08.05.2024 | 10:00

Ытык кырдьаҕас Федора Иванова: «Олоҕу чиэһинэйдик, ыраастык олоруохха!»

Ытык кырдьаҕас Федора Иванова:  «Олоҕу чиэһинэйдик, ыраастык олоруохха!»
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

102 саастаах Федора Николаевна Иванова 1978 сыллаахтан Дьокуускайга олорор. “Оо, ол саҕанааҕы Дьокуускайы уонна билиҥҥи киин куораппытын киһи тэҥниэ дуо? Сайдыы балысханнык бардаҕа дии, тутуу, таас дьиэ бөҕө. Куоракка кэлэн баран бастаан мас дьиэҕэ олорбуппут, онтубут көтүрүллэн кэлин таас дьиэлэммиппит. Билигин оҕолорбун кытта куорат килбэйэр киинигэр мааны бэйэлээх дьиэҕэ дьоллоохтук олоробун. Мин олоҕум диэн атыттартан туох уратылаах буолуоҕай, барыта боростуой этэ...”, – диэн үөрэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү бэрт сэргэх, сирэйэ-хараҕа бэттэх, хайдах эрэ ис-иһиттэн сырдык тыыннаах ытык кырдьаҕаһы кытта атах тэпсэн олорон уһуннук кэпсэттибит:

– Олунньу 14 күнүгэр 1922 сыллаахха оччотооҕу Бүлүү уокуругун Марха улууһун Таркаайы нэһилиэгэр – Ньурба 1 Дьаарханыгар  Чараҥнаах диэн сиргэ төрөөбүтүм. Ийэм аах хас да сиргэ олоро сылдьыбыттар, ханнык сиргэ хайа оҕото төрөөбүтүн чуолкай эппэт этэ. Онон улааппыт сирбитинэн Чараҥнаахха төрөөбүппүт дэнэрбит. Аҕам Николай Иванович Иванов, ийэм Анна Алексеевна Винокурова бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаах, сүөһүлээх дьон этилэр. Аҕам ийэбиттэн сааһынан аҕа эбит, өрөбөлүүссүйэ саҕана нэһилиэк старшината буола сылдьыбыт, 1946 сыллаахха өлбүтэ. Сэбиэскэй кэм саҕана барытын ийэбит тутан олорбута, биһигини, оҕолорун, соҕотоҕун ииппитэ, атахпытыгар туруорбута. Сүөһү тутар буоламмыт, сут да дьылларга улаханнык аччыктаабатахпыт, ийэм ыалларыгар, биир дойдулаахтарыгар кыаҕа баарынан көмөлөһөр, ас бэрсэр буолара, оннук амарах санаалаах, аһыныгас киһи этэ.

Бииргэ төрөөбүт сэттиэ этибит, 2 уол, 5 кыыс. Улахан убайбыт Миитэрэй 1941 сыллаахха сэриигэ барбыта уонна сураҕа суох сүппүтэ. Кэлин билбиппит 1943 сыллаахха тыына быстыбыт эбит, Новгородскай уобаласка уҥуоҕа хараллан сытар. Бииргэ төрөөбүт кыргыттарым бары уһуннук, дьоһуннук уонна дьоллоохтук олорон ааспыттара, бары халыҥ аймах уустарын төрүттээбиттэрэ, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эбиллэ тураллар. Бииргэ төрөөбүттэрбиттэн билигин соҕотох хаалан олоробун. Оҕом курдук бүөбэйдээн, таптаан улаатыннарбыт быраатым аҕыйах сыллааҕыта бараахтаабыта – Василий Николаевич Иванов, СӨ Наукаларын академиятын академига, Саха АССР уонна Арассыыйа наукатын үтүөлээх үлэһитэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр институтун дириэктэрэ, төрүттээччитэ, историческай наука доктора, профессор этэ. Биир эдьиийим Анна Николаевна эмиэ 100 сааһын ааһыар диэри олоҕу олорбута, 2020 сыллаахха барбыта. 2023 сыллаахха балтым, Дьоруой ийэ Ксения Николаевна Федорова 95 сааһыгар бараахтаабыта.

 

Кэргэнинээн Егор Николаевичтыын, Ленинград

Барыта Кыайыы туһугар этэ

Чараҥнаахха олорон 3 эрэ сыл оскуолаҕа үөрэммитим. Онтон салҕыы Марха оскуолатыгар сыл аҥаара үөрэммитим кэннэ олорор эдьиийим аах үлэлэрэ уларыйан, куоракка көһөн киирбиттэрэ (Ньурбаҕа). Аны туран онно миигин оскуолаҕа миэстэ суох диэн ылбатылар, Мархаҕа салҕыы үөрэннин диэтилэр быһыылааҕа, олорор сирэ суох буолан үөрэммэккэ хаалбытым.

Убайым аармыйаҕа сулууспалыы барда, ийэм-аҕам кырдьаҕас дьон, ол иһин мин дойдубар төннөн үлэлиир буоллум. Чараҥнаахха “Үһүс Пятилетка” диэн холкуос баар этэ. Онно аан бастаан 1941 сыллаахха үлэлии киирбитим. Оччотооҕуга 3 кылаас үөрэхпинэн улахан үөрэхтээх киһи аатырабын, ол иһин холкуоска ыаммыт үүтү кэмниир, суоттуур, учуоттуур, барытын сурунан иһэр “табельщик” диэн дуоһунастанан хааллым. Балтараа сыл үлэлээбитим кэннэ, улаатыннаран арыыһытынан анаатылар.

Оо, ол оччотооҕу арыыһыт үлэтэ ыарахан да этэ. Улахан уһаат курдук мас иһиккэ сүөгэйгин мунньа-мунньаҕын күтүр улахан маһынан охсоҕун. Кыайбаппыттан дайааркалар көмөлөһөллөр эҥин. Сыл курдук арыы охсон баран холкуоска араас үлэҕэ барбытым – бурдук быһыыта, бааһына ыраастааһына онтон да атын хара үлэ – эдьиийбиниин холкуос бастыҥ үлэһиттэрэ этибит.

Сэриигэ турар-турбат эр киһини барытын хомуйан барбыт буоланнар, уонна улаатан эрэр уолаттары утары фроҥҥа ылан бара туралларыттан, сүрүн үлэни кыргыттар үлэлиирбит. 8-9 кыыс буолан үлэлиибит, эр дьоммут диэн 2-3 аармыйаҕа ылыллыбатах эр дьон уонна кырдьаҕас баҕайы, тэтэрээт илииһигэр строка саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри бэчээтинэй буукубанан адаархайдык “Тихон” диэн суруйан илии баттыыр  бэрэссэдээтэллээх этибит. Оннук үөрэҕэ суох да буоллар, сахалыы мындыр өйдөөх бэрэссэдээтэллэрдээх буоламмыт, сэрии ыарахан сылларын наһаа хоргуйбакка туораабыппыт дии саныыбын, биһиэхэ улахан өлүү-сүтүү суоҕа. Былааммытын толорон иһэр, туох да наһаа үчүгэйдик үлэлиир этибит. Барыта Кыайыы туһугар, дьон туһугар этэ.

Кэргэнэ Егор Николаевичтыын, табаарыстара П.Захаровтыын, Федора Николаевна быраатыгар Москваҕа В.А.Винокуровка (Сахаттан бастакынан МГУ физфагын бүтэрбит, радиолокационнай систиэмэлэри айааччы, ССРС Оборуона министиэристибэтин «номерной» лабораторияларыгар өр сылларга үлэлээбит киһи).

Сэрии саҕаланыыта оруобуна биһиги улаатан үлэһит буолбут кэммит этэ. Дьоммут элбэх сүөһүлээхтэрэ. Түүн хараҥаҕа үлэлээн бүтэн кэлэрбит, сарсыарда саҥа сырдаан эрдэҕинэ үлэлии тахсарбыт. Төрдүлэрбит улахан сэниэ дьон эбит, дэриэбинэ киинигэр турар улахан сарайдаах дьиэлээх этибит, ол иһин боломуочунайдар эҥин биһиэхэ хоноһолоон ааһаллара.

Сайын от быстарар этим. Икки аттаах буолабын, биир атым сылайдаҕына баайан сынньатабын, иккиспин көлүйэбин. Ол курдук солбуһуннара сылдьан улахан баҕайы сыһыы отун хомуйабыт.

Кыһын малатыылкаҕа үлэлиирим. Бурдук сынньар малатыылка диэн баара. Икки миэтэрэ дириҥнээх сири хаһан малатыылкабыт көлүөһэтин батарабыт. Аны ким да мээнэ сатаабат, дьэ сирэй-харах бөҕө буолабын, былаатынан баана сатыыбын, харахпар бүтүннүү бурдук быыла симиллэрэ. Малатыылканы 8 ат тардара. Хайдах кыайан сылдьаахтаабыппыт буолла? Аны Чаппандаҕа бааһынаттан хомуйбут бурдукпутун таһар этибит, балачча ыраах сиртэн, кууллаах бурдуктары кыргыттар бэйэбит сүгэн-көтөҕөн ат үрдүгэр быраҕар этибит. Кыайыыны чугаһатар баҕабыт күүс эбэр буолуон сөп, бары даҕаны норуот туһугар, дойду туһугар үлэлээн-хамсаан аастахпыт.

Кыайыы буолбутун туһунан уу-хаар буолан атынан үлэлээн кэлбиппэр биһиэхэ олорор кыыс утары сүүрэн тахсан эппитин өйдүүбүн. Оо, оччоҕо убайым эрэйдээх дьэ кэлэрэ буолуо дии санаабытым. Кыайыы буолла диэн бырааһынньык эҥин суоҕа. Тыаҕа ыраах олордохпут дии, биир көс ыраах дэриэбинэҕэ “миитиннээбиттэр үһү”, “сэрии бүппүт үһү” диэн сурахтар кэлэллэрэ. Таптыыр уолаттара сэриигэ барбыт кыргыттар үөрүүлэриттэн эккирээмэхтээн ылбыттарын өйдүүбүн, мин оннук уола суох буолан эккирээбэппин. Убайым сураҕа суох сүппүтүн туһунан иһитиннэрии кэлбитин да үрдүнэн, сэрии бүппүтүн да кэннэ ийэм муҥнаах кэтэһэн ытаамахтаабыта, сэрииттэн хас кэлбит киһиттэн сураһа олороохтообута.

 

Хаһан да быар куустан олорбот. Оҕолор-сиэннэр өлгөм астаах остуолга кэлэллэр

49 сыл бииргэ олорбуппут

– 1945 сыллаахха, сэрии бүтэр сылыгар, партийнай үлэһит Егор Николаевич Денисовка кэргэн тахсан, Ньурбаҕа көһөн киирбитим. Түөрт оҕоломмуппут. 49 сыл эн-мин дэһэн, ытыктаһан, таптаһан бииргэ олорбуппут. 1946 сыллаахха бастакы уолбут Руслан Егорович төрөөбүтэ, улаатан физик идэтин баһылаабыта, СӨ Наукаларын академиятыгар физико-техническэй проблемалар институттарыгар үлэлии сылдьан эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан барбыта. Оҕобун сүтэрбит аһыыбын үйэм тухары сүрэхпэр илдьэ сылдьабын, ол эрэн өлбүтү кытта өлбүт суох, киһи салҕыы олорор күүһү бэйэтэ булуохтаах, олоҕу таптыахтаах быһыылаах.

Улахан кыыһым Людмила Егоровна тыл үөрэхтээҕэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна буолбута. Маргарита Егоровна – нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Дьокуускай 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үлэлиир, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала, педагогическай наука кандидата. Кыра уол Василий Егорович бастакыта физик үөрэхтээх, кэлин экономист буолбута, судаарыстыбаннай сулууспа уорганнарыгар, ОДьКХ салаатыгар, билигин сыананы быһар, тарыыптары хонтуруоллуур эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар. Биэс сиэннээхпин, алта хос сиэннээхпин.

 

Федора Николаевна оҕуруота өрүү үрдүк үүнүүлээх

Ханнык да үлэттэн толлубатаҕым

– Ньурбаҕа ыал буолан көһөн киирэн баран оҕолонон-урууланан, дьиэ хаһаайыстыбатын көрөн тэрилтэҕэ үлэлээбэтэҕим. Онтон 1966 сыллаахха кэргэммин эмискэ Дьокуускайга үлэҕэ анаабыттарыгар көһөн кэллибит. Ол кэлэн Глухой переулок диэки иис комбинатыгар үлэҕэ киирдим. Оробуочай таҥаһы тиктэрэллэр. Баатаны сирийэн тэлэгириэйкэ бөҕөнү түүннэри-күнүстэри тохтоло да суох тигэбит. Истиэнэҕэ сиэҕэ суох тэлэгириэйкэ бөҕө ыйанан турар буолара. Мин онно киирэн бастыҥ сиэх олордооччу буолан хааллым. Арай бэркэ иистэнэр эбиппин, бииргэ үлэлиир нууччаларым хайҕаан бөҕөлөрө. Тоҕо эрэ кинилэр сиэх олордоллорун сөбүлээбэттэр этэ, мин буоллар тигэ-тигэ элитэн иһэбин. Аны нууччалыы олох билбэппин, илиибинэн-атахпынан дайбаһан кэпсэтэн сырыттым, дьоммор да сөбүлэттим быһыылааҕа, эмискэ иистэнэр массыынаны сатаан да кэбиспитим интэриэһинэй этэ.

Оннук иискэ  4 ый үлэлээн баран дойдубун, сүөһүлэрбин ахтан (көһөн кэлэрбитигэр ынахтарбытын кэргэним дьонугар таһааран кэлбиппит), оҕолорбун илдьэ Ньурбабар күрээн хааллым. Кэргэним да сөбүлэһэн ыыппыта, бэйэтэ куоракка үлэлии хаалбыта. Оҕолорбун кытта, ынахтарбын көрөн олорбутум, онтон отум эҥин кыайтарбатыттан соҕотуопкаҕа туттаран баран эмиэ иис өттүгэр үлэлиэхпин баҕардым. Быткомбинат дьиэбиттэн суол нөҥүө турар, кыра уолбун үлэлиирбэр илдьэ сылдьарга табыгастаах буолсу дии саныыбын, баар-суох мааны таҥаспын таҥнан баран үлэ ыйыталаһа тиийбиппин, таҥаһыҥ мааны эбит, мааны таҥаһы тигэр сиргэ үлэлииһиккин диэн онно ыыттылар. Аны онно үлэлээтим. Оҕону илдьэ сылдьары көҥүллээбэттэр эбит, ол иһин үлэлии түһэн баран бэрэдэбиэстээтэххэ оҕобун илдьэ сылдьарым табыллыыһы дии санаан, маҕаһыыҥҥа үлэлии киирдим. Үс ый быыкаа хамнаска практикаланыахтаахпын. Ол үлэлии сырыттахпына болдьохторо уһаабыт таҥастары атыылыыр маҕаһыыҥҥа киһи наада диэн, онно бэрэдэбиэстэтэ ыыттылар, үөрүүнэн сөбүлэстэҕим дии уонна онно уонча сыл табыллан үлэлээбитим.

 

1978 сыллаахха оҕолорум улаатан үлэһит буолан куоракка олохсуйбуттарыгар, Дьокуускайга дьэ көһөн кэлбиппит. 1985 сыллаахха диэри салайар каадырдары бэлэмниир Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар буҕаалтыр-кассирынан үлэлээбитим. Миэнэ барыта үчүгэй баҕайытык табыллан иһэр курдук этэ – үлэлиир сирдэрим, кэлэктиибим. 1997 сыллаахтан биэнсийэҕэ тахсан олоробун. Оҕолорбун кытта ыкса олорон, сиэннэрбин көрөн улаатыннартаатым.

 

Кыра балта Ксения Николаевна Федорова - 11 оҕолоох Дьоруой ийэ, быраата - Василий Николаевич Иванов, историческай наука доктора, профессор

Үчүгэйгэ эрэ талаһыахха

Уһун үйэлэнии улахан туох да кистэлэҥэ суох быһыылаах, айылҕа хайдах анаабытынан барар эбит дии саныыбын. Биһиги киһиттэн ураты олоҕу олорботохпут эбээт, тоҕо эрэ сүүспүн куоһардым... Төрдүбэр уһун үйэлээхтэр ийэм өттүнэн бааллара. Айылҕа биэрбитин таһынан, олох көммүтэ эмиэ көмө буоллаҕа. Кэргэмминиин үчүгэйдик олорбутум, билигин кыргыттарым, уолум, күндү көмүс кийиитим көрөллөр-истэллэр. Ол барыта өйөх буолар буоллаҕа.

Доруобуйабын улаханнык көрүнэ сатаабат киһибин. Өр уйутта сылдьарым буоллар диэн онтубун-мантыбын барытын бэйэм дьаһана үөрэхтээхпин. Үйэбэр табахтаабатаҕым, арыгылаабатаҕым. Бэйэм наар тугу эрэ гына сылдьарбын, дьиэ иһинээҕи түбүгү үмүрүтэрбин сөбүлүүбүн. Хараҕым үчүгэйдик көрөрө буоллар, кулгааҕым үчүгэйдик истэрэ буоллар, өссө элбэҕи гыныам этэ дии саныыбын.

Урут, таҥас-сап аҕыйаҕар, хамнас кыратыгар оҕолорбун бэйэм иистэнэн таҥыннарарым, дьонтон итэҕэс сырытыннарбатаҕым. Билигин иистэниэхпин баҕаран массыыҥкабын дөрүн-дөрүн тутан көрөөхтүүбүн.

Сир астыырбын таптыыбын. Ийэм үөрэппитэ. Тыа сиригэр дьиэттэн таҕыстыҥ да сир аһа дэлэй буолара.

Улахан оҕуруотчут буолбатарбын да, сайын аайы ону-маны олордон үүннэрэн сиибит. Оҕурсубун быйыл эмиэ олордуом. Сороҕор сүрэҕэлдьиэх санаам кэлитэлиир даҕаны, сыл аайы арассаада атыылаһан олордубутум эрэ баар буолар. Кэлэ-бара сыыс отун тоноон, быһан эҥин көрөбүн буоллаҕа. Уутун оҕолорго куттарабын. Тугу да гыммакка хайдах олоруомуй?

 

Киһи чөл өйдөөх кырдьарыгар туох наадатын сатаан быһааран биэрэр кыаҕым суох эбит. Куруук тугу эрэ умнубатарбын, тугу эрэ гыныахтаах этим диэн өйбөр эргитэн саныы сылдьабын. Суоту баҕас өйбөр холкутук суоттуубун. Умнуган буола иликпин.

Урут үчүгэйдик көрөр эрдэхпинэ, кинигэни наһаа ааҕар этим, сахалыы хаһыаты барытын – “Саха сирин”, “Киин куораты”, “Кыымы” наһаа сөбүлүүр этим. Саха классикатын барытын сэргээн ааҕарым. Уһуннук олорорбун сөбүлээбэт буоламмын, киинэни улаханнык сэргээбэппин, ол эрээри Саха тыйаатырыгар сылдьааччыбын.

«Ытык кырдьаҕас» бэлиэни туттарыы үөрүүлээх түгэнигэр, дьиэ кэргэнинээн

Дьиэ кэргэн бөҕө туруктаах буоларыгар саамай кэргэнниилэр тэбис-тэҥҥэ өйдөһөн олоруулара тирэх буолар. Санаарҕыырым диэн, оҕонньорум миигиттэн уонча сыл аҕа буолан эрдэ баран хаалаахтаабыта. Арай саастыы эбиппит буоллар тэбис-тэҥҥэ “эн көр”, “мин көр” дэһэ-дэһэ бииргэ кырдьыа этибит буоллаҕа.

Сарсыарда олох эрдэ турабын. Күнүс утуйбаппын. Сааһырбыт киһи уута аҕыйыыр эбит. Алтаҕа эҥин уһуктан баран хат утуйдахпына сылайан турабын, ону абааһы көрөн иккистээн утуйа сатаабаппын. Аспар талымаһым суох, тугу баҕарбыппын сиибин, диета тутуспаппын. Сиспин бэйэм массаастанабын, бэрэдэбиэстии сылдьан тымныппытым эҥин биллэрээри гынар.

 

Киһи саамай үчүгэй хаачыстыбата, мин санаабар, дэлэгэй өйдөөх-санаалаах буолуохтаах. Олоҕу чиэһинэйдик, ыраастык олоруохха наада. Үйэбит тухары үчүгэйгэ эрэ талаһыахтаахпыт. Куһаҕаны кытта эйэлэһэр наадата суох. Киһи бэйэтин өйүн-санаатын туттуна, өрө тардына сырыттаҕына этэҥҥэ сылдьар эбит.  Олохпор туохтан да кэмсиммэппин.

 

Куоракка эрдэ көһөн кэлбит ыал быһыытынан аймах-билэ дьоммут үөрэхтэнэллэригэр элбэх ыччакка өйөбүл буолбуппут. Күнүс оҕолорум кэлэн эбиэттииллэр. Бүгүн тугу астаан аһатабын, сарсын тугу сиэтэбин диэн хас биирдии хаһаайка курдук толкуйдаабытынан сылдьабын.

 

Олоххо саамай үрдүк суолталаах – үлэ. Олох күүһэ үлэҕэ сытар. Киһи үлэлээх буолуохтаах. Киһини үлэ киэргэтэр. Бары үлэлээх-хамнастаах буолуҥ!

 

Кыайыы күнүнэн хаһыат ааҕааччыларын бука барыларын эҕэрдэлиибин! Куһаҕана суох олоххо дьэ кэлэн баран, үчүгэйдик олоруохха, иирсээнэ-айдаана суох, эйэлээхтик. Сэрии хаһан да буолбатын баҕарар этим... Билиҥҥи буола турар балаһыанньаттан хараастабын. Ол иһин “Сэрии аны буолбатын!” диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Хос эбээтин көмөлөһөөччүтэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...