12.11.2023 | 12:00

Ырыанан эмтэниэххэ сөп...

«Ырыа – уйулҕа уонна эт-хаан эмчитэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Үчүгэй ырыа киһини долгутар, ытатар эбэтэр, төттөрүтүн, үөрдэр, үрдүккэ көтүтэр аналлаах. Аны бу дьарык киһи доруобуйатыгар олус туһалаах эбит. Бүгүн ол туһунан суруйуубутун сэргээҥ, сэҥээриҥ.
Ырыанан эмтэниэххэ сөп...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Доруобуйаҕа эргиччи туһалаах

Дьиктитэ баар, киһи ыллыыр кэмигэр кутуллар дорҕооннорун 80% ис уорганнарыгар хаалар, баара-суоҕа 20% эрэ таска тахсар. Ол искэ киирэн организм үлэтин тупсараллар, түргэтэтэллэр, чуолаан ньиэрбэ, иммуннай уонна сүрэх-тымыр систиэмэтигэр дьайаллар.

Ырыа эккэ-сииҥҥэ сөптөөх “вибрациялары” ыытар, онон киһи олох олорорго, санаабытын ситиһэргэ, толкуйдаабытын толорорго турунарыгар тирэх буолар. Бу эргиччи туһалаах дьарык хаан эргиирин тупсарар, куолас силгэлэригэр (голосовые связки), бэлэс былчархайыгар, киһи аата-ахсаана биллибэт элбэх лимфалаах былчархайыгар үчүгэйдик дьайар буолан, иммунитеты күүһүрдэр, дьаҥы, тумууну киэр кыйдыыр. Ити былчархайдарыҥ куруук үлэлиир, мэлдьи дьарыктаах буоллахтарына, күөмэй ыарыыта буулаабат. Ол да иһин ырыаһыттары “көмүс күөмэйдээхтэр” диирбит оруннаах эбит.

Франкфуртааҕы университет учуонайдара хас да идэтийбит хор ырыаһыттарын хааннарын анаалыһын кэтээн көрбүттэр. Ол курдук, Моцарт «Реквием» айымньытын толорбут хор чилиэннэрэ ыллаан бүппүттэрин кэннэ хааннарыгар А иммуноглобулиннара элбиирэ, гидрокортизоннара үрдүүрэ бэлиэтэммит. Оттон музыканы көннөрү (ыллаабакка) иһиттэхтэринэ, иммуноглобулиннарын таһыма оннунан хаалар эбит. Ити курдук учуонайдар ырыа иммуннай систиэмэҕэ үтүө сабыдыаллааҕын дакаастаабыттар.

Ыллыыр кэмҥэ түөс килиэккэлэрин, ис уорган былчыҥнара күүскэ үлэлииллэр, онон хаан эргиирэ тупсар, хаан кислородунан туолар. Итини таһынан, Америка учуонайдара дакаастаабыттарынан, ырыа сүрэх үлэтигэр үтүө дьайыылаах.

Исписэлиистэр ырыаны эти-сиини чэбдигирдэр дьарыкка тэҥнииллэрэ мээнэҕэ буолбатах.  Доруобуйаларыгар хааччахтаах, аҕам саастаах дьоҥҥо уонна сытар ыарыһахтарга спорду, ханнык баҕарар физическэй хамсаныыны солбуйар. Тоҕо диэтэххэ хаан эргиирин тупсарар уо.д.а. доруобуйаҕа туһалаах өрүтэ үгүс. Сорох экспертэр этэллэринэн, бу кэпсиир дьарыкпыт киһини тулуурдаах оҥорор уонна да атын кыаҕын арыйар. 

Кэрэ аҥаардар, өрөйүҥ-чөрөйүҥ! Ырыа хаан эргиирин тупсарар, ол иһин тирии туругар үчүгэйдик дьайар, организмы эдэригэр түһэрэр. Чахчы да, тапталлаах артыыстарбыт кырдьар диэни билбэт кистэлэҥнэрэ итиннэ сытар эбит.

Аны туран, киһи аймахха бары өттүнэн туһалаах дьарык, хаан эргииригэр үчүгэй буолан, мэйии үлэтин тэтимирдэр: бу уоргаммыт үлэтин күүһүрдэр, өйгө тутар дьоҕуру сайыннарар, икки атахтаах ханнык баҕарар информацияны ылынара чэпчиир. Ол иһин сорох арҕаа дойдулар клиникаларыгар Альцгеймер ыарыытын уонна деменцияны (түөһэйиини) утары “Поющие для мозга” диэн хамсааһын баар. Кинилэр үлэлэрэ үтүө түмүктээҕэ бэлиэтэнэр.

Ырыа тыҥаҕа туһалааҕын бары да билэбит. Тыҥалара мөлтөх дьоҥҥо тыыныы гимнастикатын солбуйар, ону сэргэ түөс килиэккэлэрин сайыннарар, киһи сөпкө тыынарга үөрэнэр. Онон тымныйара, ыарыыта бэргиирэ лаппа аҕыйыыр диэн чинчийээччилэр суруйаллар. Оттон кэлэҕэй дьону ырыанан эмтиир ньыма  аан дойдуга киэҥник туттуллар. Бэл диэтэр, кэнники кэмҥэ ырыа ыраастык саҥарыыга үөрэтэр албас быһыытынан тарҕаммыт. Манна эбэн эттэххэ, уһуйааннарга ырыа – саҥа тылланан эрэр оҕолорго бастыҥ дьарык.

Дьэ, эрэ, өссө биир чахчыны сэргээҥ – итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, баҕар, күлүөххүт, ол эрээри “ырыа – уойууну кытта охсуһар көдьүүстээх ньыма” диэн суруйаллар.  Үскэл дьоҥҥо үссэниэх оннугар икки-үс ырыаны ыллыырга сүбэлииллэр. Боруобалаан көрөөрүҥ эрэ.

 

Ис туругу чөлүгэр түһэрэр

Ханнык баҕарар искусство уонна айар дьарык киһи ис туругар, уйулҕатыгар, өйүгэр-санаатыгар үтүө дьайыылаах. Ол иһин сорох исписэлиистэр үлэлэригэр үҥкүүнү, уруһуйу, ырыаны эмтиир ньыма быһыытынан киллэрэллэр эбит. Учуонайдар: «Ханнык баҕарар ыарыы төрдө –  биоэнергетическэй ритм кэһиллиитэ», – дииллэр. Онон аан дойду ааттаах-суоллаах чинчийээччилэрэ ырыа көмөтүнэн киһи ис туругун, өйүн-санаатын, уйулҕатын чөлүгэр түһэриэххэ сөп диэн бигэ санаалаахтар.  

Киһи ыллыыр кэмигэр мэйиитигэр үөрүүнү уонна холкутук сананыыны үөскэтэр химическэй бэссэстибэлэр оҥоһуллан тахсаллар. Ол иһин ыллаатаҕына сүргэтэ көтөҕүллэр, ис туруга бөҕөргүүр эбит.

Кырдьык, сөбүлүүр ырыаҕын иһиттэххинэ, бэйэҥ да билбэккинэн тэҥҥэ ыллаһан бараҕын, сүрэҕиҥ манньыйар эбээт. Тоҕо диэтэххэ үөрүү уонна дьол гормоннара – эндорфиннар тахсаллар, кинилэр – депрессия өлөр өстөөхтөрө. Итиннэ эбэн эттэххэ, ырыаны, музыканы истии, үгүс чинчийии көрдөрбүтүнэн, киһи этэ-сиинэ күүрбүтүн босхо ыытар.      Маны сэргэ, стреһи утарар гормон таһыма үрдүүр.  Ордук киһи сөбүлүүр ырыата ханнык да күүстээх эми солбуйар кыахтаах эбит. Ол иһин ыгым, ыгылыйар кэмҥитигэр киҥинэйэн ыллааҥ, түргэнник уоскуйуоххут дииллэрэ оруннаах.

Ырыа – дьону кытта алтыһарга көмөлөһөөччү, чуҥкуйууттан быыһааччы. Ол иһин психологтар соҕотохсуйар дьону ырыа куруһуоктарыгар, ансаамбылларга дьарыктаныҥ, караокелыы барыҥ диэн сүбэлииллэр. 

Аны өссө биир дьикти чахчы. Былыргы Египеккэ утуйбакка эрэйдэнэр дьону ырыанан эмтииллэр эбит, оттон Былыргы Грецияҕа –  ньиэрбэ систиэмэтигэр кэһиллиини, радикулиты.  Экспертэр этэллэринэн, киһи күҥҥэ саатар 10-15 мүнүүтэ сөбүлүүр ырыатын дьиэрэттэҕинэ, кытаанахтык утуйар буолар, сарсыарда сынньанан, уутун ханан турар. 

Истэр ырыаҥ барыта эмтээбэт, доруобуйаҕар үчүгэйдик дьайбат.  Бу киһи куолаһын төһө баһылаабытыттан тутулуктаах эбит. Сорох ырыаһыттар куоластара, төттөрүтүн, куһаҕаннык дьайыан сөп дииллэр. Онон ырыа ис хоһоонуттан, тылыттан-өһүттэн, матыыбыттан кытта тутулуктааҕа чахчы.

 

Туспа терапия

Аныгы үйэҕэ ырыанан эмтэнии анал методиката оҥоһуллан, киэҥник туттуллар. Маныаха сөпкө тыыныыга улахан болҕомто ууруллар. Бу тыыныы былчыҥнарын эрчийэр, киһи бронхалара салгыны тыҥаҕа аһарар салаалара аһыллар, тыҥа кээмэйин уларытар. Ити чахчыны ааҕа олорон, аан дойдуга аатырбыт Pink диэн ырыаһыт биир интервьютугар оҕо сылдьан астма ыарыыттан эрэйдэнэрин, онтон биир кырдьаҕас сүбэтинэн төрөппүттэрэ ырыа куруһуогар биэрбиттэрин кэпсээбитин сэҥээрбиппин санаан кэллим.

Ырыа доруобуйаҕа туһатын билиҥҥэ диэри учуонайдар киэҥник үөрэтэллэр. Кэнники кэмҥэ вокалотерапия диэн сонун хайысха тарҕанна, хайыы үйэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Бу методика ыарыыны эрдэттэн сэрэтии эрэ быһыытынан буолбакка, тыынар уорган ыарыыларын, холобур, бронхиальнай астманы эмтииргэ туттуллар. Уйулҕа, ис турук ыһыллыытыгар эмиэ туһаныллар: араас фобияларга, неврозка, депрессияҕа, төбө ыарыытыгар.

Үөһэ этиллибитин курдук, кэлэҕэй буолууну утары охсуһар биир ньыма – ырыа. Аан дойду үрдүнэн тардыас оҕолору хорга дьарыктаан эмтиир методика үчүгэй түмүктэри аҕалар. Маннык оҕо атыттар ыллыылларын истэн, онно сөп түбэһэ сатаан, сыыйа-баайа кэлэҕэйдиирэ тохтуур. Быраастар оҕолорго ыгылыйдаххытына ыллаан биэриҥ диэн сүбэлииллэр. Оттон психологтар симик, кыбыстанньаҥ дьону сыанаҕа, көрөөччү иннигэр таһаараллар, ити туһалаах практика буоларын үгүс үлэ түмүгэ көрдөрөр.  Кырдьык, киһи дьон ортотугар тахсан баран, хомунар, санаатын сааһыланар, долгуйбута ааһар, устунан холкутук сананар эбит.

Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, ыллыыр эбэтэр хорга дьарыктанар оҕолор үөрэхтэригэр үчүгэй буолаллар, аҕыйахтык ыалдьаллар, иммунитеттара бөҕөргүүр.  

Аны, доҕоттор, бу дьарык киһи тутта-хапта сылдьарыгар, быһыытыгар-таһаатыгар быһаччы дьайыылаах. Ол эбэтэр ыллыыр кэмҥэр бэйэҥ да билбэккинэн көнөр, көнөтүк туттар эбиккин. Онуоха эппит-сииммит махтанара чуолкай. 

Өссө сорохтор грипп утары ханнык да быһыытааҕар норуот ырыалара быдан туһалаахтар диэн суруйаллар. Ол курдук үйэттэн үйэҕэ бэриллэн кэлбит фольклор баайа дьикти, ураты күүстээх эбит.

Ырыанан эмтэнэр киһи хайаан да улуу ырыаһыт буолара ирдэммэт. Куолас, музыканы истэр ураты дьоҕур да суох буоллун. Сөбүлүүр ырыаҕытын истэр кэмҥитигэр тэҥҥэ ыллаһыҥ, үтүктүҥ диэн сүбэлииллэр. Сууккаҕа саатар 5 мүнүүтэ ыллаан дьиэрэттэххитинэ, өйдүүн-санаалыын, эттиин-сиинниин чэгиэн туруктаныаххыт.

 

Дьэ, ити курдук, ырыа эргиччи туһалааҕа чахчы! Билигин сир аайы уһуйаантан саҕалаан Үһүс көлүөнэ оскуолаларыгар тиийэ ол-бу куруһуок элбэх.

Ыллааҥ, олоҕу таптааҥ, доруобуйаҕытын харыстаныҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...