Ытык кырдьаҕастар маастар-былааны ырытыстылар
Куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускай куорат уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕастарын сүбэлэрин кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын уонна 2032 сылга диэри торумнаммыт куорат агломерациятын социальнай-экономическай сайдыытын тула кэпсэттэ.
Баһылык Евгений Григорьев тоһоҕолоон бэлиэтииринэн, Дьокуускайга билигин маастар-былааны олоххо киллэрии саамай көхтөөх кэмэ бара турар. Киин куорат билиҥҥи кэмҥэ хаһааҥҥытааҕар да тэтимнээхтик сайдар. 2023-2024 сылларга Дьокуускай сиригэр-уотугар 90 былааннаммыт бырайыактан 33-һэ олоххо киирэн эрэр. Графиктан хаалыы суох.
“Маастар-былааҥҥа олоҕуран нэһилиэнньэни кытта 50-тан тахсата көрүстүм, уопсайа 10 тыһыынчаттан тахса киһи хабылынна. Тоҕо диэтэххэ куорат маастар-былаана – норуот ылыммыт бырагыраамата”, – диэтэ Евгений Николаевич.
Ытык кырдаҕастарга баһылык маастар-былаан сүрүн бырайыактарын билиһиннэрдэ. Ол иһигэр Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ, тырааныспар уонна логистика киинэ, 12 оскуола, 18 уһуйаан, федеральнай таһымнаах үрдүк үөрэх кыһаларын холбуур кампус (ХИФУ, АГАТУ, АГИИК), орто үөрэх кыһаларын холбуур “Суперкампус”. Маны тэҥэ маастар-былааҥҥа “Кырдьаҕас куорат-2” историческай архитектура комплексын сөргүтүү, элбэх функциялаах киинэ устар павильон, 2 гостиница комплекса, култуура, физкултуура уонна спорт эбийиэктэрэ киирбиттэр.
Евгений Николаевич “Спортивнай” уонна “Звезднай” дьоҕус оройуоннар кэлим сайдыыларын уонна Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын өрөмүөнүн туһунан сиһилии кэпсээтэ.
Ураты болҕомто хомунаалынанй инфраструктураны сайыннарыыга ууруллар. Маастар-былааҥҥа тирэҕирэн, киин куораппытыгар 198 км усталаах ардах уутун аһардар систиэмэ саҥаттан тутуллуохтаах. Билигин туһунан сытар ууну аһардар учаастактар холбонон, биир ситим олохтонуохтаах.
Маастар-былаан биир сүрүн хайысхата – нэһилиэнньэни хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү. Билигин Дьокуускайга мас дьиэлэр бары кэриэтэ саахалланар туруктаах тутуулар реестрдэригэр киирэн тураллар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэ үлэлээн эрэр.
Маастар-былааны олоххо киллэрии быһыытынан Сайсары күөл кытылын тупсарыы, Ленин болуоссатын өрөмүөнэ, Р.М.Дмитриев аатынан кытылы оҥоруу ыытылла турар, үлэ барыта быйыл түмүктэниэхтээх.
«Маастар-былаан сүрүн сыала-соруга – дьон олорор усулуобуйатын тупсарыы. Ыччаппытыгар үөрэнэр, сайдар, олоххо суолларын булар усулуобуйаны тэрийдэхпитинэ, инникитин Дьокуускай Уһук Илин регионугар креативнай экономика киинэ буолан үүнүөҕэ-сайдыаҕа”, – диир баһылык.
Ытык кырдьаҕастар сүбэлэрин чилиэннэрэ интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруйдары ыллылар. Аҕам саастаахтар куорат бүддьүөтүн туһунан, М.Е.Николаев аатынан суол өрөмүөнүн, куорат уокуругар киирсэр тыа сирин сайыннарыыны, Дьокуускай тутууларын тэхиньиичэскэй туруктарын кэтээн көрүүнү о.д.а туруорустулар.