Ытыктабыллаах Туймаада туонатын олохтоохторо, ыалдьыттара!

Дьокуускай куорат дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Ыһыах күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыһыах – норуоппут барҕа баай култууратын биир сүрүн бэлиэтэ. Күн муҥутуурдук күүһүрэн турар кэмигэр Ыһыах ыһар үтүө үгэс үйэлэри уҥуордаан күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэ. Бу үгэс сиэринэн хас эмэ көлүөнэ дьон Алгыс Ытык тылын иҥэринэн, долгуйан, иэйэн туран тахсар саҥа күн сардаҥаларын көрсөллөр.
Күндү дьонум-сэргэм – Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Бука барыгытыгар чиҥ, чиргэл туругу, или-эйэни, үтүөнү уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



