Ырыа куттаах Луҥха Өлөксөй
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Ю.С. Куприянов 229-ОД №-дээх бирикээһигэр олоҕуран, бүгүн, ыам ыйын 21 күнүгэр, СӨ мелодистарын Ассоциацията тэриллибитэ 30 сылынан Ырыа күнэ онлайн көрүҥүнэн ыытыллар.
Саха сиригэр аан бастакынан ырыа күнүн ыытарга этии киллэрбит, көҕүлээбит киһинэн мелодист-композитор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Кэбээйи улууһун бочуоттаах гражданина, «Дьүһүй», «Сайдыы» кулууптар салайааччыта Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха Өлөксөй буолар.
Алексей Калининскай уоттаах сэрии кэнниттэн ыраах Кэбээйи улууһугар төрөөн-үөскээн, киһи-хара буолан, бастаан Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены, онтон Улан-Удэ куоракка култуура институтун бүтэрбитэ.
Луҥха Өлөксөй норуокка биллэр, уостан түспэт ырыалардаах. Кини айымньыларын араас кэмҥэ биллиилээх ырыаһыттар Нина Чигирева, Айталина Адамова, Марина Силина, Анна Дьячковская, Борис Алексеев, Прокопий Неустроев, Владимир Заболоцкий, Раиса Захарова, Сахая толорбуттара.
Идэтийбит ырыаһыттары сэргэ, Луҥха Өлөксөй ырыаларын уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара ыллыыллар. Олортон биир чаҕылхайдарынан бас-баритон Николай Спиридонов буолар. Эр дьон хора (уус-уран салайааччы В. Жирков) «Патриотическай тиэмэҕэ сюита» дьон биһирэбилин ылыан ылбыта. Ону сэргэ Кэбээйи улууһун «Сата» эр дьон вокальнай секстетэ Луҥха ырыаларын иэйиилээхтик толорор.
Талааннаах мелодист үлэтин өссө биир ситиһиитинэн Христофор Горохов-Элгэстэй уонна Владимир Жирков тылларыгар муусука суруйан, Дьокуускай куорат гимнин айбыта буолар.
Бүгүҥҥү Ырыа күнүгэр видеонан кэнсиэргэ Алексей Калининскай муусукатыгар «Ырыа күнэ», «Саргыбыт сайыннын» уо.д.а. ырыалара ылланыахтара.
Ырыа күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Луҥха Өлөксөйгө өссө да кэрэ, алыптаах муусуканы айан, дьонун-сэргэтин үөрэ турарыгар баҕарабыт.