«ЮНАРМИЯ» кэккэтин 52 үөрэнээччи хаҥатта
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө «Арассыыйа – мин историям» музейга киин куорат эдэр олохтоохторун «ЮНАРМИЯ» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо-ыччат байыаннай-патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын кэккэтигэр киллэрии үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ М. И. Кершенгольц аатынан 9-с, итиэннэ 13-с, 32-с №-дээх орто оскуолалар үөрэнээччилэрэ уонна куораттааҕы Оҕо киинин иитиллээччилэрэ кытыннылар.
Юнармеецтар кэккэлэригэр киирбиттэринэн үөрэнээччилэри куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков эҕэрдэлээтэ.
«Юнармеецтар – дойду патриоттара, дьиҥнээх патриоттар – билиҥҥи кэмҥэ бигэтик өйдөөн төрөөбүт куораттарын, өрөспүүбүлүкэлэрин уонна дойдуларын иһин эппиэтинэһи сүгэргэ бэлэм дьон. Билигин дьиҥнээх патриоттарынан анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын ааттыыбыт. Күн бүгүн байыаннай-патриотическай иитии үөрэтэр-иитэр тэрилтэлэр сүрүн хайысхалара буолла», - диэн бэлиэтээтэ Владимир Аржаков.
«ЮНАРМИЯ» түөскэ анньынар бэлиэлэрин уонна тус киниискэлэрин үөрэнээччилэргэ полиция полковнига Лена Иванова, Дьокуускай куорат байыаннай комиссариатын салаатын начаалынньыгын көмөлөһөөччүтэ Сергей Кириллин, «Юные карбышевцы» хамсааһын киин штабын начаалынньыга, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа Анатолий Храмов уонна Эрсан Андреев туттардылар.
Санатар буоллахха, 2022 сыл балаҕан ыйын 23 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакы элбэх хайысхалаах Юнармеецтары бэлэмниир киин арыллыбыта. «ЮНАРМИЯ» бүгүн – оҕо уонна ыччат тэрилтэлэрин үтүө үгэстэрин сөргүтүү. Билиҥҥи кэмҥэ «ЮНАРМИЯ» Дьокуускайга 600-тэн тахса кыттааччылаах.