03.01.2021 | 10:28

Ырыынакка сыана хайдаҕый?

Ырыынакка сыана хайдаҕый?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу өрөбүллэргэ балык, эт сыанатын билээри, “Сайсары” бааһынай ырыынагар уонна оҕуруот аһа, фрукта сыанатын сибикилиир сыаллаах, Чернышевскай уулусса 66 базатыгар бара сырыттым.

Ханна да буоларын курдук, ырыынакка да, базаҕа да, массыына бөҕө тоҕуоруспут. Атыы-эргиэн кииннэригэр киирии-тахсыы, атыы-кутуу элбээбит. Саҥа сылы баай-талым сандалылаах көрсөр бэрт буоллаҕа.

“Сайсары” бааһынай ырыынагар:

Эт сыаната (киилэнэн):

Ынах тыла – 750-800 – 1500 солкуобай

Убаһа тыла – 800 солкуобай

Буотарах – 400 солкуобай

Убаһа хаана – 1000 - 1200-1300 солкуобай

Ынах хаана – 500 солкуобай

Фарш- 500 солкуобай

Ынах быара – 500 солкуобай

Убаһа хартата – 800 солкуобай

Эдэр ынах этэ – 450-550-600-650  солкуобай

Сүөһү атаҕа – 250 солкуобай

Убаһа этин набора – 250 солкуобай

                  Балык сыаната (киилэнэн):

Собо – 200 – 250- 350 солкуобай

Чир – 1000-1200 солкуобай

Ряпушка – 250 солкуобай

Балык фарша – 400 солкуобай

Кальмар – 250 солкуобай

Кета – 350 солкуобай

Семга – 800 солкуобай

Нельма – 800 – 1200 солкуобай

Муксун – 450 – 700 солкуобай

Щука – 180 солкуобай

Минтай – 180 солкуобай

                                    Сир аһа (киилэнэн):

Отон - 400 солкуобай

Хара моонньоҕон – 300 солкуобай

Кыһыл хаптаҕас – 250 солкуобай

Клюква – 500 солкуобай

Облепиха – 300 солкуобай

Клубника – 250 солкуобай

Кедровай эриэхэ – 600 солкуобай

Сугун – 600 солкуобай

Дьэдьэн – 450 солкуоба

Ежевика – 300 солкуобай

Калина – 300 солкуобай

Вишня -350 солкуобай

                Оҕуруот, фрукта сыаната дуоллартан тутулуктаах

Бу базаҕа оҕуруот уонна фрукта сыаната сорох маҕаһыыннарга ыйыллыбатах. Сыаната тоҕо суруллубатый диэн ыйытыыга: “Дуоллар күн аайы хамсыы турар. Онон көрөн сыанатын үрдэтэбит”, – диэн хоруйдара бэлэм.

Фрукталарбыт ыраах итии дойдуттан, ол курдук, Ирантан, Турцияттан, Кытайтан, Мароккоттан тиэллэн кэлэллэр эбит. Аата, ырааппытын... Хайдах хараллан кэлэллэрэ эбитэ буолла диэн ыйытык үөскээн тахсар. Хонтуруоллуур тэрилтэлэр төһө бэрэбиэркэлииллэрэ буолла? Саха сиригэр сылы эргиччи фрукта атыыланар. Онтон Узбекистаҥҥа сезонунан көрөн атыыланар. «Эһиги дойдугутугар фрукта үүммэт. Тоҕо сылы эргиччи фрукта атыыланарый» диэн соһуйаллар. Кинилэргэ сезонунан көрөн үүнэр буолан, сибиэһэйтэн-сибиэһэй оҕуруот, фрукта аһын аһыыллар. Биһиэхэ сылы эргиччи маҕаһыыммытыгар бу астар дэлэйдик атыыланаллар. Ол аата биһиги сибиэһэйэ суох аһы аһаан, доруобуйабытын кэбирэтэр эбиппит. Хайыахпытый, олохпут тутула оннук буоллаҕа. Дьэ, дьикти...

66 №-дээх Чернышевскай базаҕа:

Оҕуруот уонна фрукта сыаналара (киилэнэн):

Дьаабылака – 80-150-250 солкуобай (суордуттан көрөн)

Хортуоска – 45-65 солкуобай

Помидор (Саюри) – 250 солкуобай

Оҕурсу (Саюри) – 310-350 солкуобай

Мандарин – 220-250 солкуобай

Олохтоох хаппыыста – 60 солкуобай

Апельсин – 220 солкуобай

Луук- 35-55 солкуобай

Моркуоп -80-120 солкуобай

Олохтоох сүбүөкүлэ – 80 солкуобай

Гранат – 250-280 солкуобай

Виноград – 250 солкуобай

Груша – 220-280 солкуобай

Хурма -220 солкуобай

Банан -120 солкуобай

Устууканан:

Лимон – 40 солкуобай

Киви – 30 солкуобай

Лайм – 60 солкуобай

Бэйэ оҕуруоттаах буоллахха...

  Анна Афанасьева Дьокуускай куоракка олорор. Кини Хатыҥ Үрэххэ даачалаах. Ыам ыйыттан даачатыгар сайылыы тахсар уонна күһүн алтынньы ыйга биирдэ куораттааҕы дьиэтигэр кыстыы киирэр. Хас бырааһынньык аайы “Оливье” уонна “Селедка под шубой” салааттары оҥосторун сөбүлүүр. Онон кини этэринэн, салаатын састааба барыта бэйэтин оҕуруотуттан астанар. Маҕаһыынтан маринованнай күөх горох (сыаната 58 солкуобай) уонна маринованнай оҕурсу (корнишон, сыаната 80 солкуобай), майонез (900 гр. 147 солкуобай), сымыыт 10 устууканы 79 солкуобайга атыылаһбын, ол эбэтэр сымыыт биир устууката 7,90 солкуобай харчы буолар. Ячейкаҕа 30 устуука киирэр. Ячейканан ылар буоллахха, 237 солкуобай буолар. Салааттарбар бу бородуукталары эрэ атыылаһабын диир.

Састааба:

Хортуоппуй

Эт

Сымыыт

Луук

Маринованнай күөх горох (бааҥкалаах)

Маринованнай оҕурсу (корнишон)

Майонез

Саҥа дьыллааҕы аһы дьиэҕэ тиэрдии өҥөлөрө хайдах үлэлиэхтэрэй?

Кылгас иһитиннэрии:

Сорох кафеларга, рестораннарга ас сакаастыыр буоллаххына, тиэрдэр өҥөлөрө босхо буолар эбит. Бу үксэ куорат киинигэр олорор буоллаххына. Суһал сакааска оҥорор өҥөлөрө төлөбүрдээх. Эбэтэр бэйэҥ массыыналаах буоллаххына, бырааһынньыктааҕы аскын эрдэ сакаастаан ылыаххын сөп. Бырааһынньыктааҕы бүлүүдэлэри сакаастыаххытын баҕарар буоллаххытына, интэриниэт ситимигэр киирэн, наадалаах сайтары булан көрүөххүтүн сөп.

                         Саҥа дьыллааҕы бэтиэхэлэр

Дьэ, доҕоттоор, сыл аҥаара олорон үлтү сылайдыгыт? Сытартан үлтү кэhэйдигит? Дьиэҕэ олорортон дэлби хал буоллугут? Дьэ оччотугар саҥа сыл үүммүт, тохсунньу 3 уонна 4 күннэригэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоhyyларын дьиэтигэр саамай бэтиэхэлээх артыыстар икки күн устатын тухары, эһиэхэ анаан кэнсиэрди бэлэх уунуохтара! Кэлэн сыл аҥаара мунньубут стресскитин дэлби күлэн таһаарыҥ! Киhи күллэҕинэ олоҕо уhyyр дииллэр. Онтон эhиги икки күнү быha быара суох күлэн, олоххутун өссө уhaтыҥ. Кэнсиэргэ көр-күлүү жанрын бастыҥ маастардара итиэннэ эстрада театрын уонна эстрадаҕа ыллыы сылдьар маанылаах куоластар эhигинниин бииргэ буолуохтара! САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ БЭТИЭХЭЛЭРИ кытта бииргэ Саҥа сылы күлбүтүнэн уруйдуу көрсүөххэйиҥ! Билиэт ахсаана атыыга аҕыйах. Роспотребнадзор ирдэбилин барытын тутуhан туран ыытыллар. Тохсунньу 3 уонна 4 күнүгэр көрсүөххэ диэри! Билиэт сыаната киhини ытырбат, арай күллэрэр эрэ - 600 уонна 800 мөhөөx.

Касса нүөмэрэ 32-82-96 уонна 89248687373.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...