08.09.2022 | 16:00

Ытык киһибит аата умнуллубат

Хатаска балаҕан ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка,  бүтүн Арассыыйаҕа киэҥник биллибит бөдөҥ салайааччы, олоҕун үлэҕэ анаабыт Ытык киһибит Федорова Парасковья Павловна төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр буолан аастылар.
Ытык киһибит аата умнуллубат
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Ол курдук нэһилиэкпит музейын (салайааччы Баишев Петр Анатольевич) тиэргэнигэр постамент үрдүгэр олорбут боруонсаттан кутуллубут бюст аһыллыыта үөрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна. Кэлбит дьону Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын норуот үнүстүрүмүөннэрин "Сандал" оркестра тыыннаах доҕуһуолунан көрсүбүтэ долгутуулаах, истиҥ-иһирэх эйгэни үөскэттэ. Бу айар кэлэктиип маҥнайгы хардыыларын оҥороругар Парасковья Павловна салайар «Хатас» сопхуос кэлэктиибэ үп-харчы көрбүтэ диэн бэлиэтиирбит тоҕоостоох.

Тэрээһиҥҥэ бочуоттаах ыалдьыттарбыт СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Н.С. Афанасьев, Ил Түмэн дьокутаата  И.И. Слепцов, Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы  В.В. Аржаков, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата, кэккэ сылларга Хатас нэһилиэгин баһылыга П.А. Козлова, Хабаровскай куораттан кэлбит бюст ааптара,  скульптор Р.В. Босов  нэһилиэк үөрүүтүн-көтүүтүн үллэстэн, эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Бюст Хабаровскай куоракка оҥоһуллан, кутуллан баран, сүрдээх уһун айаны айаннаан, анаммыт күнүгэр лоп бааччы кэлэн туруорулунна. Манна Н.В. Слепцов дириэктэрдээх Н.Е.уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын кэлэктиибэ ыыппыт үтүмэн үлэтин бэлиэтээн ааһарбыт тоҕоостоох. Ол курдук эдэр учууталлар Р.В. Обоюкин, В.Н. Решетникова, А.С. Острельдина, Н.И. Маркова бырайыак суруйан, смета оҥорон араас бырагыраамаларга, куонкурустарга кыттан баран, кыаллыбатаҕын иһин оскуола кэлэктиибэ бары үп-харчы өттүнэн кыттыһан, бюст туруоруутун үлэтин бары түһүмэҕин тиһэҕэр диэри бэйэлэрэ чиэстээхтик толордулар.

Бу күн ыытыллыбыт тэрээһиннэр, дьаһаллар норуот күүһэ көмүөл күүһэ буоларын өссө төгүл бигэргэттилэр. «Хатас» сопхуоска үлэлээбит оҕуруот үлэһиттэрэ музейга икки кинигэни таһаартаран  бэлэхтээтилэр. «Тускул» култуура киинин иһинэн үлэлиир «Рисуем все» түмсүү худуоһунньуктара мэтириэттэри суруйдулар, «Хатассы в лицах» бырайыак чэрчитинэн «Хатас» сопхуос үлэһиттэрин туһунан тахсыбыт кинигэлэр быыстапкалара турда.

Музей биир саалатыгар Парасковья Павловна тус бэйэтэ туттубут маллара, наҕараадалара, олоҕун кэрчиктэрин кэпсиир хаартысканан, видеонан матырыйааллар түмүллүбүттэр. Маны сэргэ, оҕуруот үлэһиттэрэ норуот айымньытыгар анаммыт үлэлэрин (баайыы, тигии, төрүт иис, кылынан өрүү, быысапка уо.д.а) быыстапката турбута саха дьахтара сатаабатаҕа суоҕун өссө бигэргэттэ.

Салгыы Бастакы Баҕарах түөлбэҕэ Парасковья Павловна аатынан уулуссаҕа «Узнай историю своей улицы» бырайыак чэрчитинэн интерактивнай табличка аһылынна. Бу бырайыак ыччат, олохтоохтор историяны билэллэригэр төһүү күүс буолар, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, үүнэр көлүөнэҕэ, нэһилиэнньэҕэ Хатас сайдарын туһугар сүдү кылааттарын киллэрбит дьоһун дьоммут туһунан аныгылыы табыгастаах ньыманы туһанан тиэрдэр аналлаах.

Бу күн ыытыллыбыт тэрээһиннэр Парасковья Павловна “Дьонум туһугар үлэлээбит дьоллоохпун” диэн кынаттаах тылларынан салайтардылар. Үгүс элбэх ыалга, түмсүүлэргэ, кэлэктииптэргэ кини туһунан кэпсэтии, сэһэргэһии таҕыста. Хатас туһугар, Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит үтүө киһибит аатын үйэтитии кэлэр көлүөнэ ыччаппытын кытта быстыспат ситиммит  буолар.

Тэрээһиннэргэ кыттыбыттар, көҕүлээччилэр, саҕалааччылар махтал суруктары, грамоталары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.

Бу күн үөрүүтүн түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолан биллибит, тэрээһиннэрбит нэһилиэк дьонун-сэргэтин киэн тутта кэпсиир сонуна, сэһэнэ буоллулар. Манна олохтоох дьаһалта (салайааччы Е.П. Пермяков) тэрилтэлэри, нэһилиэнньэни кытта биир сомоҕо буолан үлэлиирэ өссө төгүл көһүннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...