22.01.2020 | 13:35

ЫРЫАҺЫТ КИРИЛЛ МАТВЕЕВ: «БАҔА САНАА БУ ОЛОХХО ТУОЛАР”

ЫРЫАҺЫТ КИРИЛЛ МАТВЕЕВ: «БАҔА САНАА БУ  ОЛОХХО ТУОЛАР”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кирилл Матвеев аата саха эстрадатыгар биллибитэ аҕыйах сыл буолла. Аан бастаан кинини «Үрдэл” ырыа күрэҕэр олус сэҥээрэ истибитим.  Чахчы талааннаах ыччат тахсан эрэр диэн ис сүрэхпиттэн үөрбүтүм. Быйылгы «Үрдэлгэ” эмиэ ситиһиилээхтик кытынна. Кирилл ханнык да ырыаны ис дууһатын ууран толорорун истээччи бэлиэтии көрбүтэ ыраатта. Сорох дьон уол куолаһын аатырар Муслим Магомаевка майгыннаталлар эбит.

Бүгүн күндү ааҕааччыбар кэскиллээх ырыаһыт олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсэтиибин таһаарабын.

  • Мин Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас хабааннаах ырыа куонкурустарыгар барытыгар кыттыбытым, куруук бастыыр буоламмын, кэлин улахан ырыаһыттар күрэхтэригэр киирсибитим. 15 саастаахпар Аркадий Алексеев “Ыллаа, эдэр саас” күрэҕэр кыттан, икки тууру үрдүк баалга ааспытым кэннэ, “букатын да оҕо эбиккин... улахан ырыаһыттары баһыйар кыаҕын суох“ диэн кэбиспиттэрэ (күлэр). Кыра эрдэхпиттэн классическай муусуканы сөбүлээн истэбин. Дьиэбитигэр сахалыы араадьыйа, муусука куруук холбонон турара. 2015 с. оскуолабын бүтэрэммин М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет саха салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Ааспыт сыл үөрэхпин ситиһиилээхтик түмүктээммин, култуура дьиэтин салайааччытын идэтин ыллым. Ырыаһыт быһыытынан олох кыра сааспыттан арыллыбытым. Аны, бу кэлэн санаатахха, оҕолору үҥкүүлэтэн-ыллатан кэнсиэр туруорар, ол быыһыгар балтыбын кытта дьоммутугар бэйэбит кэнсиэртиир этибит. Былыргы түннүк штораларыттын тахса-тахса кэнсиэр туруорааччыбыт. Онон оҕо эрдэхпиттэн син биир айар эйгэҕэ дьулуспут эбиппин дии саныыбын.

ХААН БУЛКУҺУУТА

  • Кирилл, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түс эрэ. Мин эйигин сахаҕа олус кыраһыабай, боччумнаах уол диэн көрөбүн...
  • Мин дьонум олус эдэрдэр. Ийэм – саха тылын учуутала, аҕам биһиги нэһилиэкпит теплоэнергиятын маастара. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, балтым ХИФУ-га устудьуон уонна кыра 4 саастаах бырааттаахпын. Төрөппүттэрбиттэн 18 сыл арыттаахпын, бырааппыттан эмиэ. Дьонум эдэр буоланнар бэйэбин өйдүөхпүттэн эбээбэр улааппытым. Аны туран, эбээм  нуучча. Сатаан суруйбат даҕаны, аахпат даҕаны, хата, сахалыы өйдүүр. Кэлин өссө сахатыйда (күлэр). Аҕам омугунан кэриэй, Кэриэйэҕэ төрөөбүт. Эбээм Кэриэйэҕэ кэргэн тахсар уонна икки оҕолонор. Дьиҥнээх эһээбин кытта манна кэлэн олохсуйбуттар, быр-бааччы олорбуттар. Дьиҥнээх эһээм Саха сирин тымныытын, айылҕатын, уутун-хаарын тулуйбакка дойдутугар төннүбүт үһү. Онтон кэлин эбээм Матвеев диэн киһиэххэ кэргэн тахсан, биһиги бары Матвеевтарбыт. Ыал улахан оҕото буоламмын эргиччи улахан эппиэтинэһи сүгэрбин өйдүүбүн, дьоммунан киэн туттабын. Кинилэр мин олохпор улахан сабыдыаллаахтар.

ОҔО СААС ТУОЛБУТ ЫРАТА

  • Мин, уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаа күүһүгэр-уоҕугар олус итэҕэйэбин. Туох эмит буолаары гыннаҕына, ыарахаттары көрүстэхпинэ, Үрдүк Айыылартан көрдөһөбүн, оччоҕуна барыта түргэнник ааһан, тирээн кэлбит кыһалҕам быһаарыллан хаалбыт курдук буолааччы. Оҕо сылдьан баҕа санаа түсчүтүн оҥорор этим,  араас сурунааллартан кырыйан, быһан-отон, баҕа санааларбын каартаҕа түмэн килиэйдээбитим. Ааспыт сыл ону ылан көрбүтүм, соһуйуом иһин, барыта туолбут: ырыаһыт буолан турабын, наҕараадалдаахпын, дьиэ-уот, массыына, алтыһар дьонум уо.д.а. Өссө биир баҕа санаам – фортепианоҕа оонньооһун, ол сотору кэминэн туоларыгар эрэнэбин... Киһи бэйэтин санаатын күүһүгэр итэҕэйдэҕинэ, барыта туолар эбит диэн түмүккэ кэллим.

ЫРЫА ЭЙГЭТЭ

  •  Ырыаҕа бастакы салайааччым Феврония Дмитриевна Потапова буолар, онтон – Агафья Дмитриевна Петрова. Уһуйааччыларбын олус истиҥник саныыбын, ытыктыыбын, 11 сыл тухары араас  таһымнаах күрэхтэргэ кытыннарбыттара, элбэх ырыаһыты кытта билиһиннэрбиттэрэ, суолбун арыйбыт тыыннаах таҥараларым  буолаллар. Оскуолабын бүтэрбитим кэннэ саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Аркадий Алексеев ыҥырбыта, киниэхэ бэһис сылбын дьарыктанабын, гостуруолга  сылдльабын. Устудьуоннуу киирэн баран Екатерина уонна Алексей Егоровтар салайар “Сэргэлээх сулустара” диэн ХИФУ иһинэн тэриллибит ансаамбылга дьарыктанан саҕалаабытым. Екатерина Борисовна уонна Алексей Васильевич улахан ааттаах-суоллаах артыыстар, мин санаабар, маннык талааннаах, сүдү дьоҥҥо дьарыктанар чиэс уонна бочуот. Манна дьарыктанарбыттан олус үөрэбин уонна устудьуон доҕотторбун дьарыктаныҥ диэн сүбэлиибин.
  • Бэйэҥ ырыа айан холонон көрбүтүҥ дуо?
  • Суох, ырыаны сатаан айбаппын, холонон көрбөтөҕүм даҕаны. Иэйиим киирдэҕинэ, кыралаан хоһоон суруйабын. Билиҥҥи репертуарбар  Ангелина Файрушина, Аскалон Семенов, Гаврил Николаев  ырыалара бааллар. Ырыа этим-хааным, өйүм-санаам нөҥүө аастаҕына эрэ ылынабын. Гостуруолларга сырыттахпына араас элбэх киһи хоһоон, ырыа бөҕөтө бэлэхтиир, испэр киллэрдэхпинэ, ылынабын.
  •  Бэйэҥ ханнык ырыаһыттарга сүгүрүйэҕин, холобур оҥостоҕун?
  • Саха ырыаһыттарын ордоробун. Оттон Арассыыйа эстрадатыттан Алла Пугачеваны уонна Лариса Долинаны, омуктартан Димаш Кудайбергеновы истэбин. Кинилэр ыллыыр ураты куоластарыгар, талааннарыгар сүгүрүйэбин.

ҮРДЭЛ-2019

  • Бары билэргит курдук, саха тэлэбидиэнньэтэ  алтыс сылын тэрийэн ыытар,”Үрдэл”национальнай музыкальнай бириэмийэтэ элбэх саҥа тахсан эрэр ырыаһыкка тирэх уонна кынат буолла. Бу манна кыттар - миэхэ үс төгүл долгутуулаах. Былырыыҥҥы күрэскэ ,,Бастыҥ эдэр ырыаһыт" номинацияҕа кыайан, биир сыл устата айар үлэбэр үгүс элбэҕи арыйан, айан-тутан кэллим. Биир төгүрүк сыл устата үүммүт-сайдыбыт бэлиэбин кэрэһилээн, бу күрэххэ Христофор Саввинов тылыгар уонна матыыбыгар «Ахтылҕаным” диэн ырыанан финалга киирбитим. Түгэнинэн туһанан миэхэ куоластаабыт дьоммор улахан МАХТАЛ!

УОЛ ОҔО АЙЫЛҔАҔА ЧУГАС БУОЛАР

     — Булка сыһыаныҥ хайдаҕый?

  • Саха киһитэ буоларым быһыытынан, булду сөбүлүүбүн. Ол эрээри саас буолла эрэ кустуу барар саха буолбатахпын. Уопсайынан, айылҕаҕа сынньанарбын, сылдьарбын ордоробун.
  • Олоххо тутуһар санааҥ?
  • Мин олоххо тутуһар санаам — чөл олох. Ол чөл олоҕу тутуһуу диэн, спордунан дьарыктаныы, аһыы утаҕы, табааҕы утарыы эрэ буолбатах. Чөл олох диэн ис-иһиттэн чөл санаалаах, сайдыылаах, инникигэ эрэллээх буолуу дии саныыбын. Онон мин бу тутуһар санаам ыччакка, улаатан эрэр оҕолорго үтүө холобур буолуохтаах диэн санаанан салайтарабын.
  • Билигин туох бырайыактааххыный? Инники былааныҥ?
  • Билигин өссө да эдэрбин, дьоҥҥо-сэргэҕэ, норуокка  бэйэбин көрдөрөн иһиэхтээхпин. Саҥа ырыалары таһаара сылдьабын, үлэлээн-хамнаан, баҕар, аҕыйах сылынан кэнсиэр тэрийэр баҕалаахпын.
  • Ырыа куттаах эдэр киһи айар үлэтигэр, дьиэ кэргэнигэр ситиһиилэри баҕарабыт!

СЭМСЭ ТЫЛ

Мария Кычкина, Кирилл Матвеев сүгүрүйээччитэ:

— Үбүлүөйбэр Кирилл Матвеев кэлэн ырыа бэлэхтээбитин олус сөбүлээбитим. Саҥата-иҥэтэ чуолкайа, улахана, тутта-хапта сылдьара, тас көстүүтэ, таҥаһа-саба кыраһыабайа  – ураты таһым. Эдэр ырыаһыт айдарыллан да кэлбит диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Куолаһа олус мааны, этэргэ дылы, Муслим Магомаев бэйэтинэн ыллаан эрэрин курдук. Кирилга айымньылаах үлэтэ инникитин үрдүктүк сыаналанарыгар, истээччи, көрөөччү биһирэбилин ыла турарыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Дьон | 30.08.2024 | 10:00
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)