10.11.2020 | 11:42

ЮРИЙ ГОЛЬДЕРОВ: “ЫРЫА – ОЛОҔУМ АРГЫҺА”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аныгы олох сүүрээнэ түргэнник да устар. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр араас уларыйыылар, хамсааһыннар буола тураллар. Саха эстрадата ону кытары тэбис-тэҥҥэ иннин диэки айанныыр. Сылтан сыл олохторун ырыаны кытта ситимниир дьон ахсаана элбээн иһэр, ол иһигэр бүтүн олохторун ырыаҕа-тойукка эрэ аныыр дьон аҕыйаҕа суох.

Инстаграм биһиги дойдубутугар саҥа сайдар кэмигэр халлаан күөҕэ спортивнай таҥастаах, гитаралаах, чоҕулуччу көрбүт сырдык харахтаах уол ыллыы олорор видеота тарҕанан барбыта. Биир күн иһигэр бассаап, инстаграм барыта кини буолбута. Бэрт хомоҕой тыллаах-өстөөх Юра Гольдеров дьон-сэргэ сөбүлээн истэр ырыаһытыгар кубулуйбута.

МИН ДОЙДУМ – ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ

- Саха сиэрин быһыытынан хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин кэпсии түс эрэ.

- Мин төрөөбүт дойдум, куруутун сырдыгы-ырааһы эрэ саныыр  сирим-уотум Үөһээ Бүлүү буолар.  Улуустан тэйиччи сытар Өргүөт диэн нэһилиэктэн төрүттээхпин. Ийэм Анисия Кузьминична үйэтин атыыга-эргиэҥҥэ анаабыта. Аҕам Федор Федорович музыкант уонна электромонтер этэ. Ойор күннээх оҕо сааһым Өргүөккэ ааспыта. Кыракый нэһилиэкпиттэн кынаттанан, киэҥ сиргэ кэлэн, муммакка-тэммэккэ этэҥҥэ сылдьабын.

- Туох идэлээххиний?

- Өргүөт орто оскуолатын бүтэрэн баран, 18 саастаахпар Ийэ дойдубар ытык иэспин төлүү аармыйаҕа барбытым. Эрдэттэн да сыалым-соругум итинник этэ. Ол кэннэ биирдэ олохпун былаанныыр санаалаах этим. Аармыйаттан кэлбит сайыммар үс үрдүк үөрэх кыһатыгар докумуоннарбын туттараат, дойдубар барбытым. Барытыгар киирбит этим. Ол гынан баран, Саха сиригэр промышленность сайдар чинчилээх, инникитин киһи үлэлиэн да, үлэ буларга уустугу көрсүмүөн да сөп диэммин ХИФУ Хайа дьыалатын институтун талбытым. Этэҥҥэ үөрэхпин бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар “Специалист по технике безопасности” диэн идэни ылбытым.

ЫРЫА АЛЫБАР КУУСТАРЫЫ

- Ырыа –олоҕум аргыһа, сирдьитэ буолар. Ыллаабатаҕым буоллар, баҕар, атын дьылҕалаах, оҥоһуулаах киһи буолуом эбитэ буолуо. Оҕо эрдэхпиттэн ыллыыбын. Аан маҥнай миигин ырыа эйгэтигэр уһуйбут киһим, ырыаҕа дьоҕурдаахпын таба көрбүт уһуйааччым Марианна Ивановна Иванова буолар. Дойдубар тохсус кылааска диэри үөрэммитим. Онтон улуус киинигэр оҕо спортивнай оскуолатыгар тустуунан дьарыктанаары киирбитим. Ол сылдьан «Тускул” оҕо киинигэр талааннаах оҕолору сүүмэрдээн ырыаҕа, үҥкүүгэ дьарыктыылларын истэммин Марианна Ивановнаҕа тиийэн:  “Баһаалыста, дьарыктаа, ыллат, куонкурустары кэрийтэр”, – диэн көрдөспүппүн быһа гымматаҕа. Ырыанан профессиональнай таһымҥа тиийэ учууталым үөрэтэн, такайан таһаарбыта. Кини салалтатынан араас хабааннаах ырыа түһүлгэлэригэр ситиһиилээхтик кыттыбытым. Онон уһуйааччыбар махталым муҥура суох. Ырыам кута, матыыба, суолтата арылларыгар биир улахан суолталаах киһим буолар. Кини  дьоҕурбун чочуйан, “Үрдэл”, “Саҥа ырыа”, “Дохсун” курдук улахан хабааннаах ырыа күрэхтэригэр кыттыбытым.

ЭДЭР СААС - ЭРГИЙБЭТ ДЬОЛЛООХ СЫЛЛАР

- Дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ ырыалары ыллыыгын. Кимнээх суруйаллар, матыыбын айаллар?

- Ырыа тылын улаханнык бэйэм суруйбаппын, сүнньүнэн биллэр-көстөр поэттар хоһооннорун ырыа гынан ыллыыбын. Омук уола, Малик Тойтонов уонна эдьиийим Саргылана Гольдерова-Саргы Куо тылларыгар ыллыыбын. Ырыа матыыбын бэйэм холонон таһаара сатыыбын уонна дьон бэйэтэ эйиэхэ барсар диэн биэрэллэр. Уруулуу норуоттарбыт ырыаларын сэҥээрэн истэбин. Холобура: казахтар, тувиннар, бүрээттэр уо.д.а. Бу норуоттар бары туспа суоллаах-иистээх, оҥоһуулаах матыыптаахтар. Норуот-норуот тус-туспа матыыптаахтар эбит диэн түмүккэ кэллим.

Саҥа ырыалары таһаараары Тываттан Анчы Салчак диэн ырыаһыты кытта күүскэ үлэлэһэ сылдьабыт. Кини элбэх ырыа матыыбын, тылын кытта биэрдэ. Сотору кэминэн Анчы Салчак матыыбыгар ырыа, хоһоон бөҕө айыллыахтаах.

2015 с. Аркадий Саввич диэн тамадаҕа ырыаһыт быһыытынан сылдьыбытым. Кэлин дьону көрөн, уопутуран бэйэм ыытааччы быһыытынан биллибитим. Киһи киһиттэн үөрэнэр дииллэр... Бастаан уустуктардаах этэ. Балайда элбэх тэрээһини ыыппытым. Өрөспүүбүлүкэм араас муннугар тиийэн үбүлүөйдэри, уруу дьоро киэһэлэрин, малааһыннары ыытабын. Пандемиянан сибээстээн билигин барыта тохтоон турар.

БЭЙЭМ СУОЛБУН КӨРДҮҮБҮН

- Бар дьоммор туох эрэ туһалааҕы, кэрэни аҕалбыт киһи диэн санаалаахпын. Бэйэм кэннибиттэн туох эрэ хааларыгар дьулуһабын.

Ырыаларым тыллара судургу. Истээччилэрим эмиэ араас-араастар. Тоҕо диэтэр бэйэбин көрдөнө сылдьабын, араас жанры барытын холонобун. Этническэй, рок, тэтимнээх, эрчимнээх, киириилээх-тахсыылаах, ойор-тэбэр үҥкүүлэрдээх ырыаны ыллаатахпына эдэр дьон олус астыналлар. Лириканы эмиэ боруобалыыбын, ордук аҕам саастаах дьон сөбүлээн истэр. Ол гынан баран аһаҕастык этэбин, субу диэн истээччилэрбин булбакка сылдьабын.  Мунаахсыйабын,  ханна эрэ сыыһабын, ханна эрэ сөпкө оҥоробун. Билиҥҥи туругунан ойор-тэбэр тыыннаах ырыаларга ылсан үлэлии сылдьабын.

Олох аныгылыы тэтимнээх ырыалары, холобура, рэп хайысхатынан ыллаабаппын. Саха киһитэ буоларым быһыытынан саха истээччитигэр, эстрадатыгар, олоҕор-дьаһаҕар туох эрэ уратыны киллэрэ сатыыбын. Аныгы ньымалары аранжировкам чааһыгар туттабын, саҥа бит, гитара тыастарын, о.д.а. Уопсайынан, кэнники кэмҥэ эстрадабытыгар барыта таптал, ытааһын-соҥооһун буолан хаалла. Бу маннык ырыалары дьон аныгы жанр дии саныыра хомолтолоох.

ДОҔОТТОР-АТАСТАР

- Ырыаһыт уолаттар элбэххит, бэйэ-бэйэҕитин кытта төһө доҕордоһоҕут?

- Артыыстары кытта ырыанан эрэ буолбакка, олох-дьаһах туһунан үллэстэр, атастаһар доҕоттордоохпут. Николай Новгородов, Айаал Кириллин–Күндэл, Ванс Иванов, Юлиан Семенов уонна Василена Шарина. Бу табаарыстарбын кытта араас тэрээһиннэри тэрийэн, бырааһынньыктары киэргэтэн ыллаан-туойан турардаахпыт. Доҕотторум миигин куруук өйүүллэр, өйдүүллэр.

Олох сайдан, интэриниэт ситиминэн дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр лаппа чэпчээн турар. Мин бэйэм инстаграм ситимиттэн таҕыстаҕым дии.

- Тэҥ баайыылаах уолаттары кытта конкуренция баар буолаарай? Бары да олох-дьаһах, норуот инники кэскилин туһунан ыллыыгыт-туойаҕыт.

- Хас биирдии ырыаһыт бэйэтэ туспа буочардаах, туһунан суоллаах. Кими да үтүктүбэппин, күрэстэспэппин, барыларын сыаналыыбын, убаастыыбын.

Биири этиэм этэ: ити саҥа тахсан эдэр уолаттар эр киһилии ыллыыллара буоллар. Эппиккэ дылы, сыанаҕа эр киһи турар дуу, кэрэ аҥаар ыллыы турар дуу диэн киһи билбэт түгэнэ наһаа элбээтэ. Онтон дьиксинии да баар. Эр киһи буолан баран туттардыын-хаптардыын, сирэйдиин-харахтыын эр киһилии ыллыахха, олоруохха, тыыныахха, хамсаныахха наада. Таптал туһунан да ыллыыр буоллаҕына, эр киһилии тапталын тиэрдэн туран ыллыахтаах.

ЫРЫАҺЫТТАР ЫЛЛААН ОЛОРОЛЛОР

- Юрий, эйигин бэйэтэ бас билэр бизнестээх диэбиттэрэ, тугунан дьарыктанаҕын?

- Дьон ыллаан, тамадалаан айахтарын ииттинэллэр дии саныыра буолуо… Ити сөпкө саныыллар. Биһиги, ырыаһыттар, ыытааччылар, кистээбэккэ эттэххэ, син биир харчы оҥостобут.

Бэйэм сүрүн дьарыктаахпын. Хас биирдии киһиэхэ, норуокка ас-үөл сытыытык турар тыын боппуруос. Эбии дохуот киллэринээри ас-үөл атыылыыр маҕаһыыннаахпын. Билигин этэҥҥэ үлэлии турар. Ол быыһыгар тэрилтэҕэ эмиэ үлэлиибин. Эстрада театрыгар тас сибээс менеджеринэн үлэлиибин. Онон солото суох, үлэ бөҕөлөөх киһибин. Аан дойдуну аймаабыт пандемия ырыаһыттары, култуура эйгэтигэр үлэлиир дьону сүрдээҕин  хамсатта.

- Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиигин дуо?

- Бу туһунан кэпсээбэппин. Кистэлэҥ буолан хааллын диэххэ.

ДЬОН КҮЛҮГЭР САҺЫМАҤ

- Эдэр ырыаһыттарга, ыллыахтарын баҕарар дьоҥҥо этиэм этэ: сүрэхтээх буолуҥ, чаҕыйан турумаҥ, иннин диэки кимэн киирэн иһиҥ. Оннук эрэ буоллаххытына олоххутугар тугу эрэ ситиһиэххит. Инстаграмынан ыллыыр дьон наһаа элбэх буолла, кинилэр төлөпүөн кэтэх өттүнэн эрэ муҥурданымыахтарын наада. Ырыаһыттары, музыканнары кытта билсэн иһиҥ, киэҥ эйгэҕэ тахсар суолу тобулуҥ.

Ырыаһыт олоҕун суола диэн иэдээн буоллаҕа дии. Мин бу ыллыы сылдьар кэмнэрбэр охтуулар бааллара. Ону ол диэбэккэ, охто-охто, тура-тура син бара сатыыр этим.

Саха дьоно өйдөөҥ! Туохтан даҕаны тостумаҥ, кимтэн да куттанымаҥ, аҥаар кырыытыттан киирэн иһиҥ. Дьон күлүгэр саһа сылдьымаҥ, уустуктары киэр кыйдааҥ.  Оччоҕуна биирдэ бэриллибит олоххутугар элбэҕи кыайыаххыт-хотуоххут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....