27.04.2021 | 14:08

Ытыктабыллаах куорат олохтоохторо!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ытыктабыллаах куорат олохтоохторо!
Куорат салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1922 сыл муус устар 27 күнэ биһиэхэ сүдү историческэй суолталаах, ити күнтэн саҕалаан Саха сирин бары норуоттарын олоҕо сүҥкэнник уларыйбыта. Бу күн биһиги биллиилээх политическай деятеллэрбитин – Саха АССР төрүттэспит дьоммутун Платон Алексеевич Ойуунускайы, Максим Кирович Аммосовы, Исидор Никифорович Бараховы, Степан Максимович Аржаковы уонна кинилэр үөлээннээхтэрин санаан ааһабыт. 
Аны биир сылынан Сахабыт сирин автономиятын 100 сылын бэлиэтиэхпит. Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай өрөспүүбүлүкэ (Саха АССР) тэриллиитэ өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын сүрүн хайысхаларыгар олук уурбута. Биһиги норуоппутугар социальнай-экономическай сайдыыга туһааннаах механизмнары талар кыаҕы биэрбитэ, экономическай, духуобунай, култуурунай, политическай уонна судаарыстыбаннай эйгэлэргэ саҥа саҕахтары арыйбыта. Ити сүҥкэн суолталаах күнү көрсө Сахабыт сирин бүтүннүүтүгэр, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар Дьокуускайга саҥа социальнай объектар, суоллар, олорор дьиэлэр тутуллуохтара. 
Билигин өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥэ социальнай-экономическай сайдыы лидерэ. Биһиги биир дойдулаахтарбыт, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ киинин олохтоохторо дьаныардаахтык үлэлээннэр, Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбата экономическай сайдыыта үрдүүрүгэр уонна дойдубут бөҕөргүүрүгэр бэйэтин сүдү кылаатын киллэрэр.
Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу, бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений ГРИГОРЬЕВ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....