Ыйга 10 уһаакка 2-3 төгүл уу куттарабын
Киин куораппытыгар чааһынай дьиэлээх хаһаайкалар тэлгэһэлэригэр эҥинэ бэйэлээх сибэкки арааһын, үүнээйи эгэлгэтин олордоллор. Кинилэргэ ыалдьыттыы кэлбит дьон кэрэ көстүүттэн сөҕөн-махтайан, дуоһуйууну ылан бараллар.
Валентина Ивановна Багынанова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Куоракка дьиэ туттан олорбутум 10-тан тахса сыл буолла. Сирим барыта кутуу кумах буолан, үүнээйи үүннэрэргэ эрэйдээх. Хара буор ханан да суох. Бастаан олбуору сэлэлии мас арааһын олордор баҕалааҕым. Онон киэҥ соҕус дьаамалары хаһан, онно буор, кумах, ноһуом булкуйан хатыҥнары, сирени, облепиханы, хаппырыаһы барытын олордубутум. Мастарбын күһүн олордубутум, саас ыам ыйыгар тахсан, тиллэн иһэннэр, бары буомуран хаалан хомоппуттара.
Онтон ыла мас олордор санаам уостубута. Онон оҕуруот аһын, сибэкки үүннэрэн барбытым. 3*6 урукку сэбиэскэй саҕаттан куруук бэйэбин кытта көһө сылдьар икки улахан тэпилииссэлээхпин. Бииригэр 50-ча ук оҕурсу, бииригэр 70-ча ук биэрэс хас да көрүҥүн, уонна хас да аһаҕас кирээккэлэргэ 70-ча ук араас суортаах помидордары олордобун.
Онон аймах дьоҥҥо барыларыгар тиксэр ас өлгөм үүнүүтэ кэлэр. Ону таһынан кабачок, моркуоп, укуруоп үүннэрэбин.
Тэлгэһэм 6 эрэ суотайдаах. Онно 8*12 икки этээстээх, 6*6 улахан күүлэлээх дьиэ, омуна суох тиэргэним чиэппэрин ылан турар. Онон миэстэм олох кэмчи буолан, атыны үүннэрбэппин. Ол оннугар тиэргэммин кэрэ көстүүлээри, ордор сирбэр барытыгар дьэрэкээн сибэкки эгэлгэтин олордобун.
Ол курдук, хризантема, астра, бакопа, петуния арааһа, флокс, анютины глазки, сальвия, рудбекия, шафран, бархатцылар, сыттаах табах, клеома, никандра, бальзамин, георгин, шток-роза, амарант, эустома, лобелия, подсолнух, гайлардия, левкой, львиный зев, онтон да атыттары үүннэрэбин. Быйыл “Чудо дерево мексиканское” диэни биллэриинэн арассаадатын булан олордубутум, улахан кэрэ көстүүлээх кустарник буолан үөртэ. Сыл аайы туох эмит саҥаны булан олордор интэриэһи үөскэтэр ээ. Куорат иһигэр олорор эрээри, уум хааччахтааҕа хомотор.
Уу баһар массыынанан ыйга 10-нуу уһаат ууну 2-3 төгүл куттарабын. |
Ол быыһыгар ардах көмөлөһөр. Онон сайын устата 6-7 тыһыынча солкуобай ууга барар да буоллар, онтон хомойбоппун. Арассаадабын улахан аҥаарын бэйэм олордобун. Аҕыйах сибэккини атыылаһабын. Уопсайынан, 500-600 кэриҥэ арассаада бэйэм киэнэ буолар. Олунньуттан саҕалаан, балаҕан ыйыгар диэри дьарыгым ол. Онон 7-8 ыйы быһа үүнээйинэн үлүһүйэбин. Бу дьарыкпын наһаа сөбүлүүбүн. Сыл аайы миэстэтин, көстүүтүн уларытан, тупсаран, кэҥэтэн иһэбин.
Кыһыҥҥы өттүгэр тиэргэммин эмиэ киэргэтэр идэлээхпин. Күтүөт оҕом Айаал Николаев (Үөһээ Бүлүү) тарбаҕар талааннаах уус бэрдэ. Кыһын хаарынан дьыл бэлиэтин оҥорооччу уонна Аал Луук Мас оҥорон уоттаан-күөстээн биэрбитэ туох да оһуобай кэрэ көстүү.
Ону таһынан балкоммун, дьиэм таһын дюралайынан сахалыы оһуор оҥорон киэргэппитэ. Хараҥа киэһэлэргэ холбоон баран, таһырдьа олорон сынньанар бэйэтэ биир туспа дуоһуйуу. Икки сыл куорат дьаһалтата ыытар Саҥа дьыллааҕы куонкурустарыгар кыттан, иккиэннэригэр бириистээх миэстэлэргэ тиксэн турардаахпыт. Куоракка көҕөрдүү уонна тупсарыы үлэтэ ыытылларын билэбит. Онон чааһынай дьиэлээх дьоҥҥо сайыҥҥы өттүгэр тэлгэһэни көҕөрдүүгэ анаан куонкурус ыыталлара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Биһиги уулуссабыт таһын эмиэ күөх үүнээйинэн киэргэтэбит.