13.09.2020 | 06:09

Ытыктабыллаах киин куораппыт ытык-мааны олохтоохторо, күндү ыалдьыттар!

Ытыктабыллаах киин куораппыт ытык-мааны олохтоохторо, күндү ыалдьыттар!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын аатыттан Киин куораппыт төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибин! Биһиги Дьокуускайбыт –  Уһук Илин эҥээргэ биир кырдьаҕас куорат – 388 сааһын туолла. Ол эрээри Дьокуускай ыччата, устудьуона, ыал буолуу, оҕо төрөөһүнэ элбэх буолан, олохтооҕун орто сааһа баара-суоҕа 32 саас, онон олус эдэр, үүнэр-сайдар кэскиллээх куорат.

Күн бүгүн биһиги куораппытыгар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин үс гыммыттан ордуга олорор. Түөрт үйэ кэриҥнээх кырдьаҕас куораты аныгы көлүөнэ дьоно сайыннарар, тупсарар, аатырдар – архитектордар, тутааччылар, учууталлар, быраастар, учуонайдар, искусство үлэһиттэрэ, предпринимателлэр, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар, оробуочайдар. Кинилэр хас биирдиилэрэ, урукку көлүөнэ уопутугар, билиитигэр тирэҕирэн, тапталлаах куораппыт сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр.

Дьокуускай – үйэлээх үгэстэрдээх, баай историялаах куорат. Биһиги куораппытын өрөспүүбүлүкэ таһыттан, улуустартан кытта сөбүлээн, араас элбэх омуктар олохсуйа кэлэллэр. Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, сомоҕолоһон, ыарахаттартан чаҕыйбакка, сыалбытын-сорукпутун ситиһэргэ дьулуһабыт.

Биһиги олорор дьиэ тутабыт, социальнай эбийиэктэри дьэндэтэбит, саҥа суоллары оҥоробут, уулуссалар сырдык буолалларыгар үлэлэһэбит, ыччат сынньанар, сайдар усулуобуйатын тэрийэ сатыыбыт. 2019 сыллаахха суол уонна дьиэ тутуутугар хаһан да ситиһиллибэтэх кирбиини ылбыппыт. Быйылгы 2020 сылга ол тэтими ыһыктыбат туһугар кыһаллабыт.

Биллэн турар, кыһалҕа барыта баҕа хоту быһаарыллан испэт: оскуола, оҕо уһуйаана тиийбэт, эргэ дьиэлэри көтүрэн, нэһилиэнньэни үчүгэй дьиэнэн, усулуобуйанан хааччыйар баҕа баһаам.  Онуоха барытыгар кыах да тиийбэт, үп да кырыымчык. Ол эрээри биһиги эрэлбитин ыһыктыбаппыт, бэйэбитигэр ирдэбилбитин күүһүрдэн эрэ иһэбит.

Быйыл биллэриллибит Көлүөнэлэр сылларыгар, Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылыгар махтал ураты тылларын ытык кырдьаҕастарбытыгар – сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, блокада кыттыылаахтарыгар, концлааҕырдар хаайыылаахтарыгар, сэрии кэмин оҕолоругар этиэхпин баҕарабын. Сиртэн халлааҥҥа диэри сүгүрүйэбин!

Күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо! Ис сүрэхпиттэн эһиэхэ чиҥ доруобуйаны, ситиһиилэри, тус олоххутугар үөрүүнү, дьолу баҕарабын.

Бырааһынньыгынан!

Төрөөбүт күҥҥүнэн, дьоллоох Дьокуускай куораппыт!

Куорат баһылыга Сардана Авксентьева

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...