Ытыктабыллаах Дьокуускай куорат олохтоохторо, миигин билэр табаарыстарым, биир дойдулаахтарбыт Дьааҥылар, Хаҥаластар!
Бу мин Христофор Петрович Горохов – Элгэстэй суруйабын. Кэргэним Екатерина Михайловна Горохова - Чөмчүүк СӨ үөрэҕириитин туйгуна, прикладной искусство маастара онкологическай ыарыынан ыалдьан, Кореяҕа Сеул куоракка баар наруоттар икки ардыларынааҕы эмтэнэр кииҥҥэ киирдэ. Эмтиир быраастара этэллэринэн, химия уонна лучевой эмтээһин көмөлөрүнэн икки ыйынан үтүөрдүөхпут дииллэр. Төлөбүрэ 1.5 мөлүйүөн солкуобай.
Көрдөһүүм соһуччу, киһи үөйбэтэх-түөйбэтэх өттүттэн тахсан кэллэ. Маннык улахан алдьархайга киириэм диэн туһээн да баттаппакка сылдьыбытым. Сүрэххит хайдах сүбэлииринэн, санааҕыт ылынарынан, төһө кыалларынан көмөлөһүҥ диэн көрдөһөбүн!
Көмөҕүтүн төһө кыалларынан суһаллык маннык расчетнай счекка ыытаргытын көрдөһөбүн: Сбербанк 4276 7614 3844 7647
Ытыктабылы кытта Верхоянскай куорат, Үөһээ Дьааҥы, Ханалас улуустарын,
Элгэс нэһилиэгин бочуоттах гражданина, культура үтүөлээх үлэһитэ
Христофор Горохов – Элгэстэй.
Мин телефонум 89241707557