытын суруналыыстыкаҕа туттарсыан, үөрэниэн баҕалаах ыччат ааҕар. Кинилэргэ СУРУНАЛЫЫС диэн кимин уонна хайдах буолуохтааҕын быһаар эрэ.
-Суруналыыс диэн, бастатан туран, үөрэхтээх, өйдөөх, профессиональнай этиканы тутуһар, үгүһү-элбэҕи ааҕар, түргэн-тарҕан, барытын бары анааран толкуйдуур, үлэтигэр, дьыалатыгар олус бэриниилээх, ыарахан түгэни уйар, кэпсэтинньэҥ, саҥаттан саҥаны билэр, истэр, көрөр, кыах баарынан элбэх сиринэн тэлэһийэр, дьону кытта үгүстүк кэпсэтэр, өрөспүүбүлүкэ, куорат, улуус туһугар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар буолуохтаах!
Суруналыыс диэн сытыы бөрүөлээх, ураты буочардаах, көрүүлээх, бэйэтэ психолог курдук, социальнай кыһалҕалары, боппуруостары ис иһиттэн билэр, барытын кырдьыгынан сыана быһар, кэм ирдэбилинэн күнтэн күн сайдан иһэр, сөп түбэһэр киһи буолуохтаах диэн тус бэйэм саныыбын.
Кэпсэтии түгэҕэ кэҥээн, төһө баҕарар сэлэһэ олоруох курдук буолла. Эдэр суруналыыс толкуйа, санаата үгүс. Лизаҕа үрдүккэ дабайыылары, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!