Ытыктабыллаах дьоллоох Дьокуускай куорат олохтоохторо, маанылаах ыалдьыттара!
Саха норуота кэтэһиилээх, күүтүүлээх бырааһынньыгынан – Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан эҕэрдэ истиҥ тылларын анаатаҕым буолуохтун!
Ыһыах — бу тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олохтоох, мантан силистээх-мутуктаах норуоттар төрүт култуурабыт, духуобунаспыт тулхадыйбат тирэҕэ, Орто дойдуга олоҕу иилиир-саҕалыыр күүһү-уоҕу, өйү-санааны, сылаас тыыны, үтүө үөрүйэхтэри саҕар, айылҕабыт барахсан силигилиир, түһүлгэҕэ аймах-билэ дьоммутун, доҕотторбутун кытта алтыһар үтүөкэн күммүт. Элбэх араас норуот иллээхтик-эйэлээхтик тоҕуоруһан олорор Улуу Туймаада хочотун олохтоохторо, ытык-мааны ыалдьыттара бука бары ыһыаҕы күүтэбит, биир сөбүлүүр, дьоһун суолта уурар бырааһынньыкпыт.
Туймаада ыһыаҕа барыбытыгар киин куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит, дойду бүттүүнэ чэчирии сайдарын туһугар таһаарыылаах үлэҕэ кынаттыыр күүс-уох биэрдин, ыччаттарбыт сырдык кэскиллэригэр олук уурдун!
Бука бары чэгиэн, ситиһиилээх, дьоллоох буолуҥ! Дом!
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев