Ытыктыыр киһибит – Арассыыйа дьоруойа
Улуу тренер Дмитрий Миндиашвили көмөлөһөөччүтүгэр Модосяҥҥа уонна иннилэригэр кулгааҕын чөрөтөн турар Виктор Лебедевкэ хоһулатан сүбэлиир. Итинник ханнык баҕарар киһиэхэ этиитэ – көхсүнэн, ойоҕоһунан, көрбөккө да турдар – дьайарын билэр, дьоҕурдаах тустуук, тренер тэҥҥэ истэн элбэҕи туһаныахтаахтарын өйдүүр.
Сахалар бэрткэ билэр киһибитигэр Дмитрий Георгиевич Миндиашвилига Арассыыйа Үлэҕэ дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитин туһунан бэрэсидьиэн В.В. Путин 2020 с. муус устар 27 күнүнээҕи ыйааҕын ааҕан үөрдүм аҕай. Тренердэртэн маннык наҕараадаҕа арай гимнастика сулустарын бэлэмниир фабриканы тэрийбит Ирина Винер эрэ соторутааҕыта тиксэн турар. Урут ССРС Социалистическай Үлэтин дьоруойунан футбол сүрүнньүтэ Николай Старостиҥҥа 1990 с. иҥэрбиттэрэ. Дойдуларга рекордсмен штангистары бэлэмнээччи Иван Абаджиев Болгария Социалистическай үлэҕэ Геройа буолбутун өйдүүбүн. Арыый уһун үйэлэммитэ буоллар, Дмитрий Петрович Коркиммыт чугаһатыа хааллаҕа.
Сахалардыын бииргэ үлэлээбитэ элбэх
Саха сирин дьонун кытта бэйэтэ, үөрэнээччилэрэ да өйөспүтэ элбэх. Дмитрий Георгиевич Миндиашвилига уонна кини оскуолатын бастакы хараҥаччыта, икки төгүллээх олимпионик Иван Сергеевич Ярыгиҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренердэрин аата иҥэриллиэн иҥэриллибитэ. Биир үрдүк көрдөрүүлээх үөрэнээччитигэр Владимир Гегамоевич Модосяҥҥа бөҕөстөрү, ордук Виктор Лебедевы икки төгүл аан дойду чемпиона буоларга бэлэмнээһиҥҥэ кыттыытынан Арассыыйа үтүөлээх тренерэ буолбута. Таарыччы эттэххэ, Виктор Лебедев допиннанна диэн дисквалификациялаабыттарыгар, бэйэтин оскуолатыгар ылан, халыҥ хахха, суон дурда буолбутугар, маастарыстыбатын чочуйбутугар махтанарбыт муҥура суох. Кинитэ суоҕа баар-суох эрэлбит дисквалификациятын болдьох иннинэ соттороро, итинник ситиһиилэргэ тиийиэн күчүмэҕэйин мэлдьэһэр табыллыбат. Көҥүл тустууну билиһиннэрии Арассыыйа икки саамай киэҥ территориялаах регионугар Саха сиригэр уонна Красноярскай кыраайга тэҥҥэ кэриэтэ саҕаламмыта. Биһиэхэ курдук ыалларбытыгар эмиэ спорт бастакы нүөмэрдээх көрүҥүнэн бэрт түргэнник билиниллибитэ. Оччотооҕу суол тэлбит тустууктартан, тренердэртэн саҕалаан, бииргэ күрэхтэспити, эрчиллибити ааҕан сиппэккин. Билиҥҥэ диэри саамай үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэбит. Дмитрий Георгиевич Туркестанскай байыаннай уокурукка ыараханы көтөҕүүгэ бастаабыт күүстээх-уохтаах, самбоҕа майгынныыр грузинскай чидаобаны элбэхтик көрбүт буолан, тустууга бастакы холонуутугар 1957 с. куорат чемпиона буолбута. Эһиилигэр ССРС чемпионатыгар алта миэстэ иһигэр киирбитэ. Онтон ыла уопсастыбаннай тренертэн саҕалаан, олоҕун тустууну сайыннарыыга анаабыта. Оччоттон доҕоро, кэллиэгэтэ Дмитрий Петрович Коркинныын иккиэннэрин үөрэнээччилэрэ Олимп чыпчаалыгар тахсыыларын 1972 с. Мюнхеҥҥа секунданнаһан, сүбэлээн көмөлөспүтэ. Кини сатабыллаах педагог, улахан дипломат, политик. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бэрэсидьиэннэрин, Ил Дарханнарын олус сыаналыыр. М.Е. Николаевы, Е.А. Борисовы доҕотторунан ааҕар. Ханнык баҕарар таһымнаах салайааччыны, бизнесмени кытта биир тылы булан, үбүлэтэн, улахан тутуулары ыыттарар. Енисей кытылыгар элбэх омук кыттыылаах голден гран-при түһүлгэлэр, ССРС, Арассыыйа, аан дойду чемпионаттара мега сыаналаах бириистэрдээх тэриллэллэригэр аптарытыатынан өҥөтө кээмэйэ биллибэт. Ярыгин турнирга биир сыл уон ыйааһын аайы, өссө эбии массыыналары дыбарыас иһиттэн сүүрдэн барбыттара.
Хаайыыга биир камераҕа олорбуппут
1995 с. Швейцарияҕа көҥүл тустууга Европа чемпионатыгар барар Арассыыйа дэлэгээссийэтигэр киллэриллибитим. Кини баарын көрөн олус үөрбүтүм. Оҕонньор аэропортка түһүөхтэн, поезка олорон, түннүгүнэн одуулаан хайалар, дьиэлэр, күп-күөх хонуулар көстүүлэриттэн, ып–ыраас ынахтар мэччийэ сылдьалларыттан:
Уу, барыта киһи туһугар, кэрэ айылҕаларын алдьаппакка, тупсаран, онно дьүөрэлээн туталлара искусство курдук дии. Хаһан биһиги дойдуга манныгы оҥорорго үөрэнэбит? – диэн сөхпүтэ аҕай. Тиийэн баран икки түгэҥҥэ дэлэгээссийэ салайааччыларыгар олус кыыһырбыта. Бастакыта, гостиницаҕа кэллибит диэн түстүбүт. Эһиги нүөмэргит бу баар диэн буолла. Ааны арыйбыппыт, түннүгэ барыта решетка. Хаайыы дуу? Соторутаааҕыта саҥа нууччалар Цюрихха дьону ытыалаабыттара хаһыакка суруллубута. Ол иһин Арассыыйалары маннык «түрмэҕэ” олордуҥ диэтэхтэрэ дуу? Соһуйан, дьиктиргээн, тылбытыттан маттыбыт. Ыйытыахпыт иннинэ батыһыннаран кэлбит үлэһит:
Хаайыы дьиэтэ. Буруйдаахтар суох буоллахтарына, хонуон баҕалаахтары түһэрэбит. Эһиги федерацияҕыт биһиэхэ сайаапка оҥорбутунан кэллигит. Дмитрий Георгиевич сүүһэ түрдэһиннэ, уоттаах хараҕынан чөмчөкөлөрүн кэрийэ көрүтэлээтэ.
Чэпчэки сыаналаах диэн талбыппыт. Ити быһаарыыны истэн баран, оҕонньор иһэ буста быһыылаах.
Төрөөбүт федерациям дуо? - куолаһа соноото. Аҥаар илиитин токурутан, сутуругун бэйэтин диэки тардыалаан дьигиһиппитэ.
Ама, мин мантан ордукка дьоһуна суохпун дуо? - Салгыы ыйытыылары туруортаан барбыта. - Атын дойду федерацията аҥаардас Иван Ярыгин тренерэ буоларбынан хайдах гыныа эбиттэрэ буолла. Дойдуга төһөлөөх олимпийскай, аан дойдутааҕы, Европатааҕы мэтээллэри аҕалбыппыный? Оҕонньор кырыйда диэтэххит. Үлэлээбэккэ, биэнсийэҕэ олордор да, киһи уруккута умнуллуо суохтаах. Үлэлээн бүтүө диэтэххит. Күүтэ түһэргит буолуо. Билигин да өр сылларга балайда мэтээли оҥорорум буолуо (оҕонньор билиҥҥэ диэри сүрүннүүр Красноярскайдааҕы оскуолатын иитиллээччилэрэ, ол кэннэ аҥаардас олимпийскай оонньуулартан Бувайсар Сайтиев – 3, Адам Сайтиев, Сайгид Муртазалиев – биирдии кыһыл көмүһү аҕалбыттара). Иккис кыыһырыыта. Ити киҥэ алдьанан, сороҕун этиэ суохтааҕын этиэн да сөп. Уулусса кытыытынааҕы остуолга төрдүө олорорбут. Бувайсар Сайтиев эрчиллэ барарга көҥүллэтэн, суумкатын сүгэн хаама турбута. Дмитрий Георгиевич аттыбытынан ааһан иһэр Арассыыйа сүрүн тренерин, алта төгүллээх аан дойду чемпиона, икки олимпиада дьоруойа Арсен Фадзаевы тарбаҕынан ыҥырда. Босхоломмут олоппос диэки ыйан кэбистэ.
Тоҕо атаҕын эчэтэ сылдьар Бувайсары хамаандаҕа киллэрдиҥ? Миигиттэн ордук киһи тахсаары гынна диэн итинник быһаардыҥ дуо?! – диэн кытаанахтык ыйытта. Албан аатын үгэнигэр сылдьар супер-сулус саҥатыттан матан мах барда. Арсен Сулейманович эҥинэ бэйэлээх бухатыырдары, баатырдары кумалаталыыра. Бу сырыыга мөҕүллүбүт оҕо курдук, тугу да хардарбакка, биир остуолга ситэ олорсубакка туран барбыта.
Хайаан да атын киһинэн солбуйтар, - дии хаалбыта улуу тренер (кырдьык, солбуйбуттара. Бувайсар олимпиадаҕа элбэхтик бастаабытынан, Арсены ааһа түспүтэ). Маннык даҕаны түгэҥҥэ, кыыһырдаҕына да, иэйдэҕинэ да, оҕонньор сэһэргиирэ кэрэхсэбилэ бэрдин истээри, аттыттан бэрт кыратык эрэ арахсан ыларым. Олох бииргэ сылдьыбытым. Мындырын, муударайын, быһаарар тыла ылыннарыылааҕын сөхпүтүм. Эгэ, төрөөбүт тылынан хайдах саҥарара буолуой? Саннылара кэтитинэн, бөдөҥнөрүнэн, бөҕөлөрүнэн-таҕаларынан, кэпсииллэрэ, билэллэрэ элбэҕинэн, мичээрдээтэхтэринэ сирэйдэрэ үөрэринэн Эмчит Гууруй Турантаевтыын майгыннаһаллар. Төһө да кыыһыра олордор, миигин көрдөр эрэ, иэйэ түһэрэ. Оччолорго интэриниэт Арассыыйаҕа өссө оччо биллэ илигэ, көмпүүтэр да аҕыйаҕа. Оннук кэмҥэ тустууну, бөҕөстөрү өйбүтүгэр тута сылдьарбыт. Бэйэтэ суруйар буолан, тапсыбыппыт. Ордук дириҥник өйдөспүппүт. Ол кэннэ мэлдьи көрсөбүт, төлөпүөннэһэбит. Кэнники сырыыбар кабинетыттан 16 кинигэни кытта Иван Ярыгин американеһы быраҕан эрэр хаартыскатыттан үкчү оҥоһуллубут улахан статуэтканы бэлэхтээбитэ. Уруккуну-хойуккуну, Коркины, Романы, Сахааччаны бу көрөн олорордуу, хамсаныыларын, туттууларын кытта ырытар. Олоҕун оҕо сааһыттан сиһилии элбэхтэ сэһэргээбитэ. Чахчы, улахан тургутуулаах олоҕу олорон ааспыт. Ол иһин даҕаны итинник буоларга чочуллан оҥоһуллубут.
Интернационализм кистэлэҥэ
Дмитрий Георгиевич – грузин. Ити олус ыалдьытымсах норуот дойдутун киинигэр Тбилисигэ төрөөбүтэ. Аҕата репрессияланан Архангельскайга олорон, бэйэтэ тылланан сэбиэскэй-финскэй сэриигэ барбыта, ол кэнниттэн Арҕаа фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Ийэтэ Аҕа дойду сэриитигэр медсиэстэрэн ыытыллыбыта. Түөрт оҕотун кэргэнин дьонугар Кахетияҕа атаарбыта. Кураантан уйгулаах ньүөл бастыҥ суортаах виноград үүнэр хочото кытта кураанахсыйан турара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан дьонугар көмөлөһө бараан үөрүн манаһа барбыта. Бастыҥ чабаан быһыытынан хайҕал бөҕөнү ыла сылдьан, чаҕылхаҥҥа оҕустарбыта. Хас да күн өйө суох сытан, нэһиилэ быыһаммыта. Быраастар арыый холку үлэҕэ барарыгар сүбэлээбиттэрэ. Онон дэриэбинэҕэ суоппар көмөлөһөөччүтүнэн киирбитэ. Онно киэһээҥҥи оскуолаҕа аҕыс кылааһы бүтэрбитэ. 1952 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллыаҕыттан араас уйуктаах массыыналары үүннүүрэ, таһаҕаһы куруустааччылартан ордук элбэҕи тиэйэрэ. Астрахаҥҥа ракетчиктарга, Казахстаҥҥа водороднай буомбаны тургутууга сулууспалаан, демобилизацияламмыта. Ол кэмҥэ Кемеровоттан төрүттээх, атыылааччылыы сылдьар нуучча кыыһын таптыырын биллэрээри, Сибииргэ батыһан барсыбыта. Олоҕун холбоон, автоколонналарга үлэлээн, улуу тутууларга кыттыбыта. Красноярскайга физкультурнай институту бүтэриэҕиттэн, кыраайга чугастааҕы регионнары түмэр эрэ буолбатах. Миндиашвили салалтатынан эрчиллээри ыраахтан кэлэллэр. Нууччалар Ярыгин, Алексеев, грузин Тедиашвили, чеченнэр Сайтиевтар, Муртазалиев, саха Лебедев, армянин Модосян, хакас Карамчаков, тувинецтар Доржу, Монгуш курдуктар уо.д.а. Миндиашвилига эрчиллэн дойдуларын киэн туттуулара, Арассыыйаны аар-саарга аатырдааччылар буолбуттара. Кини ханна да сырыттар, араас норуоттар характердарын, уратыларын билэ, чинчийэ сылдьааччы. Ол эбит кини интернациональнай хамаандатын кыайыытын кистэлэҥэ. Арассыыйа саҥа дьоруойун сиһилии билсиҥ. Миндиашвили Дмитрий Георгиевич – бэйэтин аата иҥэриллибит Красноярскай кыраайдааҕы тустуу академиятын регионнааҕы киинин судаарыстыбаннай тренерэ. 1973 сыллаахха тустууга Ураалтан антах үрдүкү спорт маастарыстыбатын оскуолатын аан бастакынан арыйбыта. 1993 сыллаахха ҮСМО кини аатынан ааттаммыта. Оттон 2009 сыллаахха тустуу Академията буолбута. 1993-2009 сс. – ҮСМО дириэктэрэ. 2009-2018 сс. – Академия дириэктэрэ. 2018 сыл ыам ыйын 7 күнүттэн Академия дириэктэрин солотун хаалларан, бочуоттаах тренеринэн анаммыта. Икки энциклопедия, алта кинигэ уонна элбэх методическай пособие ааптара. 1972 уонна 1976 сыллардаахха «Сэбиэскэй Сойуус бастыҥ тренерэ», оттон 2000 сылга – «Арассыыйа XX-с үйэҕэ бастыҥ тренеринэн» ааттаммыта. 25-тэн тахса научнай үлэлээх. Красноярскай кыраай губернаторын физическэй култуураҕа уонна спорка сүбэһитэ. ССРС (1972), РСФСР (1967) уонна Грузинскай ССР (1986) үтүөлээх тренердэрэ. РСФСР (1981), Тыва (1994), Хакасия (1994) култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Бурятия, Саха сирин уонна Дагестан, Красноярскай кыраай физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара. Красноярскай кыраай Ытык олохтооҕо (2013). Балтийскай уонна Петровскай педагогическай академиялар Академик, Аан дойдутааҕы наука уонна бизнес алтыһыыларын, Аан дойдутааҕы наука уонна үөрэҕирии академияларын, АХШ-тааҕы индустриятын уонна искусствотын, Грузия национальнай уонна социальнай сыһыаннаһыыларын, туризм Аан дойдутааҕы Академияларын академига. Арассыыйа үөрэҕириитин академиятын член-кэрэспэдьиэнэ (2004 сыллаахтан). Педагогика наукатын доктора. Профессор. «Аҕа дойдуга иннигэр үтүөлэрин иһин» 3-с (15.01.2010) уонна 4-с (19.04.2001), истиэпэннээх, Бочуот (18.02.2006), Доҕордоһуу (06.01.1997), Арассыыйа уордьаннардаах, Норуоттар Доҕордоһуулара, «Бочуот Знага» сэбиэскэй уордьаннардаах, мэтээллэрдээх, ол иһигэр «За трудовую доблесть» (21.06.1989), 2 төгүл Арассыыйа бэрэсидьиэнин Махтал суругунан (31.08.1998; 29.12.2003), ону таһынан Грузия Үрдүкү наҕараадатынан – Грузия Чиэһин уордьанынан, Арассыыйа Дьоруойун кыһыл көмүс сулуһунан (2020), Аан дойду тустууга Федерациятын (FILA) кыһыл көмүс уордьаннарынан иккитэ, FILA «Легенда борьбы» номинациятын «Кыһыл көмүс борцовка» наҕараадатын ылбыта – (2007).